Таатта улууһугар 2017 сылы түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин тохсунньу 26 күнүгэр буолан ааста. Бу күн улуус баһылыга Михаил Михайлович Соров ааспыт экология, ыччат, дьиэ кэргэн сылыгар ситиһиилээхтэри эҕэрдэлээтэ. Быйыл Тааттаҕа «Чэгиэн-чэбдик олох уонна спорт сыла» биллэриллибитин иһитиннэрдэ.
Республикатааҕы адаптивнай спорт киинин директора, Саха Республикатын физическай культураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Семеновна Михайлова «Саха Республикатын физическай культураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ» бэлиэни, спорт ветераныгар, сахалартан биир бастакынан үрдүк үөрэхтээх физкультураҕа учууталга, боксаҕа спорт ветераныгар, 86-с хаарыгар сылдьар Николай Иванович Куличкиҥҥа уонна «Саха Республикатыгар спорт национальнай көрүҥнэригэр кылаатын иһин» бэлиэни пауэрлифтиҥҥэ аан дойду чемпиона, Тааттыныскай нэһилиэк тренеригэр Николай Иннокентьевич Матаннановка туттарда. Улуус баһылыгар Михаил Михайлович Соровка, спорткомитет начальнигар Гаврил Гаврильевич Вырдылиҥҥа республикатааҕы АФК киинин махтал суругун уонна спортивнай инвентарь сертификатын туттарда. Салайааччылар ааспыт экология, ыччат, дьиэ кэргэн сылыгар бастыҥ үлэлээх дьону эҕэрдэлээтилэр, бэлиэтээтилэр. Михаил Михайлович комплекснай спартакиада кыайыылаахтарын, 10 бастыҥ спортсмены, үс адаптивнай спортка бастыҥнары, номинация хаһаайыттарын эҕэрдэлээтэ, анал бэлиэлэри туттарда. Ити курдук Тааттаҕа чэгиэн-чэбдик олох уонна спорт сыла киэҥ далааһыннаахтык саҕаланна.
Волейбол
Тохсунньу 27-28 күннэригэр Таатта улууһун баһылыгын бирииһигэр оҕолорго волейболга аһаҕас турнир буолан ааста. 2003-2004 сс. оҕолор күрэхтэстилэр. Амматтан, Өлүөхүмэттэн, Чурапчыттан, Дьокуускайтан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан кыргыттарга 11, уолаттарга 4 хамаанда кытынна.
Түмүккэ: кыргыттарга 1м Өлүөхүмэ, 2м Дьокуускай, 3м Чурапчы, уолаттарга 1 м Амма, 2м Таатта (тренер И.Г.Турнин), 3м Нам буоллулар.
Кыайыылаахтарга улуус баһылыга Михаил Михайлович Соров «Цикл» ХЭТ-тэн сертификаттары, улуус баһылыгын I солбуйааччыта, волейбол федерациятын бэрэссэдээтэлэ Иван Иванович Потапов, И.Г.Федосеев аатынан ОСО директора Егор Егорович Ноенохов, кылаабынай судьуйа Дмитрий Викторович Попов номинациялары туттардылар.
Тохсунньу 27 күнүгэр Ытык Күөлгэ 28 сыл буолан баран Таатта улууһун көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионатыгар 10 нэһилиэктэн 68 тустуук кытынна. Улуус баһылыга, көҥүл тустуу федерациятын бэрэссэдээтэлэ Михаил Михайлович Соров, спорткомитет салайааччыта Гаврил Гаврильевич Вырдылин, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Анатолий Николаевич Никитин, күрэхтэһии кылаабынай судьуйа Николай Петрович Старостин эҕэрдэлээтилэр. Көҥүл тустуу федерациятын чилиэнэ, «Төлөн» ААО генеральнай директора Прокопий Дмитрьевич Рахлеев 100 000 солкуобайдаах бириискэ фонданы туруордулар, комментаторынан Петр Петрович Ермолаев үлэлээтэ. Спорткомитет, КДСК «Сарыал» (дир. А.И.Тарасов), оҕо спортивнай оскуолата (дир. Е.Е.Ноенохов) көмөлөөн тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. КСК-ҕа көрөөччү толору мустан күрэхтэһиини олус бэркэ көҕүлээбиттэригэр тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын биллэрэбит.
Чемпионат хамаанданан түмүгэ маннык буолла: 1м. 15 очколаах Дьохсоҕон, 2 м. 18 очколаах Ытык Күөл, 3 м. 26 очколаах Туора Күөл, 4 м. 29 очколаах Харбалаах, 5 м. Чымынаайы, 6 м. Дэбдиргэ, 7 м. Даайа Аммата, 8 м. Чычымах 9 м. Кыйы, 10 м. Уус Таатта буоллулар.
Ыйааһыннарынан чемпионнарынан буоллулар: 57 кг. Васильев Никита, Уус Таатта, 61 кг. Тистяхов Ньургун, Боробул, 65 кг. Ефимов Костя, Дэбдиргэ, 70 кг. Захаров Егор, Боробул, 74 кг. Заворотнай Саша, Боробул, 86 кг. Карпенко Володя, Боробул, 79 кг. Осипов Гена, Туора Күөл, 92 кг. Кузьмин Эдик, Туора Күөл, 97 кг. Ефимов Евгений, Ытык Күөл, 125 кг. Рахлеев Дмитрий, Харбалаах. Хара Алдан, Баайаҕа, Чөркөөх оскуолаларыттан кыттыбатылар.
Тохсунньу 27 күнүгэр Уолбаҕа волейболга совхозтарынан улуустааҕы күрэхтэһии буолан ааста. Уопсай түмүккэ: 1м Таатта, 2м Райцентр, 3м П.Алексеев. Эр дьоҥҥо: 1м Таатта, 2м Райцентр, 3м П.Алексеев, дьахталларга 1м Райцентр, 2м Таатта, 3м П.Алексеев буоллулар.
Атын улуустарга күрэхтэстибит
Тохсунньу 27-28 күннэригэр Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортотугар волейболга республикатааҕы турнир буолан ааста. Тааттаттан икки хамаанда олорон эрэ волейболга (ПОДА), биир туран эрэ волейболга (ВОИ) кытынна. 7 улуустан (Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Таатта, Нам, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан) 168 спортсмен кыттыыны ыллылар. Түмүккэ, олорон эрэ волейболга (ПОДА) эр дьоммут 2 миэстэ, туран эрэ волейболга (ВОИ) 3 миэстэ буоллулар.
Гиирэ успуорда
Тохсунньу 27 күнүгэр Чурапчы улууһун Төлөй сэлиэнньэтигэр биирдиилээн, хамаанданан бастыыр иһин Чурапчы улууһун федерациятын кубогар, РФ физкультураҕа уонна спортка туйгуна Н.Н.Решетников аатыгар күрэхтэһии буолла. Уопсайа 8 улуустан 60 гиирэ анньааччылара ким күүстээҕин быһаарсан, илин кэлин түһүстүлэр. Биһиги улуустан 4 гиревик улуустарын чиэһин үрдүктүк тутан чиэстээхтик көмүскээтилэр.
Уопсай хамаанданан түмүккэ 6-с миэстэҕэ таҕыстыбыт.
Биирдиилээн түмүк: Оксана Нахова (тренер А.А.Соловьев, Кыйы) 5м, Рената Неустроева 2м, Станислав Белолюбскай 3м, Михаил Порядин 3м (тренер И.И.Бояров, Ытык Күөл) ыллылар.
Форум собрал представителей журналистского сообщества и общественности региона
В гороскопе на завтра для всех знаков зодиака вы поймете, что ожидать в ближайшие 24…
Подборка публикаций за пятницу
Мероприятие объединило более 2500 якутян
С возрождением навигации по восточному крылу Севморпути миссия Тиксинской агломерации наполняется новыми смыслами
Предварительно для участия было отобрано 25 наиболее интересных в историческом, общественном и культурном плане работ