Сунтаарга «Ньургуһун» дьыссаат саҥа дьиэлэннэ

09:27, 29 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Быйылгы үөрэх дьыла Сунтаар улууһугар олус үчүгэй тэрээ­һиннэртэн саҕаланна. Ол курдук, саҥа оҕо саадтара аһыллан, кы­рачааннары көрүстэ. Бу сотору­таа­ҕыта Аллыҥаҕа бэртээхэй тутуу үлэҕэ киирэн, үлэһиттэргэ, кырачааннарга, төрөппүттэргэ улахан бэлэх буолла. Онтон бу ааспыт нэдиэлэҕэ улууспут киинигэр улахан таас дьиэ – 3 этээстээх «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ — үөрүүлээх аһыл­лыыта үрдүк таһымҥа ааста.


«Ньургуһун» оҕо саада быйыл­гы үөрэх дьылыгар диэри бэйэ­титтэн хочуолунайдаах эргэ дьиэ­ҕэ үлэлии турбута. Үлэһиттэр кыһамньылаах илиилэринэн олус тупсаҕай гына оҥостон, элбэх көлүөнэ оҕону иитэн-үөрэтэн та­һаарбыттара. Идэлэригэр бэри­нии­лээх исписэлиистэр бары сатабылларын, билиилэрин ууран, үөрэтэн-такайан, улууска, өрөс­пүү­бүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх оҕо тэрилтэтэ буолары ситиспиттэрэ. Кыра­чааннар араас күрэх­тэргэ, Арассыыйа таһымыгар тии­йэ, бириистээх миэстэлэри ылал­­лара анал үөрэхтээх иитээч­чилэр, куруһуоктар салайааччыла­ра идэлэрин чахчы баһылаабыттарын туоһута.

Билигин оҕо саада 240 миэс­тэлээх, 90-ча үлэһиттээх улахан кэлэктиип буолла. Үлэлииргэ, кы­рачааннар сайдалларыгар толору хааччыллыылаах оҕо сайдар кии­ни­гэр оҕоҕо төрөөбүт тылын, кул­тууратын, улуу нуучча, ону сэргэ омук тылларын (английскай) үөрэ­тии бырагыраамалаах үлэлиир кыахтанна.

Саҥа дьиэ үөрүүлээх аһыл­лыытыгар улуус баһылыга Анато­лий Григорьев бу дьиэ олус түргэн эрээри, хаачыстыбалаахтык тутул­лубутун эттэ. Ол курдук тутааччы «ВИД» ХЭТ (сал. Владимир Яков­лев) олус эппиэтинэстээхтик үлэ­лээбитин бэлиэтээтэ. Тутуу 2015 сылтан са­ҕаламмыт. Судаарыс­тыбаннай-чааһынай партнер­ствонан ыыты­лынна.

Улуустааҕы үөрэх управление­тын начаа­лынньыга Гаврил Ере­меев өрөспүүбүлү­кэҕэ маннык үчүгэй ту­туулаах, толору хаач­чыллыылаах оҕо саада үлэҕэ киирби­тигэр «Ньургуһун» оҕо сай­дар киинин кэлэк­тиибэ, сэбиэдиссэй Светлана Руфова тутааччылар­дыын тэ­бис-тэҥҥэ сылдьан туох-ханнык кыһалҕа­лар баалларын билсэ турбуттарын, оскуо­лаҕа киириэн инни­нээҕи үөрэхтээһин салайааччыта Анто­нина Савви­нова олох бэйэтин дьиэтин тут­тарар курдук долгуйа, кыһана, тутуу хаамыытын барытын билсэ, үлэлэһэ сылдьыбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Саҥа дьиэ үлэҕэ киирэр үөрүүтүгэр тэрилтэ бэтэрээн үлэ­һиттэрэ, төрөппүттэр, биир идэ­лээхтэрэ – нэһилиэк атын оҕо саа­дын үлэһиттэрэ баҕа санаа басты­ҥын эттилэр. Инникитин да элбэх ситиһиини баҕардылар. «Түбүк­тээх үлэҕит түмүгэ – оҕо­лоргут ситиһиилэрэ буоллуннар» диэн эҕэрдэлээбит эрэ барыта эттэ.

Үөрүүлээх чааска тутааччылар­га тустаах министиэристибэлэр­тэн Бочуотунай грамоталар, улуус дьаһалтатын махтал суруктара туттарылыннылар. Саҥа дьиэ хаһаайкатыгар Светлана Дмит­риев­наҕа бу күн икки бүк үөрүү буолла. Саҥа дьиэ күлүүһүн сэр­гэ, Саха сирэ Арассыыйаҕа хол­боспута 385 сылынан үбү­лүөйүнэй мэтээл туттарылынна. Кырачаан­нар саҥа дьиэҕэ киир­биттэ­ригэр үс тылынан (саха­лыы, нууччалыы, английскай­дыы) мах­талларын биллэрди­лэр. Араас күрэхтэр кыайыылаах­тара ырыаларын, үҥкүүлэрин кө­рөөч­чүлэр дохсун ытыс тыаһы­нан арыаллаатылар.

Экология сылынан тэлгэһэҕэ биһиги дойдубутугар сэдэхтик үүнэр мастары олортулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
15 декабря 15.12
  • -32°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: