«Сахамедиа» суруналыыстара Таатта улууһун Дьохсоҕонугар эмиэ сырыттыбыт. Бу нэһилиэк олорор бөһүөлэгинэн Боробул, хаһаайыстыбатынан Победа диэн сэмсэ ааттардаах. Сыалбыт ходуһаҕа тиийэн отчуттары кытта көрсөн кэпсэтии этэ. Ити эрээри ардах түһэн, суолу алдьатан, отчуттарга уонна сайылыкка кыайан тиийбэккэ, бөһүөлэк иһинэн муҥурданныбыт. Бу улуус биир киэн туттар сирин туһунан тугу билбиппитин «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.
Ыһыахтыыр паарканы Айыы сиригэр кубулуталлар
Быйыл Дьохсоҕон нэһилиэгэ Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика министиэристибэтэ ыытар куонкуруһугар кыайан, бөһүөлэги тупсарыы үлэтигэр 4,5 мөл. солк. суумалаах граны ылбыт. Сүрүн үлэ ыһыахтыыр сиргэ, пааркаҕа ыытылла турар диэбиттэрин иһин, онно тиийбиппит – сиикэрэлээн түһэр ардах быыһыгар үс эрэ киһи үлэлии сылдьар.
Эрбии тыаһын ортотугар хаһыытаһан-үөгүлэһэн билистибит: Владимир Тарбахов салалтатынан Роман Иванов уонна Василий Ючюгяев диэн эдэр дьон үлэлии сылдьаллар. Роман – култуура эйгэлээх киһи уоппускатын кэмигэр харчылаһар, Василий куораттан тиийэ сылдьар. Оттон Владимир Хрисанфович агроном үөрэҕин бүтэрэн баран, идэтинэн биир эрэ сыл үлэлээбит, 1986 сылтан ыла наар тутууга сылдьар эбит, ырыынак үйэтигэр чааһынай тэрилтэ тэриммит.
Бу ыһыах дьоно күнү көрсөр, сиэр-туом толоруллар түһүлгэтин тута сылдьаллар. Түөлбэлэргэ анаан биэс саха балаҕанын уонна күнү көрсөргө тоҕус айыы ампаарын тутуохтаахтар. Тутуу маһын саас субуотунньук күүһүнэн бэлэмнээбиттэр. Сайын мантан төрүттээх, устудьуоннуур ыччаттар 20 буолан этэрээт тэринэн кэлэн, пааркаҕа күрүө тутуутугар, кырааскалааһыҥҥа үлэлээбиттэр уонна төрөөбүт дойдуларыгар “Мин Боробулбун таптыыбын” диэн дьон сынньанарыгар анаан бэсиэккэ оҥорон бэлэхтээбиттэр. Быстах-остох үлэлэргэ оскуола үөрэнээччилэрэ көмөлөһөллөр.
Нэһилиэк киэн туттуута, кэскилэ – “Кэскилээнэ” цирк студията
Уопсастыбаннай үлэ-хамнас, Таатта улууһун атын нэһилиэктэригэр курдук, Дьохсоҕоҥҥо эмиэ уҕараабакка ыытылларын Элбэх хайысхалаах киин киирэр ааныгар “Эйгэ” сиэр-туом үөрэҕин, “Чөмчүүнэ”, “Көмүс сүүтүк”, олоҥхо уонна көр-күлүү түмсүүлэрин, “Күн күбэй” дьахтар сүбэтин, ыччакка аналлаах “Эрчим” уонна ийэлэргэ “Илгэ” үҥкүү бөлөхтөрүн, “Иэйии” ырыа бөлөҕүн, улахан дьоҥҥо “Үрүччэ” уонна оҕолорго “Күнчээнэ” фольклор бөлөхтөрүн үлэлэрин көрдөрөр-кэпсиир стендэлэр ыйаммыттара кэрэһилиир.
Ити гынан баран, уһун синньигэс испииһэккэ суох, рекламаламматах даҕаны буоллаллар, саамай ситиһиилээхтэрэ — “Кэскилээнэ” цирк студията буолара саарбахтаммат. Дьохсоҕоттору хомоппот туһуттан “Стендэ хас да сыллааҕыта оҥоһуллубут буолуон сөп, оттон бу сонун дьарыкка оҕолору уһуйуу былырыын эрэ саҕаламмыт” диэн быһааран кэбиһиим.
Студияҕа биэс кыысчаан дьарыктанар: Олеся Тихонова, Айта Яковлева, Сардаана Степанова, Маша Толстякова, Ильяна Габышева.
Ытык Күөлтэн Иван Егорович Табунанов тахсан, ааспыт сыл алтынньы ыйга иккис, төрдүс кылаастарга үөрэнэр кыргыттартан уон оҕону сүүмэрдээн ылбытыттан тиһэххэ чахчы баҕалаах ити биэс кыыс хаалбыт. Эбии үөрэхтээһин киэбинэн нэдиэлэҕэ түөртэ дьарыктаналлар. Манна кыбытан эттэххэ, Иван Егорович ыаллыы Чөркөөххө эмиэ биэс кыыһы иккис сылын “Сардаана” цирк студиятыгар дьарыктыыр эбит.
“Кэскилээнэлэр” кылгас кэм иһигэр диэтэххэ, ситиһиилэрэ баһырхай: “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга II степеннээх лауреат аатын ылбыттар, “Мамонтенок” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттан, финалга гала-кэнсиэргэ киирбиттэр, Чурапчы Мугудайыгар ыытыллыбыт цирк студияларын күрэхтэһиитигэр аан маҥнай I степеннээх лауреат буолбуттар, онтон “Хотугу сулус” куонкуруска I степеннээх диплому ылбыттар.
Онон Дьохсоҕон олохтоохторугар кырачаан “победалартан” кынаттанан улахан кыайыылар кэлэ туруохтарыгар киһи саарбахтаабат. “Кэскилээнэ” студия кэскилэ кэҥээн истин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: