Учуутал күнүн көрсө, улууспутугар икки күннээх «Тыа учуутала – үрдүк аат» уонна «Бастыҥ иитээччи» көрүү-күрэстэр буолан аастылар. Манна кыайбыттар улуус баһылыгын 50000 солк. суумалаах Гранын тутуохтаахтар. Быйыл куонкуруска хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кытынна. Ол курдук бастыҥ учууталга 20, иитээччигэ 21 киһи. Ити куонкурус сыллата сайдан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан эрэрэ буолар.
Куонкурус маҥнайгы күнүгэр кыттааччылар үөрэнээччилэри, оҕо саадын иитиллээччилэрин кытта быһаччы үлэлээтилэр, бэйэлэрин көрдөрдүлэр. Ол курдук эбиэт иннинэ учууталлар В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатыгар уруок биэрдилэр. Мин Күндэйэ орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Людмила Львова 4-с кылаас оҕолоругар ыыппыт нууччалыы литературнай ааҕыы уонна Сиэйэ орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонина Иванова 3-с кылаастарга математика уруоктарыгар сылдьан, олус сэргии көрдүм. Оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар. Уопсайынан, уруоктар оонньуу тэтиминэн бардылар. Оҕолор бары кытыннылар.
Кыттыбыт 20 учуутал уопсай ыстаастара 380 сылга тэҥнэһэр. Саамай уоппуттаахтарынан, 32-33 сыл ыстаастаахтарынан Бордоҥ орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Светлана Федотова, Сиэйэ орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Ия Павлова, Илимниир сүрүн оскуолатын, Сиэйэ орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара Варвара Егорова уонна Антонина Иванова буолаллар.
Кыттааччылар А.П.Павлов аатынан 1 №-дээх Сунтаар орто оскуолатыгар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр уруоктары биэрдилэр.
Сарсыныгар куонкурус иккис түһүмэҕэ ыытылынна. Уруок таһынааҕы эрчиллиилэри, биир тылынан эттэххэ, интэриэһинэй куруһуоктар буоллулар. Онно оҕолор кумааҕыттан араас оҥоһуктары оҥордулар, сахалыы инструменнарга оонньуу үөрэннилэр, доруобай аһылык диэн тугун биллилэр уо.д.а. Сорохтор төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын сэргээн иһиттилэр, аныгы сибээс көрүҥнэрин интэриэһиргээтилэр.
Киэһэ «Олоҥхо» төрүт култуура киинигэр «Тыа учуутала – үрдүк аат» куонкурус үһүс түһүмэҕэ буолла. Кыттааччылар балтараа мүнүүтэ иһигэр бэриллибит тиэмэҕэ бэйэлэрин санааларын эттилэр. Бу сырыыга тиэмэлэрэ «Аһаҕас оскуола диэн тугуй?» диэн буолла. Үгүс санаа этилиннэ. Ол курдук сорохтор хас биирдии үөрэнээччи хас да тылынан бэйэтин нэһилиэгин, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин устуоруйатын кэпсээн биэриэхтээх диэнтэн хас биирдии оскуола бэйэтэ туһунан хаһаайыстыбалаах буолуохтаах диэҥҥэ тиийэ. Оҕону кыратыттан хара үлэҕэ сыһыарыллыахтаах. Ону ситиһэр инниттэн үгүс тэрилтэлэри, төрөппүттэри кытта үлэлэһиэхтэрин наадата ыйылынна. Оскуола кимиэхэ баҕарар аһаҕас буолуохтаах. Оччотугар эрэ ситиһиилээх буолуохпут диэн түмүккэ кэллилэр.
Оҕо саадын иитээччилэрэ эмиэ үс түһүмэҕинэн күрэстэстилэр. Бастакы түһүмэх – оҕолору кытта дьарык, иккис түһүмэх – үлэлэрин уопутун туһунан дьүүллүүр сүбэҕэ кэпсээһин, боппуруостарга эппиэттээһин, үһүс түһүмэх – «Төгүрүк остуолга» бэриллибит ыйытыыларга бэйэ санаатын толору этии.
Кыттааччылар Сунтаарга баар оҕо саадтарыгар сылдьан оҕолору дьарыктаатылар, бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрдүлэр. Куонкуруска бары улахан уопуттаах дьон кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Иитээччилэри дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Ульяна Попова, солбуйааччынан улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, чилиэннэринэн үөрэх управлениетын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин отделын салайааччыта Антонина Саввинова, Сунтаардааҕы 5 №-дээх «Ньургуһун» оҕо саадын бэтэрээн үлэһитэ Валентина Иванова уонна төрөппүттэр ааттарыттан Михаил Потапов киирэн үлэлээтилэр.
Түмүгү таһаарар үөрүүлээх, ону тэҥинэн долгутуулаах түгэн үүннэ. Ол иннинэ тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон олус бэртээхэй кэнсиэри көрдүлэр. Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччилэрэ талааннарынан сөхтөрдүлэр. Кэллиэгэлэрин эҕэрдэлээн Сунтаардааҕы 1 №-дээх орто оскуола дириэктэрин солбуйааччы Надежда Тихонова хас да ырыаны толордо.
Бастаан бастыҥ иитээччилэри наҕараадалааһын сиэрэ-туома ыытылынна. Кыттааччылары Гаврил Еремеев уонна Ульяна Попова эҕэрдэлээн туран, сэртипикээттэри, анал ааттары, дьупулуомнары туттартаатылар. Ол курдук анал аат хаһаайкаларынан Луиза Иванова (Элгээйи), Альбина Васильева (2 №-дээх «Сардаана» оҕо сайдар киинэ, Сунтаар), Надежда Егорова (Тойбохой), Маргарита Саввинова (Кутана), Светлана Алексеева (11 №-дээх «Кыталык» оҕо сайдар киинэ, Сунтаар), Нюргустана Алексеева (Элгээйи), Консуэла Слепцова (Устье), Любовь Петрова (Хоро), Наталья Иванова (Тойбохой) буоллулар.
Үһүс истиэпэннээх лауреат аатын 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Варвара Максимова, иккис истиэпэннээх лауреатынан 7 №-дээх «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ Ирина Васильева, бастакы истиэпэннээх лауреатынан 3 №-дээх «Чебурашка» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Анна Пахомова ылан, үөрүү-көтүү үксээтэ.
Күрэхтэһии Гран Притын уонна улуус баһылыгын 50000 солк. суумалаах Гранын хаһаайкатынан Маар Күөлтэн «Кэнчээри» оҕо саадын иитээччитэ Айталина Яковлева буолла.
Ол кэннэ бастыҥ учууталлары ааттаатылар. Кинилэргэ эмиэ сэртипикээттэр, анал ааттар, дьупулуомнар туттарылыннылар. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров кыайыылаахтарга анал ааттары уонна Граны туттартаата.
Анал аат хаһаайыннарынан Саргылаана Андреева (2 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Анастасия Егорова (Тойбохой), Варвара Егорова (Илимниир), Антонина Иванова (Сиэйэ), Наталья Кириллина (3 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Алена Меркурьева (Кутана), Туйаара Миронова (Элгээйи), Марианна Семенова (1 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Саргылаана Шарина (гимназия, Сунтаар) буоллулар. СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Ян Алексеев туруорбут анал бирииһин хаһаайкатынан Бордоҥ орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Светлана Федотова буолла.
«Тыа учуутала – үрдүк аат» куонкурус үһүс истиэпэннээх лауреатынан В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола учуутала Лияна Секова, иккис истиэпэннээх лауреатынан В.И. Иванов аатынан Кэмпэндээйитээҕи орто оскуола информатикаҕа учуутала Дьулус Петров (куонкуруска кыттыбыт соҕотох эр киһи), бастакы истиэпэннээх лауреатынан Бүлүүчээннээҕи техническэй лиссиэй-интэринээт математикаҕа учуутала Айталина Чемезова буоллулар.
Муҥур кыайыылааҕынан уонна улуус баһылыгын 50000 солк. суумалаах Гранын хаһаайкатынан Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт нуучча тылын уонна литературатын үрдүкү категориялаах учуутала Августина Чойнова буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: