"Улуус олоҕо": Саха сиригэр бастакы хомус ансаамбылын Таатта киһитэ Лука Турнин тэрийбитэ

09:09, 04 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

“Норуокка дириҥник иҥэн сылдьар хомус култуурата өр үйэлээхтик сайдарыгар суол тэлбит улуу хомусчут Л.Н.Турнин сырдык аатыгар сүгүрүйэрбин биллэрэбин”, — диэн Иван Алексеев-Хомус Уйбаан эппитэ. Таатта биир тумус туттар киһитэ – саха хомустаах омук буоларын көрдөрбүт, хомус дьүрүһүйэр дорҕоонун дойду түһүлгэтигэр бастакынан таһаарбыт СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лука Николаевич Турнин. Кини быйыл төрөөбүтэ 100 сылын биир дойдулаахтара, таатталар, киэҥник бэлиэтээтилэр. Салгыы — «Улуус пааспарыгар» ааҕыҥ.


Лука Турнин диэн кимий?

Л.Н.Турнин 1917 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Тааттаҕа Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Луканы хомустуурга эдьиийдэрэ Биэрэ уонна Настааччыйа үөрэппиттэрэ биллэр. 19 саастаах эдэр уол дьоҕурдааҕын таба көрөннөр, 1936 сыллаахха Дьокуускайга Наркомпрос иһинэн үлэлиир уус-уран самодеятельность салайааччыларын бэлэмниир кууруска үөрэттэрэ ыыппыттара. Лука Турнин үөрэҕин бүтэрэн, 1937 сыллаахха Чурапчы кулуубугар үлэлии тиийбитэ. Эһиилигэр хор салайааччытын идэтигэр эмиэ кууруска үөрэнэр. Ол үөрэҕин бүтэрээтин кытта култуура министиэристибэтэ эдэр киһини төрөөбүт дойдутугар, Тааттаҕа, уус-уран самодеятельность салайааччытынан анаан ыыппыта. Дьэ, мантан инньэ Лука Николаевич айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба туһанан, өйө-санаата кыайарынан таптыыр, сөбүлүүр үлэтигэр бүтүннүү бэринэн күүрээннээхтик дьулуруйан киирбитэ.

Кини уус-уран самодеятельность сайдарыгар төрөөбүт дойдутунан эрэ муҥурдамматаҕа, 17 сыл тухары Томпо, Үөһээ Дьааҥы, Саккырыыр, Усуйаана оройуоннарыгар төрүт олохтоох норуоттар култуураларын сөргүтүүгэ улаханнык үлэлэспит умнуллубат үтүөлээх.

Лука Турнин өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан хомус ансаамбылын Тааттатыгар тэрийбитэ. Аан маҥнай 1948 сыллаахха Москва куоракка өрөспүүбүлүкэ 10 киһилээх дэлэгээссийэтигэр киирэн, Бүтүн Россиятааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын бастакы көрүү түмүктүүр кэнсиэригэр, онтон 1954 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын иккис көрүүгэ эмиэ чаҕылхайдык оонньообута. 1957 сыллаахха Саха сирин литературатын уонна искусствотын күннэригэр Л.Н.Турнин тэрийбит 28 киһилээх Таатта хомусчуттарын ансаамбыла ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ол түмүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1958 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан Л.Н.Турнин Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанынан наҕараадаламмыта.

Лука Турнин 1960 сыллаахха Москваҕа хотугу норуоттар национальнай искусстволарын көрдөрөр “Хотугу сардаҥа” театрализованнай кэнсиэркэ, онтон 1962 сыллаахха эмиэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр П.Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатыра “Лоокуут уонна Ньургуһун” пьесаны туруоруутугар үрдүк таһымнаахтык кыттыбыта. РСФСР композитордарын сойууһун ыҥырыытынан 1969 сыллаахха Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кэнсиэригэр хомуска оонньообута.
Мин саха норуотун фольклорнай айымньыта, музыкальнай култуурата кэнэҕэһин кэнэҕэс Бүтүн Сойуус айар түһүлгэтигэр таһаарыллан, аан дойдуга киэҥник тарҕаныа, ыччат дьон төрөөбүт норуотун тылынан уус-уран айымньыларын өссө дириҥник үөрэтиэ, саха норуотун култууратын пааматынньыктара саҥаттан саҥа, урут биллибэтэх-көстүбэтэх айымньыларынан туолуо диэн дириҥник эрэнэбин”, — диэн хомуһуннаах хомусчут бүгүҥҥү күнү өтө көрбүттүү кэриэһин этэн хаалларбыт эбит.

Ыһыах дьоно күргүөмүнэн хомуска оонньоото

Лука Турниҥҥа аналлаах үбүлүөй дьаһалларын уонна ыһыахтары хайдах тэрийэн ыыппыттарын туһунан Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Изабелла Сивцева маннык билиһиннэрдэ:

Ытыктыыр биир дойдулаахпыт Лука Николаевич Турнин 100 сылын бэлиэтээһиҥҥэ бэлэмнэнии үлэтин үс сыллааҕыта саҕалаабыппыт. Кинигэ матырыйаалларын хомуйууну түмүктээн эрэбит, кэлэр сылга бэчээккэ таһаарардыы бэлэмниибит. Манна сыһыаран эттэххэ, Лука Турнин олоҕор, үлэтигэр научнай үлэ суруйа сылдьар дьон бааллар. Быйыл үбүлүөйдээх ыһыахха Ытык Күөлгэ 4 тыһ. олорор миэстэлээх Сынньалаҥ пааркатыгар сылдьыбыт киһи барыта хомустаах кэлэрин тэрийдибит. Л.Турнин төрөөбүт нэһилиэгэр Тыараһаҕа икки күннээх ыһыах ыһылынна, бастакы күнүгэр “төгүрүк остуолга” кэпсэтии, сарсыныгар хомусчуттар күрэхтэһиилэрэ буолла.

Үбүлүөйдээх дьаһалбыт киин куораттан саҕаламмыта. Дьокуускайга П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Л.Н.Турнин төрөөбүт күнүгэр кэнсиэр, мунньах тэрийэн ыыппыппыт. Таатта ууһа Эдуард Тарабукин оҥорбут хомуһун дойдубут баһылыга Владимир Путиҥҥа бэлэхтииригэр анаан Ил Дархан Егор Борисовка улууспут баһылыга Михаил Соров туттарбыта. Бу бэлэх дьиктилээх: хомус удьурхайтан оҥоһуллубут олоҕор Лука Турнин толоруутугар хомус дьүрүскэнэ иһиллэр тэрил угуллан сылдьар. Саха араадьыйата ити ил-эйэ дорҕоонунан сарсыарда аайы истээччилэрин эҕэрдэлээн, саха дьонун сомоҕолоон кэллэ.

Таатталар Харбалаахтааҕы музыкальнай оскуолаҕа сайын аайы өрөспүүбүлүкэттэн баҕалаах хомусчут оҕолору мунньан, Турнинныы сыыйа тардыыга уһуйаллар. Үһүс сылларын Дьокуускайга үөрэнэр устудьуон ыччат ортотугар куонкурус тэрийэн, түмүк таһааран, Хомус күнүгэр кыайыылаахха Лука Турнин аатынан стипендия туттараллар. Улуус иһинэн хомусчуттар ансаамбылларын тэрийиини көҕүлээн, фестиваль ыыталлар. Саха хомуһун уонна Лука Турнин диэн кимин киэҥник билиһиннэрэр-биллэрэр инниттэн Хаҥалас, Нам, Томпо, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар сылдьыбыттар.


Л.Н.Турнин аатын сүгэр Тыараһатааҕы Сынньалаҥ киинин эргэ, тымныы дьиэтин биир хоһугар айдарыылаах хомусчут олоҕун, үлэтин кэпсиир-көрдөрөр муниципальнай статустаах дьоҕус музей баар. Музейы тэрийээччи, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Светлана Николаевна Собакина: “Элбэх хайысхалаах саҥа дьиэ тутулуннаҕына, онно хос биэриэхтээхтэр”, — диэн эрэнэ күүтэр. Ол туһунан «Сахамедиа» холдинг суруналыыстарыгар кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
15 декабря 15.12
  • -33°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: