"Барыбыт кыһалҕабыт": Көҥүлэ суох дьону тиэйии-таһыы өҥөтө төрдүттэн сыыһа

17:43, 11 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

«Улуус олоҕо» анал бырайыак чэрчитинэн, ый аайы «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар тиэмэҕэ быһа эфиргэ кэпсэтэбит. «Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр “Көҥүлэ суох дьону таһыы” онлайн-биэрии ахсынньы 21 күнүгэр ыытыллыбыта. «Саха сирэ» уонна «Амма олоҕо» хаһыаттар суруналыыстара ыйытыыларын биэрдилэр.


«Кыһыҥҥы суол арыллан кэлии-барыы элбээтэ. Дьон такси өҥөтүн туһанара үксээтэ. Хомойуох иһин, көҥүлэ суох таксист олус элбэх. Ити кыһалҕа туһунан кэпсэтээри төгүрүк остуолга муһуннубут» — диэн «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, ыытааччы Анивера Акимова кэпсэтиини саҕалаата.

СӨ ГИБДД-тын салайааччытын солбуйааччы Александр Оросин төһө элбэх саахал тахсарын, көҥүлэ суох таксистар тустарынан сиһилии кэпсээтэ:

— 2011 сыллаахха госдумаҕа «Такси туһунан» 69-с нүөмэрдээх сокуон ылыллыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу сокуон 2012 сыллаахха киирбитэ. Бу сокуоҥҥа такси хайдах үлэлиэхтээҕэ, таксистан туох ирдэнэрэ суруллубута. Аһаҕастык эттэххэ, бу сокуон элбэх итэҕэстээх. Сокуон ис хоһоонунан, таксилыан баҕарар киһи нолуок сулууспатыгар бэлиэтэнэр уонна «Мои документыттан» көҥүл ылар. Массыынатын туругун ким да бэрэбиэркэлээбэт. 69-с сокуоҥҥа ити балаһыанньа суруллубатах. Бэйэм бэлиэтиирбинэн, үгүс таксистар массыыналара дьону таһарга эппиэттээбэт. Таһыгар иилиллэр бэлиэлэрин ким да көрөр, хонтуруоллуур бырааба суох. Биһиги, ГИБДД үлэһиттэрэ, төһө кыалларынан хонтуруол ыытабыт. Ол эрэн, кыһалҕаны толору бэйэбит илиибитигэр ыларбытыгар боломуочуйабыт тиийбэт. Улуус икки ардыгар сүрүннээн «Д» категориялаах суоппардар таксилыыллар. Кинилэр 8-тан элбэх киһини тиэйэр бырааптаахтар. Кинилэр эмиэ улахан хонтуруола суох үлэлииллэр. Аны туран, билигин көҥүллээх таксистарга ирдэбил олус кытаанах. Туох баар докумуону ситиһэн таксист быһыытынан бэлиэтэммит суоппардар кэтэбилгэ-манабылга сылдьаллар. Кинилэри 50 тыһ. солк тиийэ ыстарааптыахтарын сөп. Оттон көҥүлэ суох таксистарга 500 солкуобайтан саҕалаан 1500 солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр. Ол иһин кэнники сылларга көҥүллээх такси олус аҕыйаата. Үөһэ этиллибит сокуонунан көҥүлэ суох таксилыыр быдан барыстаах курдук буолан хаалла. Маннык кыһалҕа бүтүн Арассыыйа үрдүнэн турар. Аны бырагыраама суруйан телефоҥҥа сыһыарыы оҥороллор. Бу дьон такси өҥөтүнэн дьарыгырбаттар. Кинилэр өҥөлөрө — сыһыарыы эрэ. Ким баҕарар хачыайдаан туһанар бырааптаах. Ону бобор кыах суох.

Техника туруктарын кэтээн көрөр управление салайааччытын солбуйааччы Егор Егоров бэйэтин санаатын эттэ:

— 2016 сыл балаҕан ыйыттан биһиги тэрилтэбит көҥүллээх таксистары хонтуруоллуур. Таксилыыр көҥүлү Горькай уулуссатын 100 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар такси отдела биэрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ-гэр 6802 көҥүллээх такси баарыттан 6744-дэ үлэлиир. Коллегам эппитин курдук, 69-с сокуоҥҥа олоҕуран, биһиги таксистар массыыналарын туругун бэрэбиэркэлиир уонна хонтуруоллуур кыахпыт суох. Ол оннугар, 294-с сокуонунан биһиги ГИБДД үлэһиттэрин кытта рейдэҕэ тахсан бэрэбиэркэ үлэтин ыытабыт. 2017 сыл түмүгүнэн, 255 рейдэ оҥоһулунна, 347 тыһ. солк ыстыраап сурулунна уонна 61 матарыйаал суукка бэрилиннэ.

Судаарыстыбаннай суолу кэтээн көрүүгэ Илин-Сибиирдээҕи управление салайааччытын солбуйааччы Николай Шадрин үлэтин туһунан кэпсээтэ:

— Биһиги сулууспабыт 8 миэстэттэн элбэх миэстэлээх массыыналарга уонна оптуобустарга көҥүл биэрэр. 2011 сылга диэри биһиги таксины эмиэ хонтуруоллуур этибит. Оттон 69-с сокуон тахсыбытын кэнниттэн регионнарга боломуочуйаны биэрбиттэрэ. Ол кэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга министиэристибэтэ дьарыктанар буолбута. Ол эрэн, кинилэр толору үлэни ыыталларыгар дьонноро тиийбэтэ уонна иниспиэктэрдэрэ суоҕа күүстээх охсууну оҥорбута. Таксины олох да бэрэбиэркэлээбэт этилэр. Таах көҥүл эрэ биэрэллэрэ. Кэлин биһиэхэ бу боломуочуйаны биэрбиттэрэ, онон таксилары хонтуруоллуур үлэ баран эрэр.

Сүрүн ыалдьыттарынан көҥүллээх таксистар буоллулар. Кэпсэтиибит сүрүн кыһалҕатын кинилэр билэллэрэ чахчы. Кинилэр бэйэлэрин санааларын эмиэ быһа эфиргэ этэрдии кэлбиттэр.

Валерий Степанов, «Дабаан» такси сулууспатын салайааччыта:

Биһиги сулууспабытын 2006 сыллаахха тэриммиппит. Туох баар сокуону барытын тутуһабыт. Массыыналарбыт уонна суоппардарбыт күн аайы айан иннинээҕи уонна медицинскэй хонтуруол ааһаллар. Мин санаабар 69-с сокуон чиэһинэйдик үлэлиир таксистары утары үлэлиир сокуон. Ити сокуонтан сылтаан элбэх урбаанньыт үлэтин тохтоппута. 2012 сыл иннинэ Дьокуускай куорат иһигэр 40-ча такси сулууспата үлэлиир буоллаҕына, билигин 9 эрэ сулууспа хаалла. Бу көрдөрүү 69-с сокуон туһата суоҕун туоһулуур. Судаарыстыбатааҕы таһымҥа такси үлэтин кыайан наардаабат. Хата төттөрүтүн нолуогу төлөөбөт, сокуону тутуспат дьону өйүүр курдук. ГИБДД үлэһиттэрэ нолуогабайга бэлиэтэммит таксистары куруук манаан-кэтээн тахсаллар. Кинилэр көҥүлэ суох дьону таһар суоппардары ыгар кыахтара суох. Тоҕо диэтэр, 69-с сокуонунан, ити дьон таксистар буолбатахтар. Сокуон ГИБДД үлэһиттэригэр дьиҥ туһалаах үлэни ыыталларын көҥүллээбэт.

Александр Ксенофонтов, «Рикша» сулууспа коммерческэй дириэктэрэ:

Мин урбаанынан дьарыктаммытым 12 сыл буолла. «Рикша» таксины салайбытым 10-с сыла. Кэлин «Индрайвер», «Максим» уонна «Нон-Стоп» сыһыарыылар сайданнар куорат иһигэр сылдьар таксиларбын тохтоппутум. Билигин улуустар, куораттар икки ардыларынан дьону таһар уонна таһаҕаһы таһар өҥөнү оҥоробун. Туох баар массыынам бары көҥүллээх, үчүгэй туруктаах. Суоппардарбын, диспетчердарбын бэрэбиэркэлиибин. 69-с сокуоҥҥа суруллубутун курдук, сарсыарда массыына үлэлии тахсарыгар «путевой лист» толотторобун. Судургутук эттэххэ массыына уонна суоппар туругун бэрэбиэркэлиибин. Оттон ити багажникка көҥүл көрдөөннөр айанньыт уонна суоппар икки ардыгар утарсыыны таһааран эрэллэр. Улууска эбэтэр атын куоракка барар дьон элбэх маллаах буолаллар. Эбиитин ыксыыллар. Оттон суоппар таһаҕаска көҥүл ыларыгар биир икки чааһын онно сүтэрэр. Бэйэҕит билэҕит, таһаҕаһы массыына иһигэр угар кыаллыбат. 69-с сокуон таксистары эрэ утары буолбакка, айанньыттарга эмиэ ыарахаттары үөскэтэр. Багажник иилиммит суоппар элбэх харчыны төлүүр. Онтун боруостаары сыананы үрдэтэр. Айанньыт ону сөбүлээбэт. Итинтэн сылтаан атааннаһы тахсар. Мэһэйи эрэ үөскэтэр сокуон диир кыахтаахпын.

Байдам Мардьа Марха Уола, урбаанньыт, «Эҥсиэли такси» салайааччыта:

— Мин дьону таһыынан 2001 сыллаахтан дьарыктанабын. Көҥүлэ суох таксилыыр дьон элбэхтэ кыһалҕа үөскэтэ сылдьыбыттара. Кинилэр эппиэтинэс диэн тыл суолтатын өйдөөбөттөр. Таксинан дьарыгырар буоллаххына улахан эппиэтинэһи ылынаҕын. Тиэйэн иһэр дьонуҥ олохторун, доруобуйаларын туһугар эппиэттиигин. Айанньыттар харчы төлүүллэр, таксист өҥө оҥорор. Таксист диэн харчы эккирэтээччи буолбатах. Биһи курдук тэриллиилээх таксистар сыананы бэйэлэрэ олохтууллар. Төһө да бензин сыаната үрдээбитин иһин, Намҥа диэри бырайыас 300 солкуобай буолбута 7-ис сыла. Намҥа сүрүннээн «Индрайвер» сыһыарыынан дьону таһаллар. Биһиги кинилэри дьону таспатыннар диэбэппит. Кинилэр эмиэ дьиэ кэргэннээхтэр, кирэдьииттээхтэрэ буолуо. Олох оннукка үтүрүйэр. Ол эрэн, сокуону тутуһан, нолуок төлүү сылдьар суоппардар үтүрүйүллэн хааллыбыт. Индрайверынан бэҕэһээ быраабын ылбыт оҕо таксилыы барыан сөп курдук. Туох даҕаны уопута суох оҕо дьону таһара олус кутталлаах. Ити кыһалҕаны быһаартараары биһиги элбэх суругу ГАИ-ларга, дьокутааттарга уонна прокуратураҕа суруйбуппут. Кинилэр көмөлөһөөччүлэрэ бу боппуруоһу кыайан быһаарбаппыт диэччилэр. «Индрайвер диэн сыһыарыы, ким баҕарар туттар кыахтаах, ону бобор сокуон суох» — дииллэр.

Александра Антоева, пассажир:

— Мин Майаттан сотору-сотору Дьокуускайга таксиларынан айанныыбын. Индрайверынан да такси сулууспаларынан да туһанабын. Араас суоппардар түбэһээччилэр. ГАИ үлэһитэ тохтоттоҕуна, такси буолбатах диэриҥ диэччилэр кытта бааллар. Манна киһи сабыдыала улахан оруолу оонньуур. Ол аата суоппар дьон олоҕун туһугар эппиэтинэһи өйдүөхтээх. Оттон пассажир суоппар быраабыланы тутуһарын ирдиэхтээх.

Дьону таһар улахан эппиэтинэс диэни хас биирдии суоппар өйдүөх тустаах. Таксистар, ГИБДД, такси үлэтин хонтуруоллуур органнар үлэһиттэрэ эппиттэрин курдук, 69-с федеральнайдааҕы сокуон олус элбэх мэһэйи оҥорор эбит. Суол быһылаана, саахал тахсарын тохтоторго элбэх үлэ ыытыллыан наада. Хас биирдии суоппар сөптөөх өйү-санааны ылыныа диэн эрэнэр сатаммат. Көҥүлэ суох дьону таһыы боппуруоһун дьокутааттар сөптөөх сокуон ылынан быһаарар кыахтаахтар.

Кэпсэтиигэ Судаарыстыбаннай суолу кэтээн көрүүгэ Илин-Сибиирдээҕи управление салайааччытын солбуйааччы Николай Шадрин, СӨ ГИБДД-тын салайааччытын солбуйааччы Александр Оросин, техника туругун кэтээн көрөр управление салайааччытын солбуйааччы Егор Егоров, эмиэ бу управление судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Анна Осипова, «Дабаан» такси сулууспатын салайааччыта Валерий Степанов, «Рикша» сулууспа коммерческай дириэктэрэ Александр Ксенофонтов, урбаанньыт Байдам Мардьа Марха Уола, пассажирдар ааттарыттан Александра Антоева кыттыыны ыллылар. Маны таһынан «Амма олоҕо» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Бубякина уонна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Василий Никифоров, Николай Попов кытыннылар. Кэпсэтиини «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
8 декабря 08.12
  • -30°
  • $ 99,42
  • 106,3

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: