Сииктээххэ олохтоох нэһилиэнньэ туһанарыгар саҥа “Беларусь” тыраахтыр кэллэ

15:24, 27 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Бу күннэргэ уу суолунан тыа си­ри­гэр олус туһалаах “Беларусь” тыраах­тыр Сииктээх нэһилиэгэр кэллэ. Көлөнү нэһилиэк дьаһал­тата аукцион ыытан, быйыл атыыласта. Онон олохтоохтор саамай тыын боп­пуруостарын, сүрүн кыһалҕала­рын быһаарар олус наадалаах тиэхиникэнэн толору туһаныахтара. 


Кыахтаах тырааныспарга эбии аны­гылыы тииптээх бырысыап уонна көтөҕөр хомуос киирсэрин нэ­һилиэк баһылыга Рая Кривошапкина этэр. Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа тыраахтыр Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын бастакы чыыһылаларыгар Барнаул куораттан кэлбит.

Дьаһалта быйыл саас былааннаабыт соругун бу күннэргэ толору оҥордо. Биһиги нэһилиэкпитигэр тыраахтыр сыала-со­руга – буор таһыытыгар, кыһыҥҥы, сайыҥҥы өттүгэр муус, уу тиэйиитигэр үлэлээн, олохтоохтор үлэлэрин хас да бүк чэпчэтиэ. Ону таһынан, инники сылларга нэһилиэнньэ саҥа дьиэ туттарыгар, дьиэлэрин таһын тупсарынарыгар улахан көмөлөөх буолуоҕа.

Саамай үчүгэйэ диэн, тыраахтарбыт биһиги сымнаҕас сирбитигэр, суолбуту­гар-ииспитигэр эппиэттэһэр. Онон мантан инньэ ыарахан үлэлэри кыайа-хото тутуо этибит. Бөһүөлэккэ олус наадалаах тэрил ылбыппытыттан олус үөрэбит. Чуолаан бөһүөлэк олохтоох­торугар үлэлии кэлэр буоллаҕа.

Нэ­һилиэкпит инники сайдыытыгар эл­бэх үлэ ыытыллара баһылыктан олус тутулуктаах. Билигин кул­туурунай-сынньанар киин тутуутун эһиилги дьылга саҕалыыры былааннаан олоробут. Ол курдук бары матырыйаала барыта кэлэн турар. Ол да буоллар, үлэ өссө да тиһэҕэр тиэрдиллэ илик, алтынньы ыйга киин сиргэ бардахпына, барыта толору быһаарылларыгар үлэлэһиэхпит. Аны ту­ран, нэһилиэкпитигэр саҥа биисинэс арынар, тэринэр баҕалаах дьоҥҥо анаан дьиэ туттарар санаалаахпыт. Бу сорук туоллаҕына, олохтоохтор бииси­нэстэрин арынан Сииктээххэ бэйэ оҥорон таһаарыыта баар буолуо. Холо­бура быйыл нэһилиэкпитигэр Марина Егоровна Моченкова кэлэн, киһи күннээҕи олоҕор олус наадалаах килиэп оҥорон таһаарар пекарня арынна. Ол курдук кини бастакы оҥорон таһаарбыт килиэбин балаҕан ыйын 22 күнүгэр бэрэбиэркэҕэ уонна боруобаҕа диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ амсатта. Онон, маннык саҕалааһыннар инникитин салҕыы сайдалларыгар нэ­һилиэк дьаһалтатын дьиэтэ көмө-ти­рэх буолаары, дьон бэйэ дьыалатын саҕа­лыылларыгар чэпчэки буоллун диэн дьиэ-уот тутаары былааҥҥа киллэрдэ.

Быйыл былааннаабыппыт курдук, дьон сынньанар пааркатын, ыһыахтыыр сирин тутуута түмүктэнэн олоххо киирдэ. Бу күннэргэ пааркабытыгар тахсаммыт субуотунньук тэрийиэхпит, быстах-ос­тох үлэлэри ситэрэн биэриэхпит.
Сахабыт сиригэр күһүҥҥү хараҥа күннэр турдулар. Уулуссаларбытын сыр­датыы өттүгэр киирдэххэ, эрдэ бөһүө­лэги сырдатан турбут боростуой лаампалары энергияны харыстыыр уокка уларыттыбыт”, – диэн нэһилиэк туһунан Рая Михайловна кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
14 декабря 14.12
  • -34°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: