Саха аатырбыт асчыта Тарбаахап Анаабырга маастар-кылаас ыытта

12:20, 03 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

«Саха ас» общественнай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Тарбахов бэйэтин хамаандатын кытта  Анаабыр улууһугар сырытта. Оскуола оҕолорун, дьону-сэргэни кытта көрүстэ, авторскай бүлүүдэлэри астааһыҥҥа маастар-кылаастары тэрийэн ыытта, рецептээх кинигэтин презентациялаата. Кини хотугу норуоттар астарын-үөллэрин чинчийэрин иһитиннэрдэ. 


«Оскуолаҕа буолбут маастар-кылаастарга олохтоох астан-үөлтэн, туох да сиэдэрэйэ суох боростуой рецептэринэн ус аһы астаабыппытын оҕолор кэрэхсии көрдүлэр. Ол курдук, туох да уустуга суох хатарба тиэстэтин оҕустум. Ол хатарбаттан «Кыстыбый» диэн татаар норуотун национальнай астарын уонна саха харбатыгар салаат суулааммын мексиканскай «Такос» оҥорон оҕолорго амсатан көрдөрбүппүн олус биһирээтилэр, дьиэбитигэр хайаан да оҥостуохпут диэтилэр. Салгыы улуустааҕы библиотекаҕа ааҕааччылары кытта көрүстүбүт. Онно «Саха көмүс рецептэрэ» кинигэ презентациятын ыыттыбыт уонна онно кэлбит дьоҥҥо кинигэҕэ киирбит астары астаан кыратык дегустация ыыттыбыт«, — диэн Иннокентий Тарбахов Анаабырга сырыытыттан кэпсээтэ.

Тарбаахап хамаандатын кытта аһы чинчийэр үлэнэн миэстэтигэр дьарыктаммыттар. Түөрт ыалга сылдьыбыттар. Олохтоох эбэҥкилэр, долгааннар астарын үөрэппиттэр, хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Сааскылаахха отучча дьиэ хаһаайката биллиилээх асчыттан сүбэ-ама ылбыттар, астыыр ньымалары ырыппыттар. Таба, хаас, куобах этиттэн, балыктан, таба иһиттэн сиэдэрэйдик остуолга уурарга туох астанарын үөрэттилэр. «Биһиги хаас буһарарбытыгар саамай сатыырбыт диэн сэлиэй эбэтэр лапса эбэбит. Онтон Иннокентий Иннокентьевич көтөрү араас соуска, маринадка буккуйан минньигэс амтаннаах гына буһарар», — диэн дьахталлар санааларын үллэһиннилэр.

Асчыт балыктаах пирог тиэстэтин оҥорору, Азербайджаҥҥа саамай сөбүлээн оҥорор «Дархан» пловтарын астаан көрдөрдө.

Иннокентий Тарбахов бу сырыытын кэмигэр олохтоох оскуола, дьыссаат, гостиница повардарыгар разрядтарын үрдэтэр экзамен тутта. Үгүстэрин хайҕаата. «Хаба тардан өйдүүр, барытын ылынан иһэллэр, маастар-кылаас ыытарга көмөлөһөннөр барыта үрдүк таһымҥа ааста. Кинилэргэ махталбын тиэрдэбин. Дастабырыанньалары туттардым. Онон тэрилтэлэр салайааччылара повардар хамнастарын бирикээс таһааран үрдэтиэхтээхтэр», — диэтэ кини.

«Саха ас» региональнай общественнай түмсүү толороооччу директора, «Саха көмүс рецептэрэ» кинигэ таҥааччыта Светлана Львова санаатын эттэ: «Биһиги үүнэр көлүөнэни үөрэтэргэ уонна профориентационнай идэни таба таларга көмө буоларга быйыл грант ылбыппыт. Ол чэрчитинэн Анаабырга сырыттыбыт. Олус тэрээһиннээхтик ааста, сыалбытын-сорукпутун ситтибит. Н.Е. Андросов аатынан аһы-үөлү астаан таһаарар сыахха сылдьан таба этиттэн, балыктан переработканы көрдүбүт-иһиттибит. Бу сырыыбытыгар олохтоохтору даҕаны, бэйэбит даҕаны доруобай, олохтоох аһы сатаан астыырга уонна минньигэстик аһыырга үөрэттибит, үөрэннибит».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
11 декабря 11.12
  • -40°
  • $ 100,03
  • 106,2

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: