«Киһи олоҕор дьоло — кини оҕолоро, сиэннэрэ буолаллар», — диэн 90 саастаах ытык кырдьаҕас, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Хаҥалас улууһун олохтооҕо Вера Дмитриевна Федорова. Эбээ Биэрэ биир сиргэ чуҥкуйан олорбот, мэлдьи хамсана-имсэнэ, туох эмэ туһалааҕы оҥоро сылдьар үлэһит киһи. Кини итии үүттээх чэйин сыпсырыйан иһэ-иһэ кэпсээнин саҕалаата.
Вера Дмитриевна-Биэрэ эмээхсин 33 сыл ыанньыксытынан үлэлээбит буолан, кэпсээнигэр үгүстүк үлэ-хамнас, ынах-сүөһү, айылҕа туһунан ахтан ылар. Кини 9 оҕото, кийииттэрэ, күтүөттэрэ бука бары тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ. Дьиэ кэргэнинэн бары холбоон тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 485 сыл үлэ ыстаастаахтар. Улахан Аан нэһилиэгэр Трофимовтар түргэн, ыраас туттунуулаах, хаачыстыбалаахтык үлэлиир дьонунан сыаналаналлар. Онуоха сүрүн оруолу ийэ киһи ылара буолуо. Кини оҕолорун көрөн-истэн, сөпкө иитэн таһааран, күн бүгүн сиэннэрин оҕолорун бүөбэйдэһэ сылдьар.
Икки сыллааҕыта Биэрэ эмээхсин сиэн кыыһын сиэппитинэн алааһыттан чугас көстөр дэлээнэҕэ дьэдьэннии тахса сылдьыбытын куорат дьоно көрөн олус диэн соһуйбуттар. Ол эрээри киһи айылҕаҕа сырыттаҕына ордук сынньанар, онон сааһыттан тутулуга суох киһи барыта кылгас сайын кэрэ күннэрин айылҕалыын алтыһан атаарарга дьулуһара ханна барыай. Биэрэ эмээхсин даҕаны сөбүлүүрэ — айылҕа. Уу Көхсө алааһыгар сыл аайы сайылыыра, сааскы бастакы сибиэһэй салгыны эҕэрийэн ылара киниэхэ олус күндү.
90 саас — ытык саас. Саха киһитэ барахсан сэмэйэ бэрт буолан, элбэх саҥата суох, тутта-хапта сылдьарынан, үлэҕэ сыһыанынан, тус сатабылынан оҕолорун иитэр, уопсастыбаҕа холобур буолар. Вера Дмитриевна киһи үлэттэн толлуо суохтаах, сүөһүнү көрөр эрэ буоллахпытына, дьоммутун-сэргэбитин иитэн-аһатан олоруохпут диэн этэр. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн барыларын дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыаран улаатыннартаабыт. Уолаттара килиэптэрин мэһийэн, ынахтарын ыан, кыра бырааттарын, балыстарын көрөн-истэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуспакка эйэ-дэмнээхтик улааппыттар. Ону ийэ киһи оҕолоруттан ирдиир буолан, дьонун тылларыттан тахсыбакка улаатаннар, билигин дьиэ кэргэнинэн олус эйэлээхтэр.
«Уһун үйэлээх буоларга киһи хайдах аһаан-сиэн, үлэлээн-хамсаан сылдьыахтааҕый?» — диэн ыйытыыбар, Биэрэ эмээхсин: «Саха төрүт аһын аһааҥ, атын омук аһа буортута элбэх. Сахалыы боростуой миини, хортуоппуйдаах эттээх соркуойу, суораты, күөрчэҕи, иэдьэгэйи тото-хана сиибин, хаһан да хал буолбаппын. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ бэйэтин таҥаһын-сабын көрүнэн сырыттаҕына, хайа да тымныыга бэриммэт. Киһи холкутук сылдьыан наада. Куһаҕаны саныыр, ырдьыгыныы сылдьар киһи санааҕа ылларыан сөп. Ол санааҕа ылларыы киһини эрдэ кырытыннарар дии саныыбын. Билиҥҥи кэм оҕото компьютер оҕото буолла. Бу мантан тэйитэ сатыахха баара. Мин оҕолорбун үлэни араарбакка, бары саба түһэн үлэлииллэрин курдук үөрэтэ сатаабытым. Уол оҕо ас астыыра, балыстарын көрсөрө, дьиэни-уоту хомуйара туох да куһаҕана суох. Оҕо кыратыттан үлэлиир буоллаҕына, кини ас-таҥас хантан кэлэрин сыаналыы үөрэнэр«, — диэн санаатын үллэстэр.
Ытык кырдьаҕас олоҕун уопутуттан кэпсииринэн, киһи оҕолорун үчүгэйдик ииттэҕинэ — толору дьолу билэр. Тоҕо диэтэххэ хайа да үрдүк наҕараада, үрдүк соло сылаас, истиҥ кыһамньылаах сыһыаны солбуйбат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: