Ытык Киһи Суорун Омоллоон төрөөбүт күнүн таатталар дьоһуннук бэлиэтээтилэр

18:18, 15 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Балаҕан ыйын 14 күнэ – саха тыллаах сүгүрүйэр, үөрэххэ, уус-уран тылы сайыннарыыга, норуоту духуобунай, политическай өттүнэн иитиигэ-үөрэтиигэ, саха драматургиятыгар, прозатыгар, үөрэх кинигэтигэр саҥа сүүрээннэри киллэрбит, краевед, фольклорист, политсыылка, норуоттар доҕордоһууларын, литературнай-художественнай музейдары тэрийэн олохтообут тапталлаах суруйааччыбыт Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 111 сыла туолбут күнэ. Бу күн 2005 сылтан ыла Ытык Киһибит төрөөбүт сиригэр Тааттаҕа кини үтүө аатыгар сүгүрүйэбит.


Быйыл Ытык Киһибит Суорун Омоллоон төрөөбүт күнүгэр Баайаҕаттан П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус, «Таатта улууһа» МО баһылыга М.М.Соров, баһылык солбуйааччыта И.А.Сивцева, депутаттар улуустааҕы Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ В.А.Охотин, Дьокуускай куораттан култуура уонна духовнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Н.А.Макаров, Ем.Ярославскай аатынан краеведческай музей научнай үлэһитэ А.Н.Решетникова, «Чолбон» сурунаал редакторын солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт, Баайаҕа ыччата Г.Г.Андросов, Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай музей директора Н.Е.Попов, Чөркөөхтөөҕү народнай театр уонна КСК директора Д.Т.Охотин, тэрилтэлэр салайааччылара, култуура үлэһиттэрэ, учууталлар, үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар.

Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 111 сылыгар бэлиэ түгэннэр тосхойдулар. Бу күн Ытык Күөлгэ Албан Аат музейын дьиэтигэр улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей аанын саҥаттан аста.

Уруһуйга, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа дьоҕурдаах оҕолор, кинилэр учууталлара, иитээччилэрэ Ытык Күөл ытык, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн, пааматынньыктарынан тарҕаһан күһүҥҥү уруһуйунан дьүһүйүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Рисуем все» бырайыакка кытыннылар.

Бу күн улахан болҕомтону улууска аан бастаан ыытыллыбыт «Сделано в Таатте» анал бэлиэлээх оҥоһуктар уонна олохтоох аска, рекламалыыр-бэчээттээн таһаарар, сувениры оҥорор, киэргэл-симэх, о.д.а. бородууксуйа атыы-быыстапката ылла. Быыстапкаҕа бииртэн-биир ураты дьоҕурдаах, сатабыллаах эдэр, аҕам саастаах да дьон, урбаан тэрилтэлэрэ үөрэн-көтөн, дьону истиҥ тылынан эҕэрдэлээн көрсөллөрө бырааһынньыктыы быһыыны-майгыны үөскэттэ.

Быыстапкаҕа сылдьан маннык тэрээһини оҥорорго идиэйэни бастаан саҕан, тыл көтөхпүт култуура уонна духовнай сайдыы улуустааҕы салалтатын начальнигын солбуйааччы Марианна Степанованы кытта кэпсэттим: «Бырайыагы олоххо киллэриигэ култуура уонна духовнай сайдыы, үөрэҕирии улуустааҕы салалталара, урбаанньыттары өйүүр улуустааҕы киин, улуус общественнай тэрилтэлэрэ, «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» үөрэҕирии уонна култуура ситимнэрин кластера, биирдиилээн айар талааннаахтар, уран тарбахтаахтар, олохтоох оҥорон таһаарааччылар бииргэ үлэлээн бу быыстапканы тэрийдибит. Мантан сиэттэрэн дьон оҥоһуктарын үпкэ-харчыга, бэйэҕэ туһалыыр өрүттэрин таба тайаналларыгар тирэх буоларыгар эрэллээхпит. Манна саха төрүт дьарыгыттан тахсыбыт эгэлгэ оҥоһуктар, билиҥҥи кэм сабыдыалынан айыллыбыттар көрдөрүүгэ турдулар. Хас биирдии бородуууксуйа «Сделано в Таатте» диэн анал бэлиэлээх буоларын ситистибит. Айар-оҥорор индустрияны саҕалааһыҥҥа, сайыннарыыга улахан болҕомтону уурдубут. Быыстапка табылынна, кыттааччы элбэх. Инникитин Дьокуускайга киирэргэ соруктанабыт, ыаллыы улуустар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо истэн сэҥээрдилэр. Онон, киин куораппытыгар киирэн маннык быыстапканы тэрийэрбитигэр бүччүм эрээри дьоһуннаах санаа саҕылынна. Бу саҕалааһыны атын да улуустар тута өйөөн сайыннарыахтара дии саныыбыт» — диэн астына кэпсээтэ, санаатын үллэһиннэ.

Быыстапкаҕа улуус баһылыга Михаил Михайлович дьон айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарын, сатабылларын, дириҥ толкуйдарын дьон туһугар тупсаҕайдык, үйэлээхтик, аһылык өттүн тотоойу, минньигэс, үрдүк хаачыстыбалаах буолуутугар улахан болҕомтону ууран туран үлэлииллэригэр баҕа санаатын тиэртэ. Быыстапкаҕа элбэх киһи кытта кэлбитэ астыгын, үөрүүлээҕин бэлиэтээн эттэ. Мандар Уус Ытык Киһибит Суорун Омоллоон төрөөбүт күнүгэр маннык уран ис хоһоонноох тэрээһин ыытылларынан улуус салалтатыгар, уран тарбахтаахтарга, сатабыллаах, уһуну-киэҥи толкуйдуур ураты дьоҕурдаах дьоҥҥо сүгүрүйэрин, махтанарын биллэрдэ.

Улуус баһылыга М.М.Соров Суорун Омоллоон үгүс киһиэхэ үйэлээх холобур буолар олоҕу олорон ааспытын сиһилии кэпсээтэ. Кининэн сирэйдээн аныгы ыччаттар өрөспүүбүлүкэбит историятын, дьоһуннук олорон, айан кэлбит ытык дьонун өрө тутар, хаһан да улуустарынан, маннык дьоһун дьоннорунан киэн туттан сылдьалларыгар, ааттарын харыстыылларыгар сүгэ-балта тылларын эттэ. Ыччаттарга Суорун Омоллоон төрөөбүт, олорбут Ытык Таҥаһа алааска баар өбүгэлэрин өтөхтөрүн сөргүтэн үйэлэрин уһатарга үлэлииллэригэр, ааспыт олоҕу, Ытык Киһибит аатын өрө туталларыгар ыҥырда. Аан бастаан ыытылла турар «Сделано в Таатте» анал бэлиэлээх оҥоһуктар быыстапкалара үрдүк таһымҥа ааспытынан тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга барҕа махталын биллэрдэ. Инникитин бу сонун тэрээһин кэҥээн иһэригэр баҕа санаатын тиэртэ.

Чөркөөхтөөҕү музей директора Н.Е.Попов: «Дмитрий Кононовичтыын 1977 сылтан бииргэ үлэлээн кэлбитим. Олус кэрэ дууһалаах, дириҥ толкуйдаах, биһиэхэ үйэлээхтик үлэлииргэ, дьоһуннаахтык олорорго холобур буолар аҕа табаарыһым быһыытынан сыаналыыбын. Ол да иһин кини аатыгар куруутун сүгүрүйэн уҥуоҕун чочуобунатын, музейбыт сирин-уотун, объектарын төһө кыалларынан сирийэн, кыһаллан көрөбүт-харайабыт», — диэн кэпсээтэ.

Чөркөөхтөөҕү народнай театр, КСК директора Д.Т.Охотин үйэтитиигэ үлэлэһэн эрэллэрин, музей объектарын бүтүн туруорууга нэһилиэнньэ уонна нэһилиэк салалтата үлэлэһиилэрин бар дьонугар билиһиннэрдэ. Суорун Омоллоон аатын сүгэр өрөспүүбүлүкэбит киэн туттуута опера уонна балет театрын коллектива сыл аайы төрөөбүт күнүгэр анал бырагыраамманан Чөркөөххө уонна улууска тахсан кэнсиэрдииригэр үлэлэһэ сылдьалларын, онон, үүнэр көлүөнэ, улуус олохтоохторо сыллата саҥаттан саҥа театральнай-музыкальнай постановкалары көрүөхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
13 декабря 13.12
  • -36°
  • $ 103,95
  • 110,48

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: