Усуйаана улууһун бэһис нүөмэрдээх ыстаадатыгар 956 таба баара билиннэ

15:31, 10 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Алтынньы саҕаланыытыгар Иргычэн (сахалыы Иргичээн) эбэ Ярыгчан (Дьаарыкчаан) диэн салаатын киэҥ-нэлэмэн сиригэр-уотугар 5 нүөмэрдээх ыстаада табатын күһүҥҥү ааҕыыта саҕаланна. Улуус кииниттэн элбэх киһилээх ааҕар хамыыһыйа уонна, урукку кэмнэргэ курдук, ырыа-тойук кэһиилээх агитационнай-култуурунай биригээдэ үлэлээтэ.


Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Александр Егоров табаһыттар үлэлэрин түмүгүн таһаарар эппиэтинэстээх түгэннэрин истиҥ кэпсэтиилээх, ырыалаах-тойуктаах ыытарга былааннаабытын культура управлениетын салайааччыта Аполлон Болтунов өйөөбүтэ кэрэхсэбиллээх. Кытаанах усулуобуйаҕа үлэлиир дьон олус сэргэхсийдилэр, ити күҥҥэ былааннаммыт улахан үлэлэрин өрө көтөҕүллэн туран толордулар.

Табаһыттар, тыа хаһаайыстыбатын специалистара, ветеринардар тыһыынча кэриҥэ табаны быйыл сайын тутуллубут тупсаҕай уонна киэҥ хараалга киллэрэн, ааҕыыны, имнээһини уонна араас ыарыыны утары укуоллааһыны тэҥҥэ ыыттылар.

Атырдьах ыйыгар аттааһын уонна муоһу эрбээһин бастаан эмиэ манна ыытыллыбыт буолан, табалар хараалга куттаммакка холкутук киирдилэр. Былырыыҥҥы ааҕыыны хаамтаран аахпыт буоллахтарына, быйылгы ааҕыы, суот туорааҕын тардыбыт курдук, чуолкай буолла. Табаһыт түбүктээх үлэтин биир күннээх көстүүтэ олохтоох телевидениеҕэ уһулунна, ону таһынан ыстаада биригэдьиирэ Дмитрий Ефимов, чуум үлэһитэ Галина Слепцова интервью биэрдилэр, онон сотору кинилэр үлэлэрин республика бүттүүнэ көрүөҕэ.

Саҥа хараал, кыра ол-бу итэҕэстэри аахсыбатахха, үчүгэй уонна табыгастаах, онон тутар хамыыһыйа объегы тутан үлэҕэ киллэрдэ. Ыстаада саҥа тэриллибитин быһыытынан, таба уопсай ахсаанын 95 бырыһыана имнэннэ, 80 бырыһыана укуолланна. Түмүккэ таба уопсай ахсаана 956 төбөҕө тэҥнэстэ, ол иһигэр 420-тэ тыһы уонна кыычча итиэннэ 400-һэ тугут. Табалар сайыҥҥы ыйдарга үчүгэйдик көрүллүбүттэрэ биллэр, онуоха эбии мэччирэҥнэрэ, элбэх сыл сынньаммыт буолан, дэлэгэй аһылыктаах, онон уойуулара үчүгэй.Тугуттар харахха быраҕыллар гына улааппыттар, төрөлкөйдөр, ийэлэрин кытта тэҥнэһиэх курдуктар.

Тэрээһин иккис чааһын А.Н.Болтунов салайан ыытта. Кини оройуон Сэбиэтин уонна депутаттар үлэлэрин уонна культура управлениетын үлэтин сырдатта. Тыа хаһаайыстыбатын уопсай туругун, таба иитиитин балаһыанньатын туһунан сырдатарыгар Александр Николаевич ыстаада мэччирэҥ сирэ уруккуттан тупсаҕайын, манна уруккута аатырбыт биригэдьиирдэр К.Г.Голиков, Н.А.Суздалов ыстаадалара торолуйар сирдэрэ буоларын бэлиэтээтэ. Ыстаада улуус кииниттэн чугас, суол-иис баар буолан, холобурга сылдьыахтааҕын эттэ. Улуус бюджетыттан үп көрүллэрин, хааччыйыы үчүгэйин, манна кэлэр өттүгэр көһө сылдьар оскуоланы тэрийэргэ усулуобуйа толору баарын санатта, онон бары өттүнэн эппиэттэһэр гына үлэлээҥ-хамсааҥ диэн баҕа санаатын тириэртэ.

Ыстаада туһунан аҕыйах тылынан сырдатар буоллахха, биригээдэ үлэһитэ толору, ыстааданы күҥҥэ иккитэ дьиэҕэ үүрэн аҕалан сытыараллар, онон табалар олус сымнаҕастар, дьиэтийбиттэр. Табаҕа билиҥҥээҥҥэ диэри ороскуоттаах буранынан сылдьыбыт буоллахтарына, быйыл, көлө табатын үөрэтэр наадаттан, аттааһыны анаан ыыппыттар, онон хомуурга кэлэр өттүгэр уучаҕынан сылдьар буолуохтара. Табаны үөрэтиигэ наставник Александр Алексеевич Слепцов билиитэ-көрүүтэ, таба үлэтигэр опыта, сатабыла улахан көмөлөөх буолара биллэр. Биригэдьиир Дмитрий Ефимов үлэни сатаан тэрийэр, ирдэбиллээх, инникини көрөн былаанныыр салайааччы эбит. Ол иһин салайар коллектива дьиссипилиинэлээх, эппиэтинэстээх уонна сылбырҕа. Быйыл манна тутуу үлэтэ күүскэ барбыт. Табаһыттар хараалы бэйэлэрин күүстэринэн туппуттар, оттон баанньыгы, 6 киһилээх биригээдэ тэрийэннэр, хаһаайыстыбаннай ньыманан туттардылар. Быйыл “Урал” массыынаны ылбыттар, онон хараал маһын бэйэлэрэ тиэммиттэр. Күһүн квадрациклламмыттар, билигин бэйэлэрин толору хааччынар кыахтаннылар. Биригэдьиир кэлэр өттүгэр сылгы үөрүн тутар былааннаах, үөскээтэхтэринэ көлүүр аттары үөрэтиэхтэрэ. Саҕалааһын үлэтэ хайы-үйэ баар, бэйэтэ биир атыыр сылгылаах, аны биэс биэ наада. Кыттыгас үбүлээһин усулуобуйатыгар ити кыаллар кыахтаах. Оччоҕо аны икки-үс сылынан таба уонна ат көлөлөнүөхтэрэ. Бу сонун саҕалааһыны салалта өйүүр, онон кэскиллээх былаан туоларыгар баҕарыллар. Ыстаада үлэһиттэрэ бары эдэрдэр, коллектив инникилээх диэххэ сөп.

Ыстаада күүрээннээх үлэтин биир күнэ агиткультбиригээдэ концерынан түмүктэннэ. Маннык үлэ көрүҥэ кыралаан саҕаламмытын, 7-с ыстаадаҕа уонна Хайыр ыстаадатыгар сылдьыбыттарын кэпсээтилэр. Табаһыттар биллиилээх мелодист А.Болтунов авторскай ырыаларын үрдүк таһымнаахтык толоруутун, М.Голикова бэйэтэ айбыт хоһооннорун иэйиилээхтик аахпытын, ырыаһыттар А.Егоров, Я.Находкин, Н.Аммосов (баянист) сонун уонна умсугутуулаах ырыаларын иһийэн олорон иһиттилэр, тэрийээччилэргэ, толорооччуларга махталларын биллэрдилэр.

Улуус баһылыгын солбуйааччы Артем Милютин, тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын начальнига Александр Егоров, “Таба-Яна” ТХПК салайааччыта Петр Томскай, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы культура управлениетын начальнига Аполлон Болтунов, олохтоох телевидение үлэһитэ Туйаара Семенова, онтон да атын специалистар, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара сырыттылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
11 декабря 11.12
  • -43°
  • $ 100,03
  • 106,2

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: