Аллыҥаҕа оҕо уһуйаанын саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

14:56, 19 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Ааспыт бээтинсэҕэ Аллыҥа нэһилиэгэр тупсаҕай оҥоһуулаах икки этээстээх таас оҕо саада үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.


Тэрээһиҥҥэ олохтоох­тор, тэрилтэ бэтэрээннэрэ, ыҥы­рыылаах ыалдьыттар кытынны­лар. Олор истэригэр аллыҥалар биир дойдулаахтара СӨ Уопсасты­баннай палататын бэрэссэдээтэ­лин солбуйааччы Семен Кырбасов, успуорт бэтэрээнэ, тириэньэр Валерий Уаров, эбийиэги туппут «Сунтарцеолит» тэрилтэ дириэк­тэрэ Петр Попов, улуус баһылыга Анатолий Григорьев, баһылыгы бастакы солбуйааччы Николай Александров, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев уо.д.а.

Нэһилиэккэ бастакы оҕо саада 50 сыл анараа өттүгэр аһыллан үлэтин саҕалаабыт. Онон үбү­лүөй­дээх сылларыгар саҥа дьиэ­лэммиттэрэ түбэһиэхчэ буол­батах.
Үөрүүлээх тэрээһин кыттыы­лаахтарын эҕэрдэлээн Анатолий Григорьев, Семен Кырбасов, Валерий Уаров, Петр Попов, нэһи­лиэк баһылыга Николай Спири­донов, «Үрүйэчээн» оҕо саадыгар уһун сылларга иитээччинэн үлэлээбит ытык бэтэрээн Мария Иванова о.д.а. тыл эттилэр. Ол курдук, Семен Васильевич оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Светлана Пахомоваҕа оҕо оонньуурун атыылаһал­ла­рыгар 100 тыһ. солк. суумалаах сертификаты ытыс тыаһын орто­тугар туттарда.

Тэрээһин биир түгэнинэн Ал­лыҥа баһылыга Николай Спири­донов нэһилиэк социальнай-экэ­нэмиичэскэй сайдыытыгар үтүө­лэ­рин иһин улуус баһылыга Ана­толий Григорьевка Аллыҥа нэһи­лиэгин Бочуоттаах гражданина буоларын туоһулуур түөскэ кэтил­лэр бэлиэни уонна дастабырыан­ньаны туттарбыта буолла.

Халлааммыт төһө да сөрүүн, ону ааһан ардахтаах буоллар тэрээһин табылынна. Үөрүүлээх чаас кэн­нит­тэн күндү ыалдьыттар анал аллеяҕа мас олортулар. Түмүгэр, үгэс буолбут кыһыл лиэнтэни быстылар. Ол кэннэ оҕо саадын киирэн көрдүлэр, үлэһиттэри кыт­та кэпсэттилэр, оҕолор оҥо­һуктарын кытта билистилэр.

Билигин тэрилтэҕэ икки бөлөххө арахсан, 30-тан тахса оҕо сылдьар. Дьиҥэр эбийиэк 50 оҕоҕо диэн тутуллубут. Үлэ «Үтүө дьыала» өрөспүбүлүкэтээҕи хамсааһын чэрчитинэн ыытыллы­быт.

Аны сотору кэминэн манна «Та­тыйыына» маркета аһыллан, олохтоохтору араас бородуукта­нан, табаарынан хааччыйыаҕа. Дьэ, ити курдук, аҕыйах сыл иһи­гэр аллыҥалар хас да тупсаҕай оҥоһуулаах эбийиэктэннилэр. Үүнэргэ, сайдарга толору кыах баар буолла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
12 декабря 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: