Эдьигээҥҥэ элбэх оҕолоох ыаллар сайыҥҥы лааҕыры сэргииллэр

11:45, 21 августа 2017
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Бэстээх нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Екатерина Дмитриевна Бадаева оҕолорго тэриллэр лааҕырдар үлэлэрин сэргиир.


Бадаевтар оҕолоро сылын аайы сайыҥҥы үлэ лааҕырдарыгар үлэлииллэр. Быйыл кыыстара Люся сырытта.

«Оҕом «бу — мин хамнас аахсар үлэм» диэн күн аайы турунан туран үлэлээтэ. Сүрүннээн оҕуруот аһын олортулар. Аны салайааччылара Наталия Ивановна Холмогорова оҕолор үлэҕэ интэриэстэрин көҕүлүүргэ туспа ньымалаах. Холобура, хас биирдиилэрэ моркуопка анал грядкалаахтар. Онтукайдарын сайын устата уу кутан, көмөн бүөбэйдээтилэр. Күһүн ким грядката элбэх үүнүүнү биэрбитин көрөн, кыайылаахтар ааттара биллиэхтээх. Туһугар эмиэ эппиэтинэһи сүктэрэр үлэ. Уопсайынан, сайыҥҥы өттүгэр маннык үлэ лааҕырдарын тэрийэн ыыталларын төрөппүттэр наһаа сэргиибит. Инники өттүгэр үлэ бу көрүҥэ өссө элбэх оҕону хабан ыытыллыан баҕарабыт», — диэн элбэх оҕолоох ийэ баҕа санаатын этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
17 апреля 17.04
  • -8°
  • $ 94,07
  • 99,93

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: