Тыа сирин үлэһиттэрин сылын чэрчитинэн ааспыт үлэ нэдиэлэтин түмүктүү «Сунтаар улууһун Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» диэн ааттаах улуустааҕы күрэх буолан ааста. Манна ОДьКХ 18 үлэһитэ кытынна.
Кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэрэн баран, хас даҕаны түһүмэҕинэн идэлэринэн таһымнарын, билиилэрин, сатабылларын тургуттулар. Холобур, теплотрасса задвижкатын бэриллибит бириэмэҕэ ыһан баран хос таҥнылар. Онтон чааһынай дьиэҕэ толору хааччыллыыны киллэрэргэ төһө матырыйаал ороскуоттанарын, хайдах тардылларын бырайыактааһыыҥҥа күрэхтэстилэр.
Күрэхтэһээччилэр бары даҕаны бэйэлэрин үлэлэригэр бэриниилээх дьон буолан, бииртэн биир түһүмэҕи арыый даҕаны чэпчэкитик аастылар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Кириэстээх учаастагын маастара Н.Н.Максимов үһүс, иккис миэстэ Күүкэй маастара Р.А.Колесов буоллулар.
Онтон күрэх кыайыылааҕар А.А.Васильевка улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Н.П.Александров 50 тыһ. солкуобай суумалаах сертификат туттарда.
Александр Васильев ОДьКХ-ҕа 2013 сылтан үлэлиир. Үһүс, алтыс, ахсыс уонна онус нүөмэрдээх Сунтаар улууһун саамай улахан хочуолунайдарын маастара, тэрилтэ биир тутаах үлэһитэ.
До финала сенсационно добрался Таттинский улус
Пожарными эвакуировано 30 человек, из них 10 детей
Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность