Үөһээ Бүлүүгэ ыччат баалыгар сыл бастыҥнарын быһаардылар

18:06, 22 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Үөһээ Бүлүү улууһугар оройуоннааҕы культура дьиэтигэр ааспыт сылы түмүктүүр Ыччат баала үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста. Ааспыт сыл СӨ үрдүнэн Ыччат сыла биллэриллэн, улууска элбэх үлэ ыытылынна, сыал-сорук ситиһилиннэ. 


Саха ыччатыгар саамай умнуллубат түгэнинэн Сочига ыытыллыбыт фестивал буолар. Манна биһиги улуустан ыччат отделын лидерэ Прасковья Тимофеева кыттан кэлбитэ. Кини салалтатынан улууспутугар элбэх тэрээһин ыытылынна. Аан маҥнайгытын Бүлүү бөлөх ыччата бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ, бу, биллэн турар, кэскиллээх суол. Мантан сиэттэрэн, түөрт Бүлүү бөлөх лидердэрэ бииргэ түмсэн араас тэрээһиннэри ыыппыттара, өссө күүскэ үлэлииргэ былааннаммыттара.

Быйылгы Ыччат баалыгар Ньурбаттан, Сунтаартан, Бүлүүттэн эдэр ыччат кэлэн кыттыбыттара олус соһуччу буолла. Ону таһынан, Дьокуускай куораттан талааннаах эдэр ырыаһыттар Николай Новгородов, биир дойдулаахпыт Харысхан Мойтохонов, Алексей Филиппов, Krolik Bro, Мирослав Михалев ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.

Ыччат баалын лидер Прасковья Тимофеева арыйда, кини ааспыт сыл үтүө түмүктэрин ахтан-санаан ааста. Биллэн турар, 2017 сыл биһиэхэ, үөһээ бүлүүлэргэ, ХХ-с Манчаары оонньууларын кытары ситимнэнэр. Ол иһин, Манчаары фондатын директора Василий Ченохов спартакиадаҕа күүс-көмө буолбут волонтердарга махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

Салгыы Прасковья Тимофеева бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, нэһилиэк ыччатын лидердэригэр махтал суруктарын тутартаата. Өссө да бииргэ үлэлиэххэйиҥ, түмсүүлээх буолуоххайыҥ диэн ыҥырда.

Ыччат баалын кэтэһиилээх түгэнинэн анал ааттары иҥэрии буолла. Анал ааттары улуус баһылыгын солбуйааччыта Люция Тойтонова туттартаата:

«Бастыҥ эдэр ыччат» анал ааты Мэйик нэһилиэгиттэн Айаал Андреев;

«Бастыҥ эдэр учуутал» — «Учитель Западной Якутии» куонкурус үһүс миэстэлээҕэ, «Надежда Якутии» бэлиэ хаһаайката Мария Захарова;

«Бастыҥ үрүҥ халааттаах аанньал» — улуустааҕы сэллиги эмтиир балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччыта, общественник, чөл олоҕу пропагандалааччы Спартак Антонов;

«Бастыҥ спортсмен» — Бычырдаан оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа Павел Терентьев;

«Бастыҥ ыччат салайааччыта» – Нам нэһилиэгин ыччатын лидерэ, араас маастар-кылаастары тэрийэр, саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэр Татьяна Арбыкина;

«Бастыҥ эдэр урбаанньыт» – Нам нэһилиэгиттэн Гаврил Спиридонов. Кини Харбалаах, Өргүөт балыыһаларыгар капитальнай өрөмүөн оҥордо, Ороһу нэһилиэгэр оҕо оонньуур былаһааккалаах Кыайыы болуоссатын уонна скверы, Харбалаах нэһилиэгэр оҕо онньуур былаһааккатын, Боотулуу нэһилиэгэр спортивнай былаһаакканы туттарда.

«Бастыҥ көхтөөх ыччат» — Хоро нэһилиэгиттэн Ньургуйаана Чурукова. Кини ааспыт сылга мас тардыһыытын күрэхтэригэр бастакы үс миэстэлэри ылла, мас тардыһыытыгар, волейболга уонна гиирэ анньыытыгар улуус сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ;

«Сыл арыйыыта» — «Кутуллар көмүс дорҕооннор» куонкурус иккис миэстэлээҕэ, ХХ-с Манчаары оонньууларын уотун көрсөр сүүрүү кыттыылааҕа, «Снежная краса» куонкурус үһүс миэстэтин хаһаайката, Далыр нэһилиэгиттэн Зоя Михалева.

Салгыы нэһилиэктэр эдэр ыччаттара саҥа дьыллааҕы көрү-нары көрдөрдүлэр, бастыыр иһин күрэхтэстилэр. Манна эдэр ыччат талаанын көрдөрдө, ким ыллаата, ким үҥкүүлээтэ, ким дьону-сэргэни көрдөөх сыаҥкаларынан күллэрдэ.

Түмүккэ, үһүс бочуоттаах миэстэни Ороһу нэһилиэгин ыччата, иккиһи Тамалакаан нэһилиэгэ, оттон кыайыылааҕынан Хоро нэһилиэгин хамаандата ааттанна! Кыайыылаахтарга грамоталары, сертификаттары туттардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
12 декабря 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: