Быйыл күһүөрү соҕус дьикти кэрэ айылҕалааҕынан биллэр Тэҥкэ Оторууһугар тиийэ сырыттым. Тэҥкэлэр бэйэлэрин уоллара, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, сүрүннээн сылгы иитиитинэн дьарыгырар Павел Игнатьев бу сиргэ олохтоохтук оҥостон үлэни саҕалаабыт.
Оторуус туһунан билиһиннэрэ түстэххэ, Тэҥкэ сэлиэнньэтин уун-утары кэриэтэ Бүлүү өрүс уҥа биэрэгин устун тэнийэн сытар өрүс хочото сир. Урукку өттүгэр бу түбэ бэйэтэ эмиэ туспа дьиктилэрдээх, устуоруйалаах сир эбит. Түҥ былыр Тэҥкэҕэ Оторуус диэн улуу удаҕан олоро сылдьыбыт. Кини баһын дүҥүрүн иһигэр уган олорон кыырара үһү диэн былыргы кырдьаҕастар кэпсииллэрэ эбит.
Оттон Сунтаар сиригэр алмааһы аан бастаан (1949 с.) бу сиргэ көрдүү сылдьыбыттара биллэр. Ол биир туоһутунан бу манна, Тэҥкэҕэ, норуокка биллэринэн «Баабырыка» диэн учаастак баар. Оттон сопхуостар муҥутаан сайдан турдахтарына, Оторууска ураа муостаах маҥыраабыт аҕай, сыспай сиэллээх сырыырҕаабыт аҕай сирэ буоллаҕа. Онтон кэлин Оторуус сирэ сүүһүнэн гаалаах бааһына буола сылдьыбыта. Ол бааһынаҕа үлэлээбит «хонуу хараабыллара» (хамбаайыннар) хайдах үлэлээн кэлэн тохтообуттарай да, ол кэнниттэн туох да харалтата, көрүүтэ-истиитэ суох ыһыллан-тоҕуллан туралларын көрөн, хайдах эрэ харааста саныыгын.
Өһүргэс буолбатах, сопхуос эстибитин кэннэ тэҥкэлэр Оторуустарын барытын кыанан оттообот буолан, Кириэстээх ТХПК-гар түүлүү (арендалыы) сылдьыбыттара. Онтон дьэ быйылгыттан ыла тэҥкэлэр бэйэлэрин уоллара, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, сүрүннээн сылгы иитиитинэн дьарыгыран эрэр Павел Григорьевич Игнатьев бу сири арендаҕа ылан оттоон, олохтоохтук саҕалаата. Кини былырыыҥҥыттан сылгы иитиитигэр бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир. 1,5 мөл. солк. субсидия ылбыт. Онтунан былырыын «Синтай» тыраахтар атыыласпыт, сылгытын базатын, күрүөтүн-хаһаатын тутууну саҕалаабыт. Павел былырыын 60 т оттообут буоллаҕына, быйыл 190 т ыллым диир. Онно, биллэн турар, быйыл сайын күн-дьыл туруга үчүгэйэ, от лаппа үүммүтэ уонна 500 тыһ. солк. сыаналаах Германияҕа оҥоһуллубут оту рулоннуур тэрил ылбыта сүрүн төһүү күүс буолбуттарын бэлиэтиир. Пресс-подборщига арыый эрдэ кэлбитэ буоллар, оту өссө оттоомолуохпут хаалла диир. Эһиил Оторууһунан муҥурдаммакка, Тэҥкэ өттүгэр эмиэ оттуур былааннаах. Инникитин Тэҥкэ хоһуун ыччата былаана өссө баһаам, ону саха сиэринэн мээнэ ыһа-тоҕо кэпсээбэт, кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ дииригэр сөбүлэһиэххэ эрэ сөп.
Павел Игнатьев билиитин-көрүүтүн өссө хаҥатар сыалтан былырыыҥҥыттан Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ветеринария отделениетыгар кэтэхтэн үөрэнэр.
Эдэр пиэрмэр Павел Игнатьев былааннарыттан биир саамай биһирээбитим кини сир оҥоруутугар ылсар былааннаахпыт диэбитэ буолар. Билигин кэлэн саҥа сири күттэрэн, хорутан оҥорор туһунан санаабатаргын даҕаны, саатар урукку оҥоһуллубуту чөлүгэр түһэрэр төһөлөөх үчүгэй, кэскиллээх дьыала буолуо этэй! Ити Павел Игнатьев звенота Оторуус сирин хайдах курдук оттоон нэлэһиппитин көрөн, оннооҕор мин, «оту сиэбэт» киһи, көрөн дууһалыын үөрдүм, астынным. Тулабытыгар төһөлөөх сир оҥоһулларын ааһан оттоммоко кур сэтиэнэх, лаҥха буолан сытаахтыыра буолуой?!. Кыыл-сүөл сүтэр, симэлийэр, ойуур баһаардара турар сүрүн төрүөттэринэн олор эмиэ буолаллара мэлдьэһиллибэт чахчы. Сорохтор этиэххитин сөп, ханна баар элбэх сүөһүгэр ону оттоору гынаҕын диэн. Хомойуох иһин, билигин кырдьыга да оннук. Сыллата сүөһүбүт аҕыйыыр, оттуур сирбит кээмэйэ куччуур. Сир оттоммото, өртөммөтө даҕаны көрдөрбүтүнэн кур сэтиэнэх, устунан ойуур буолара биллэр.
Дьэ онон Тэҥкэ ыччата Павел Игнатьев кэскиллээх дьыалаҕа ылсан эрэрин хайгыахха, салгыы өйүөххэ эрэ наада. Кини маннык дьаһанан үлэлээн-хамсаан эдэрдэри үлэҕэ үөрэттэрбин, тартарбын диирэ истиэххэ олус үчүгэй. Павел Григорьевич, били, этэргэ дылы, Тэҥкэни Тэҥкэ гынар туһугар биир сүрүн сүбэһитинэн-амаһытынан кини айбыт аҕата, Тэҥкэ нэһилиэгин бастакы баһылыгынан (1992-2003 сылларга) үлэлээбит Григорий Иванович Игнатьев буолара саарбаҕа суох. Оттон билиҥҥи баһылык Николай Иванович Попов эмиэ кэккэ кэскиллээх былааннардааҕа биллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: