Categories: Жизнь в районах

"Улуус олоҕо": Кырдьаҕас булчут Мотуруона хара тыатын, Дьарбас учаастагын истиҥник ахтар

Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит Матвей  Михайлович Новгородов күндү түүлээҕинэн уонна көмүс хатырыктааҕынан баай Кэбээйи сирин сөбүлээн, онно кадровай булчут буолан, олохсуйа хаалбыт. Бииргэ бултуур табаарыһа дуруускалаан, 1964 с. Горнай улууһун  Атамай нэһилиэгиттэн эдэр кыыһы кэргэн ылан, сүгүннэрэн аҕалбыт. Дьэ ити кэмтэн ыла Мотрена дьылҕата Кэбээйини, чопчулаан эттэххэ, Сангаар бөһүөлэгин таһыгар баар Дьарбас учаастагын кытары ситимнэммит. Кини туһунан сиһилии «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


Новгородовтар лаппа сааһыран баран, Сангаар бөһүөлэгэр киирбиттэр. Матвей Михайлович олохтон барбыта аҕыйах сыл буолбут, онон 81 сааһыгар үктэммит Эбээ Мотуруона кыыһын кытары олорор, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сылгы кылынан сэлээппэ өрөр. Таптыыр кэргэнин, Москубаҕа Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапкатыгар бара сылдьыбыт чулуу булчуту кытары күндү түүлээҕи сонордоспут кэмин күндүтүк саныыр. Итиэннэ ол туһунан маннык кэпсиир.

Хахыйахтар сүүнэ хатыҥ буоллулар

Наар Дьарбаска  олорбуппут. Матвей Михайлович миигиттэн 15 сыл аҕа этэ.  Кыһын түүлээхтиирбит, сайын шахта көмөлтө хаһаайыстыбатыгар оттуурбут, сыллата отуччалыы туонна оту туттарарбыт. Онон, оҕолорбут кыраларыттан оттуу-мастыы, бултуу үөрэммиттэрэ. Биэс оҕолоохпут, уолаттарым иккиэн тэрилтэҕэ суоппардыыллар, бу кыыстан уратылар ыаллар, онон сэттэ  сиэннээхпит, алта хос сиэннээхпит.

Оҕолор Сангаарга интэринээккэ олорон, оскуоланы бүтэрбиттэрэ, биһиги бөһүөлэккэ дэҥҥэ, ас-үөл атыылаһарбытыгар эрэ кэлэн барарбыт. Бастаан үүтээҥҥэ олорбуппут, оҕолорбут борбуйдарын көтөҕөллөрүн саҕана, дьиэ туттубуппут. Дьарбас – өрүскэ түһэр үрэх үрдүгэр турар учаастак буолан, сааскы уу балысханнык кэллэҕинэ, халааҥҥа ылларар кутталлаах. Ол иһин дьиэбитин баҕана үрдүгэр туттубуппут, билигин да “тиҥ” курдук турар. Тэлгэһэм иһигэр кыргыттарбар анаан  олордубут хахыйахтарым аарыма хатыҥ буолан тураллар.

Күҥҥэ сүүстүү андаатар 

Булчут аҕалаах буоламмын, булка оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕас этим. Тоҕо эбитэ буолла, аҕам оскуолаҕа үөрэттэрбэтэҕэ, үлэлээн аһаа диирэ. Холкуоска үлэлээбит 15 сылым ыстааска ааҕыллыбакка, булчут буолан, кэргэмминээн сопхуостары кытары дуогабардаһан сылдьарбыт. Сорох дьылга сииттэлэргэ, сорох дьылга сэбээн күөллэргэ, сиэгэннэргэ бултуурбут.

Саһылы, кырынааһы, солоҥдону уонна сүрүннээн андаатары сонордоһорбут.  Андаатар үчүгэйдик үөскээбит сылыгар тууну толору киирэрэ. Сүүрбэ туунан  күн аайы сүүсчэкэлии андаатары ыларбыт. Ону таҥастааһын дьэ, үлэ этэ! Сарсыарда тыҥ хатыыта туран, сүлэн киэпкэ тиирэрбит уонна эмиэ күөллэрбитин кэрийэрбит. Маҥнай атынан сылдьарбыт, кэлин сэбээннэр бураан көлө биэрбиттэрэ.

Саһыл — өйдөөх кыыл

Сайын окко сырыттахпытына, ыттарбыт аарыма тайахтары үүрэн, күөйэн  аҕалаллара. Ону хайыахпытый? Аҕабыт тыаҕа төттөрү үүрдэрэрэ, бултуур кэм эбитэ буоллар, “тос” гыннаран кэбиһиэ этэ. Ыттар барахсаттар булт көҥүллэнэр-көҥүллэммэт кэмнээҕин билбэт буолаахтаатахтара.

Сороҕор саһылы хаайаллар, киһи ыҥырарын истибэттэр. Көр эрэ, саһыл өйдөөх баҕайы эбит, кутуругун талахха анньан баран, ыттары тутан илдьэ барыахха  диэри ньылбыйан турар буолар. Утарыласта, боотурҕаата да, бугуһуйбут булчут  ыттар саба түһэн, начаас тырыта-хайыта тыыталларын өйдүүр курдук.

Тайах  оҕотун иитэ сыспыппыт

Улахан кыыһым биирдэ кустуу тахсан баран, саҥа төрөөбүт ыҥааҕы (тайах оҕотун) батыһыннаран аҕалбыта. Тайах төрөөн турарыгар түбэспит, ийэ тайах киһиттэн сиргэннэҕэ, куотан хаалбыт. Ыҥаахпыт кытыгыраһа сүр, төрүт батыһа сылдьар, дьиэбитигэр киирдэхпитинэ, киирсэр, таҕыстахпытына — тахсыһар. Бороһуок үүтү ууга суурайан баран, суосканан аһата сатаабыппыт да, ылымматаҕа. Ол иһин манна сылдьан сүөһү буолуо суох диэн, хоннорбокко даҕаны, тыатыгар төттөрү илдьибиппит. Таллаҕар кулгаахтаах, синньигэс атахтаах ыҥаах батыһан иһэрэ харахпар билигин да көстөргө дылы.

Тыаҕа, төрөөбүт сиригэр тиэрдэн баран, суон тиит кэннигэр эҥин саһа сатыыбыт да, “чыыбыгыр-ыыбыгыр” дии-дии, син биир булан ылар. Нэһиилэ хаалларбыппыт. Ийэтэ чугас чуҥнуу сылдьыбыт быһыылаах, илдьэ барбыт этэ. Оо онно арай, биидьиккэ устар дуу, хаартыскаҕа түһэрэр дуу аппарааттаах эбиппин буоллун! Аттыбытыгар хаартыскаҕа түһэрэр Балыайаптар олорбуттара да, оччолорго олору ыҥырар өй киирбэтэх.

Үҥкүүһүт  андаатар

Аҕабыт араадьыйатын төрүт араарбат идэлээҕэ. Бэл, күөлгэ илим үтэ киирэригэр илдьэ сылдьара. Оо, Эбэ Хотун холкутук мэндээрбит ньуурунан тыынан устан иһэн, ырыа истэр үчүгэй да буолара. Туох барыта онно сөп түбэһэн нуурайан ылар курдуга.

Биирдэ араадьыйа муусукатынан доҕуһуолланан эбэбитигэр киирдибит. Арай, өйдөөн көрбүппүт, биир андаатар ала-чуо биһиги диэки устан ньолбойон иһэр. Салгыы ханна барар, туох буолар эбитий диэн саҥата суох кэтээн олордубут. Арай андаатарбыт тура түстэ уонна кутуругун хорос гыннаран баран, үҥкүүлүүр курдук туттан, илибирээн киирэн барбата дуо?! Оннооҕор, кыыл кэрэ дорҕоону истэр эбит!

Дьарбас  тиллэн эрэр

Биһиги уонна Пудовтар, Березкиннар көһүөхпүтүттэн, Дьарбас иччитэхсийэн хаалбыта. Арай, бу кэлин сылгы иитэр хаһаайыстыба тэриллиэҕиттэн, сөргүтүллэн эрэр.


Үйэтин-сааһын тухары хара тыаны бата сылдьан булдунан иитиллэн олорбут эбээ Мотуруона сайыны олус кэтэһэр. Уолаттарын өрөбүллэригэр сөп түбэһиннэрэн, өтөҕөр тахсан, сэргэхсийэн киирэр баҕалаах. Онно сайылыан баҕарара да, оҕолоро сөбүлэспэттэр, ыалдьан хаалыа дииллэр. «Дьарбаспар таҕыстым да, дьарҕабын умнан кэбиһэбин ээ. Оо, дойдум барахсан мүөттээх салгына туохха тэҥнэһиэй!», — диэн кэпсии хаалла Кэбээйи улууһун ытык кырдьаҕаһа. Маннык дьон тыа сирин олоҕун тупсараллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Суд да дело

Мужчину приговорили к штрафу за вырубку 15 лиственниц в Якутии

Вырубку он произвел в особо охраняемой природной территории

25.11.2024
  • Экология

Якутяне могут проверить свои знания на всероссийском экологическом диктанте

В этом году проверить свои знания в онлайн-формате, а также на офлайн-площадках

25.11.2024
  • Актуально
  • Главное

Глава Якутии поздравил жителей республики с Днем Олонхо

Эпос популярен не только в Якутии: он переведен на десять языков (всего 150 произведений)

25.11.2024
  • Технологии

Новые IT-решения: «Группа Астра» представила разработки на форуме «Цифровой алмаз»

На мероприятии Минобрнауки Якутии и «Группа Астра» подписали соглашение о сотрудничестве

25.11.2024
  • Технологии

Холдинг Т1 оценил уровень цифровизации российского АПК

Эксперты рассмотрели как крупные холдинги, так и небольшие фермерские хозяйства

25.11.2024
  • ЖКХ
  • Основное

В домах Якутска 25 ноября отключат свет и газ

График и адреса, где пройдут отключения

25.11.2024