Сунтаар улууһугар алтыс төгүлүн ыаллыы сытар Мииринэй оройуонун бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ, сүрүннээн «АЛРОСА» хампаанньа кыттыылаах үлэ дьаарбаҥката буолан ааста. «Ыччат дьиэтигэр» буолбут быйылгы дьаарбаҥкаҕа улууспут бары нэһилиэктэриттэн барыта 160-ча киһи кэлэн кытынна.
Бу сырыыга дьаарбаҥкаҕа үлэ миэстэтин Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээтэ (ГОК) туруорда. Тэрээһиҥҥэ кэмбинээт бэрэстэбиитэллэрэ О.Г.Зайка, Е.С.Абдуллаева, А.А.Лапихин кытыннылар. Билигин кэмбинээт иһинэн «Удачнай», «Зарница» кимберлит туруупкалара уонна Үөһэ Муунатааҕы учаастак үлэлииллэр. Кэмбинээт алмааһы хостооһуҥҥа «АЛРОСА»-ҕа ылар ирээтэ ааспыт 2016 сылга 11% тэҥнэспит.
Дьаарбаҥкаҕа кыттыбыттартан үксүлэрэ суоппар идэтин көрдүүллэр. Үлэҕэ ылыллар түгэннэригэр улахан аҥаардара Үөһэ Муунаҕа барыахтара. Билигин онно улууспутуттан хас да киһи үлэлии сылдьар.
Дьаарбаҥка кыттыылаахтарын улуус баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэлээн туран, ситиһиилэри баҕарда. Ол кэннэ Удачнайдааҕы ХБК бэрэстэбиитэллэрэ үлэ-хамнас ымпыктарын-чымпыктарын, ханнык мааркалаах тиэхиньикэҕэ үлэлиэхтэрин туһунан кылгас гынан баран, өйдөнүмтүөтүк кэпсээтилэр.
Үлэ дьаарбаҥкатын түмүгүнэн 130 киһи бэйэтин резюметын (наада буолар докумуону) толорон туттарда. Олору үөрэтэн, билсэн баран, наадалаах исписэлиистэри кэлэр 2018 сыл III кыбартаалыгар үлэҕэ ыҥырыахтара.
В поселке объявлен режим повышенной готовности
В спектакле раскрывается образ матери, воспитавшей героя, и женщины, способной любить и ждать бойца
По оперативным данным, пострадало два человека
Фильм стал дебютом в кино для известного в республике иллюзиониста Алексея Гольдерова
Сотрудники МЧС России достали одного, он в сознании. Второго - ищут
Военнослужащие поделились эпизодами боевой службы, интересовались новостями Якутии, рассказали о своем самочувствии