Сунтаарга Ийэ күнүгэр икки уолга Данил уонна Сайдам диэн аат бэрилиннэ

10:18, 17 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Сунтаардар Ийэ күнүн бэлиэ­тээтибит. Бу бэлиэ күнү көр­сө бээтинсэҕэ таас балыыһа оҕону төрөтөр отделениетыттан күн сирин саҥа көрбүт икки кырачаан уолу дьиэлэригэр атаарыы үөрүүлээх тэрээ­һинэ буолла.


Төрөппүттэри кытта тэҥҥэ бу үөрүүлээх түгэни Сунтаардааҕы ГТАС сэбиэдиссэ­йэ Анна Григорьева, улуус дьа­һалтатын социальнай боппуруос­тарга сүрүннүүр исписэлииһэ Тамара Иванова уонна отделение эмчиттэрэ тэҥҥэ үллэһиннилэр.

Бастатан туран, Анна Васильев­на улууспут саҥа олохтоохторугар ааты биэрии сиэрин-туомун ыыт­та. Инникитин хас биирдии киһи аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр. Элгээйиттэн сылдьар Алена Гуляева бастакы уол оҕотун Данил диэн ааттаабыт. Бу аат былыргы еврей норуотуттан төрүттээх. Да­нил диэн ааттаах эр дьон олус мындыр өйдөөх, боччумнаах дьон буолаллар эбит. Оҕо сылдьан ки­нилэр олус көрсүө, үтүө санаалаах, тугу эмэ оҥоруохтарын иннинэ үчүгэйдик толкуйдаан баран биир­дэ оҥорор эбиттэр. Аленаны үөрүүлээх күнүгэр ийэтэ, дьүө­гэлэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

Түбэй Дьаархантан сылдьар Свет­лана Иванова 9-с оҕотун Сай­дам диэн ааттаабыт. Бу сахалыы аат сай­дыыны, ырааһы, сырдыгы бэ­лиэтиир. Аһаҕас дорҕооно ба­ры­та А буоларынан бу кыра киһи­чээн аһаҕас майгылаах, дьоҥҥо үтүө сырдык сыһыаннаах, күн кур­дук сан­дааран дьоһун-мааны киһи буола улаатар. Светлананы кэргэ­нэ Анатолий Николаевич киирэн көрүстэ.

Түмүгэр Анна Григорьева тө­рөп­пүттэргэ оҕолорун маҥнайгы докумуоннарын – төрөөбүттэрин туһунан туоһу суруктары — туттарда.

Ол кэннэ төрөппүттэри, мусту­бут дьону Тамара Иванова эҕэр­дэлээтэ. Чуолаан кини Аленаҕа ин­никитин да кэнчээри ыччаты тэни­тэ турарыгар, оттон Свет­ланалаах Анатолийга сотору кэми­нэн онус оҕолоноллоругар баҕарда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
11 декабря 11.12
  • -43°
  • $ 100,03
  • 106,2

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: