«Мин улуустарга элбэхтэ сылдьабын, ол иһигэр Уус Алдаҥҥа эмиэ. Эһиги улуускут сайдыбытын киһи тута болҕомтоҕо ылар. Бу, бастатан туран, нэһилиэнньэ түмсүүтэ уонна сөптөөх салайыныы», — диэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай олунньу 6 күнүгэр буолбут отчуот кэмигэр эттэ.
2017 сыллаахха Бороҕоҥҥо, Оҕуруоттаахха, Майаҕаска дьыссааттар, Дүпсүҥҥэ Күлүмнүүр уһаайбатыгар духуобунас киинэ, Бээрийэҕэ 4 кыбартыыралаах эдэр исписэлиистэр олорор дьиэлэрэ, Кэптэнигэ саҥа хочуолунай тутуллан үлэҕэ киллэриллибиттэрэ.
«Нэһилиэнньэ уонна салалта биир сыаллаах үлэлиир буоллаҕына ситиһии баар буолар. Ол эһиги бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр ыйытыыларгытыгар, этиилэргитигэр да көстөр. Өскөтүн урукку кэмҥэ тус сыаллаах боппуруостар элбэхтик киирэр буоллахтарына, билигин чуо-бааччы нэһилиэк, улуус сайдыытыгар анаммыт кэпсэтиилэр буолаллар«, — диэн бэлиэтээтэ салайааччы.
Санатар эбит буоллахха, Уус Алдан улууһугар бырабыыталыстыба отчуота олунньу 6-8 күннэригэр, бары нэһилиэги хабан туран, ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: