"Улуус олоҕо": Хапытаалынай өрөмүөн харчыта төлөнөрө – булгу, кээмэйэ – халымыр

16:11, 23 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Кэлиҥҥи сылларга хапытаалынай өрөмүөҥҥэ диэн ааттаан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорооччулартан төлөбүр хомуйар буоллулар. Бу туох сокуоҥҥа олоҕурбут түһээнин үгүс киһи өйдөөбөт. «Аны 20-30 сылынан биирдэ өрөмүөннэнэр дьиэҕэ тоҕо төлүөхтээхпиний? Төлөөбөтөххө, кэнэҕэс туох иэстэбиллээх буолуоҕай?» — диэн ыйытааччы элбэх. 


Сахамедиа пресс-киинигэр «Улуус олоҕо» бырайыак «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикатынан хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүр, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, хааччыйар сулууспалар үлэлэригэр сыһыаннаах тыҥаан турар боппуруостар тула төгүрүк остуол ыытылынна.

«Саха сирэ» хаһыат уонна улуустар хаһыаттарын суруналыыстарын ыйытыыларыгар ыалдьыттарбыт – Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика министиэристибэтин дьиэ-уот бэлиитикэтигэр уонна административнай үлэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччы С.В.Давыдов, Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин фондатын производственнай-техническэй салаатын сүрүн инженерэ А.П.Багардынов, ити фонда үп-экономика салаатын тутаах экономиһа А.Т.Новогодина уонна фонда бырагыраамаларын ырытар салаа начаалынньыга Ю.И.Намылов, “Сахатранснефтегаз” АУо газ тэриллэрин техническэй хааччыйыыга сулууспатын начаалынньыга А.В.Чупров, “Субсидия агентствота” СХТ тутаах экономиһа Е.Е.Егорова, “Альтаир” салайар хампаанньа дириэктэрин сүбэһитэ Л.Д.Бястинов хоруйдууллар.

Кэпсэтиини «Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта Анивера Акимова салайан ыытар.

— Төлөбүр кээмэйэ төһөнүй уонна туохха олоҕуран быһылларый?

Станислав Давыдов:

— Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун кээмэйэ (элбэх кыбартыыралаах дьиэ 1 кв. миэтэрэтигэр) 2013 с. быһыллан олохтоммута уонна онтон ыла уларытылла илик: Москваҕа 17 солк. буоллаҕына, Саха сиригэр 3 солк. 60 харчы, ол эбэтэр дойду үрдүнэн саамай кыра кээмэйдээхтэртэнн биирдэстэрэ. Эһиил, инфляцияҕа сөп түбэһиннэрэн, үрдэтэргэ былаанныыбыт. Дьиҥэр, хапытаалынай өрөмүөнү толору ыытарга Тиксии бөһүөлэгэр 50-тан, Дьокуускай куоракка 10-тан тахса солк. буолар, ортотунан – 23 солк. харчы.

Юрий Намылов:

— Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ дифференцированнай төлөбүр олохтонон турар: 2-лии этээстээх мас дьиэлэргэ – 3 солк. 60 харчы, лифт көрүллүбэтэх таас дьиэлэргэ – 6 солк., лифтээх таас дьиэлэргэ – 8 солк.

— Кыбартыыраны бас билээччи ыйга, сылга төһө харчыны төлүөхтээҕий?

— Ыйбытым курдук, усунуос кээмэйэ хайдах дьиэҕэ олороргуттан тутулуктаах. Холобур, 3 тыһ. кв. иэннээх лифт көрүллүбэт таас дьиэҕэ олорооччулар сылга холбоон 150 тыһ. солк. харчыны төлүүллэр.

— Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах дьиэлэрин испииһэгин киһи хантан булан көрүөн сөбүй?

— Биһиги сайпытыгар киирдэххэ, «Мой дом» диэн разделга ханнык дьиэлэргэ хаһан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах испииһэгэ баар. Бу испииһэк улуустар, куораттар киллэрбит сайаапкаларыгар (иһитиннэриилэригэр) олоҕуран оҥоһуллубута. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 5 тыһ. тахса дьиэ учуокка киллэриллэн, уочаракка турар.

— Хапытаалынай өрөмүөн быстах өрөмүөнтэн туох уратылааҕый?

– Хапытаалынай уонна быстах өрөмүөннэр икки ардылара олус тэйиччи. Быстах кыра өрөмүөҥҥэ салайар хампаанньа бэйэтэ хомуйбут харчытыттан туттар. Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ дьиэ подъеһыттан ураты барыта киирэр, иһинээҕи ситимнэри уларытыыга тиийэ.

– Өскөтүн дьиэ саахалланар туруктаах буоллаҕына?

— Туһааннаах дьиэни анал хамыыһыйа көрөн-үөрэтэн, «саахалланар туруктаах» диэн быһаардаҕына, нөҥүө ыйыттан хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуос төлөбүрэ тохтотуллар.

— Дьокуускай куоракка эргэ дьиэлэргэ олорооччулар газ ситимин көрүү хапытаалынай өрөмүөн харчытын суотугар ыытылларын туруорсаллара төһө олохтооҕуй?

Александр Чупров:

— Дьиэлээх дьон элбэҕи төлүөхтэрин баҕарбаттар. Ааспыт сылга 23 дьиэни газтан араарбыппыт. Олортон билиҥҥэ диэри 6 дьиэ холбоммокко турар. Диагностикаҕа биһиги көҥүлбүт суох. Бу үлэнэн 3 чааһынай тэрилтэ дьарыктанар.

— Быйыл хас дьиэҕэ күөх төлөнү араарыы суоһууруй?

— Быйыл көрүллүөхтээх болдьоҕо туолар 465 дьиэ баарыттан 40 дьиэ эрэ дуогабар түһэристэ. Ону таһынан бэйэбит быһаччы салайыыга ылбыт 195 дьиэлээхпититтэн 7 дьиэ дуогабардаста. Бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Дзержинскэй аатынан уулусса 1-кы уонна Халтурин 6-с нүөмэрдээх дьиэлэригэр гаһы араарыахпыт.

— Маннык кыһалҕа киин куоракка эрэ баар дуо?

— Жатай бөһүөлэгэр эмиэ араарыахтаахпыт. Маннык кыһалҕа Хаҥалас, Нам улуустарыгар уонна Бүлүүгэ Кыһыл Сыырга баар.

Айаал Багардынов:

— Дьиэ гаһын ситимин, кырааннарын көрөн бараннар, 5 сылга диэри уһатыахтарын сөп, ол кэнниттэн эрэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Манна биир чопчу бэлиэтиибин: диагностика оҥорторорго кыбартыыра иһинээҕини дьиэлээх киһи, таһынааҕыны (дьиэ иһиттэн газ холбонуллар источнигар диэри) тустаах салайар хампаанньа уйуналлар.

— Төлөбүрэ төһөнүй?

— Биир кыбартыыраҕа төлөбүрэ 1,5-3 тыһ. солк. буолар.

Леонид Бястинов:

— Биһиги дьиэлэрбит сэнэх буоланнар, итинник кыһалҕаны көрсө иликпит эрээри, онтон син биир куоппаппыт, сотору тиийэн кэлиэҕэ. Сыл аайы төлөбүр тарыыптарын кыбартыыраны бас билээччилэри кытта бигэргэтэбит. Газ диагностикатыгар туспа ыстатыйа көрүллүбэт, аһаҕас турар. Мин санаабар, дьиэлээхтэргэ уонна салайар хампаанньаҕа эрэ найылыыр табыллыбат. Муниципальнай тэриллии кыттыһыан наада. Көрүллүбэтэх атын да ороскуот элбэх буолар. Дьиэ акылаата ыйыллыбыт болдьоҕуттан эрдэ туһаттан тахсыан сөп. Холобур, быйыл биһиги таһыттан көрөн чинчийиигэ 60 тыһ. солк. харчыны төлөөтүбүт.

—  Черскэйгэ быйыл 2 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтааҕа, матырыйаал кэмигэр кэлбэккэ, хойутаата. Куонкуруһа суох судургутук ыытар тоҕо кыаллыбатый?

С.Давыдов:

— Биһиги федеральнай былаас олохтообут бэрээдэгин кэһэрбит сатаммат. Хотугу улуустарга логистиката уустугунан, хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ икки сыл ыытыллар гына оҥорон олоробут. Холобур, Аллараа Халымаҕа быйыл саҕалаабыт буоллахтарына, эһиил ситэрэллэр. Онон айманарга төрүөт суох.

— Барыта хас дьиэ хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ?

Ю.Намылов:

— Сылларынан эттэххэ, 2015 с. 133, 2016 с. 292 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Быйылгы былааҥҥа 198 дьиэ турар. Ону таһынан пилотнай бырайыагынан 73 дьиэҕэ 161 лифт уларытыллар, балартан үксэ – Нерюнгри куоракка. Уларытыллыахтаах болдьоҕо кэлбитинэн.
 Хаассаҕа кыбартыыра иһин төлөһө кэллэххэ, хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун туура тутан ылбаттар, талларар курдук ыйыталлар. Хапытаалынай өрөмүөн фондатыгар харчы угар булгу ирдэнэр буолбатах дуо?

Анастасия Новогодина:

— Усунуоһу булгуччу төлүөхтээххин. Дьиэ-уот кодексын 169-с ыстатыйатыгар олоҕуран ыстарааптыыр миэрэ туттуллан, пеня ааҕыллар. Кыбартыыраны бас билээччи ону билиэхтээх. Хапытаалынай өрөмүөн фондатыгар 4 тыһ. солк. элбэх иэстээх дьоҥҥо суутунан ирдэбил түһэриллэр. Ирдэһэр үлэ саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былырыын 228 мөл. солк. суумалаах иэс мунньуллубут буоллаҕына, быйыл 353 мөл. солкуобайга тиийдэ.

— Саҥа тутуллан киирбит уонна саҥатык дьиэҕэ олорооччулар аҕыйах сылынан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах дьиэ хаһаайыттарын кытта тэҥҥэ төлүүллэрин туох дии саныыгыт?

С.Давыдов:

— Бу 30 сыллаах бырагыраама. Хапытаалынай өрөмүөн фондата 2014 сыл иккис аҥаарыттан үлэтин саҕалыырыгар барыларыттан хомуйар буоллаҕына, 2016-2017 сс. тутуллан киирбит саҥа дьиэлээхтэри 5 сылга каникул биллэрэн төлөбүртэн босхолоотубут. Ити иннинээҕи кэмҥэ тутуллубут дьиэлээхтэр төлүүллэр. Дьиэ хас сыллаахха тутуллубутунан көрөн усунуос кээмэйигэр араарыы көрүллүбэт, 10 сыл буоллун, 20 сыл буоллун – биир сууманы төлүүллэр (эрдэ ыйыллыбытын курдук, мас уонна таас (лифтээх, либэ суох) эрэ диэн араарыллар).

— Оттон кырдьаҕас дьоҥҥо чэпчэтии көрүллэр дуо?

Елена Егорова:

— Чэпчэтии көрүллэр. 2015 сыл атырдьах ыйыгар бигэргэммит федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, аҥаардас, үлэлээбэт 70 сааһын ааспыт киһи хапытаалынай өрөмүөҥҥэ укпут харчытын 50, оттон 80 сааһын ааспыт кырдьаҕаска 100 бырыһыан толуйуу көрүллэр. Манна сыһыаран эттэххэ, чэпчэтиини көрөрүн-көрбөтүн регион бэйэтэ быһаарар, федеральнай сокуонунан I уонна II бөлөххө киирэр инбэлииттэр эрэ олоччу босхолоноллор. Толуйуу харчытын ыларга ирдэбилэ судургу: хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлөөбүт квитанцияҥ, сайабылыанньаҥ, үлэҥ киниискэтэ (үлэлээбэккин бигэргэтэргэр), пааспарыҥ уонна кыбартыыра бас билээччитэ буоларгын туоһулуур докумуонуҥ. Өскөтүн субсидиянан туһанааччы кыаммат, кыайан кэлбэт буоллаҕына, бэйэтин оннугар атын чугас аймаҕын ыытара көҥүллэнэр. Улууска олорор киһи почтанан ыытыан эбэтэр МФЦ өҥөтүнэн туһаныан сөп. Биһиги улуустарга сулууспалардаахпыт.

— Хапытаалынай өрөмүөнү ким ыытарый?

А.Багардынов:

— Хапытаалынай өрөмүөн фондата сакаасчыт быһыытынан ыыттарар. Үлэтин бэдэрээттэспит тэрилтэ толорор. Хапытаалынай өрөмүөн 12 суол көрүҥнээх (конструктивтаах). Ол аата кырыыһата эбэтэр ититии ситимэ буолуохтарын сөп. Өскөтүн дьиэ туруга мөлтөх, 70 бырыһыана эргэрбит (износ) буоллаҕына, көтүрүүгэ ыытыллыахтаах, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ хапсыбат. Маннык дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөн бырагырааматыттан таһааран кэбиһиллиэхтээх. Бу хайысхаҕа салайар хампаанньалар ыкса үлэлэһиэхтэрин наада.

Л.Бястинов:

— Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлөбүр икки көрүҥэ баар: регионнааҕы операторга төлүөххэ эбэтэр бааҥҥа анал счет арынан, туспа мунньуохха сөп. Биһиги хампаанньабыт сорох ТСЖ-лардыын дуогабарынан үлэлиир. Анал счеттаахтар уочараты кэтэспэккэ, хаһан өрөмүөн ыытылларын бэйэлэрэ быһаараллар. Хапытаалынай өрөмүөнү биир-биир буолбакка, кэлимник ыытар ордук буолуо. Дьиэлээхтэр баантан кирэдьиит ылаллар, ол бырыһыанын ставкатын судаарыстыба субсидия көрөн толуйар буоллун. Оччоҕуна дьон хамнаныа, кылгас кэмҥэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара ситиһиллиэх этэ. Бары көмөлөөн үлэлиирбит кыайыылаах буолуо.

— Атын регионнарга оннук уопут баар дуо?

— Түбэһэн көрбөтөҕүм-аахпатаҕым гынан баран, сокуон ону көҥүллүүр.

А.Багардынов:

– Сүүһүнэн кыбартыыралаах улахан дьиэҕэ олорор ыаллар анал счет арыналлара табыгастаах, туох наадатын чопчу оҥортороллор буоллаҕа. Онон анал счекка көһөргө сүбэлиэм этэ. Дьиҥэр, усунуос кээмэйэ оннук улахан буолбатах: 500 кв. м иэннээх икки этээстээх, 12 кыбартыыралаах мас дьиэҕэ олорор ыаллар ыйга холбоон 1800 солк. харчыны угаллар, ол аата сылга – 21 тыһ. 600 солк. киирэр. Оттон кырыыһаны саҥалыы оҥоруу 800 тыһ. солк., дьиэни кэлимник өрөмүөннээһин 6 мөл. солк. турар. Мас дьиэлээхтэр 277 сыл тухары төлөөтөхтөрүнэ итиччэ суума тахсар. Онон судаарыстыба өйөбүлэ улахан.

– Анал счеттаах хас дьиэ баарый?

С.Давыдов:

— Өрөспүүбүлүкэҕэ анал счеттаах 100-тэн тахса дьиэ баар. 2014 с. 7, 2016 с. 8, быйыл 4 анал счеттаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Ити үксэ Нерюнгрига. Ол сыалга судаарыстыба бүддьүөтүттэн үп көрүллэр. Федеральнай таһымтан хапытаалынай өрөмүөҥҥэ анаан 2008 сылтан харчы кэлэр этэ, ол кэлин ыараата. Тоҕо диэтэххэ, хапытаалынай өрөмүөн энергоэффективнэй буоларын ирдииллэр, өрөмүөн түмүгэр 10 бырыһыаннаах экономия биэриэхтээх. Ол биһиэхэ кыаллыбат. Быйыл онтон иҥнэн кыттыбатыбыт.

Түмүк санаа

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри аҥаар кырыытыттан хапытаалынай өрөмүөн испииһэгэр киллэримиэххэ. Улуустар, салайар хампаанньалар быһаччы кыттыһаннар, орооһоннор, иккиттэн биир суолу – дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулларын эбэтэр дьиэ саахалланар туруктааҕынан күрдьүллэрин туһунан чуолкай иһитиннэриини биэриэх тустаахтар. Хас биирдии кыбартыыралаах киһи кини хапытаалынай өрөмүөн харчытын бэйэтин туһугар буолбакка, дьиэ 1 кв. миэтэрэтигэр угарын өйдүөхтээх. Ол эбэтэр кини атын дьиэҕэ көстөҕүнэ, угуллубут харчы ол дьиэ туһатыгар хаалар. Уонна киллэрбит харчыта (мунньуллубут үп) хапытаалынай өрөмүөҥҥэ эбэтэр эргэ дьиэни көтүрүүгэ, көһөрүүгэ туһаныллар.

Сүбэ-соргу

Манан сиэттэрэн эттэххэ, кыбартыыра атыылаһаргытыгар Элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн фондатыгар хайаан даҕаны эрийэн эбэтэр сылдьан, атыылаһыахтаах кыбартыыраҕыт иэстээҕин-иэһэ суоҕун чуолкайдаһыҥ! Кыһыл тылга итэҕэйдэххитинэ, кыбартыыра мунньуллубут иэһин бэйэҕит төлүүргүтүгэр күһэллиэххит. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбит: хапытаалынай өрөмүөн харчыта кыбартыыраны бас билээччигэ буолбакка, дьиэҕэ «үлэлиир».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
12 декабря 12.12
  • -41°
  • $ 103,27
  • 108,56

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: