Бу күннэргэ уу суолунан тыа сиригэр олус туһалаах “Беларусь” тыраахтыр Сииктээх нэһилиэгэр кэллэ. Көлөнү нэһилиэк дьаһалтата аукцион ыытан, быйыл атыыласта. Онон олохтоохтор саамай тыын боппуруостарын, сүрүн кыһалҕаларын быһаарар олус наадалаах тиэхиникэнэн толору туһаныахтара.
Кыахтаах тырааныспарга эбии аныгылыы тииптээх бырысыап уонна көтөҕөр хомуос киирсэрин нэһилиэк баһылыга Рая Кривошапкина этэр. Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа тыраахтыр Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын бастакы чыыһылаларыгар Барнаул куораттан кэлбит.
“Дьаһалта быйыл саас былааннаабыт соругун бу күннэргэ толору оҥордо. Биһиги нэһилиэкпитигэр тыраахтыр сыала-соруга – буор таһыытыгар, кыһыҥҥы, сайыҥҥы өттүгэр муус, уу тиэйиитигэр үлэлээн, олохтоохтор үлэлэрин хас да бүк чэпчэтиэ. Ону таһынан, инники сылларга нэһилиэнньэ саҥа дьиэ туттарыгар, дьиэлэрин таһын тупсарынарыгар улахан көмөлөөх буолуоҕа.
Саамай үчүгэйэ диэн, тыраахтарбыт биһиги сымнаҕас сирбитигэр, суолбутугар-ииспитигэр эппиэттэһэр. Онон мантан инньэ ыарахан үлэлэри кыайа-хото тутуо этибит. Бөһүөлэккэ олус наадалаах тэрил ылбыппытыттан олус үөрэбит. Чуолаан бөһүөлэк олохтоохторугар үлэлии кэлэр буоллаҕа.
Нэһилиэкпит инники сайдыытыгар элбэх үлэ ыытыллара баһылыктан олус тутулуктаах. Билигин култуурунай-сынньанар киин тутуутун эһиилги дьылга саҕалыыры былааннаан олоробут. Ол курдук бары матырыйаала барыта кэлэн турар. Ол да буоллар, үлэ өссө да тиһэҕэр тиэрдиллэ илик, алтынньы ыйга киин сиргэ бардахпына, барыта толору быһаарылларыгар үлэлэһиэхпит. Аны туран, нэһилиэкпитигэр саҥа биисинэс арынар, тэринэр баҕалаах дьоҥҥо анаан дьиэ туттарар санаалаахпыт. Бу сорук туоллаҕына, олохтоохтор биисинэстэрин арынан Сииктээххэ бэйэ оҥорон таһаарыыта баар буолуо. Холобура быйыл нэһилиэкпитигэр Марина Егоровна Моченкова кэлэн, киһи күннээҕи олоҕор олус наадалаах килиэп оҥорон таһаарар пекарня арынна. Ол курдук кини бастакы оҥорон таһаарбыт килиэбин балаҕан ыйын 22 күнүгэр бэрэбиэркэҕэ уонна боруобаҕа диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ амсатта. Онон, маннык саҕалааһыннар инникитин салҕыы сайдалларыгар нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтэ көмө-тирэх буолаары, дьон бэйэ дьыалатын саҕалыылларыгар чэпчэки буоллун диэн дьиэ-уот тутаары былааҥҥа киллэрдэ.
Быйыл былааннаабыппыт курдук, дьон сынньанар пааркатын, ыһыахтыыр сирин тутуута түмүктэнэн олоххо киирдэ. Бу күннэргэ пааркабытыгар тахсаммыт субуотунньук тэрийиэхпит, быстах-остох үлэлэри ситэрэн биэриэхпит.
Сахабыт сиригэр күһүҥҥү хараҥа күннэр турдулар. Уулуссаларбытын сырдатыы өттүгэр киирдэххэ, эрдэ бөһүөлэги сырдатан турбут боростуой лаампалары энергияны харыстыыр уокка уларыттыбыт”, – диэн нэһилиэк туһунан Рая Михайловна кэпсээтэ.
Штаб оказывает различные виды помощи участникам СВО — доставляет гуманитарный груз и адресные посылки
Читаем и настраиваемся на позитивный день
Второе место заняли верхневилюйцы
В доме дружбы народов им. А. Е. Кулаковского состоялся III Республиканский "ЭтноМедиаФорум", на котором прошла…
Участниками этого сложного похода стали преимущественно женщины
В историческом парке идет создание обширной экспозиции, посвященной специальной военной операции и её героям