Бу күннэргэ Сунтаар улууһун бары нэһилиэктэринэн оройуон дьаһалтатын 2017 сыллааҕы үлэтин отчуота үс бөлөххө арахсан ыытылла турар. Быйылгы сыллааҕы отчуоту туруоруу биир уратытынан отчуот толору тиэкиһэ «Сунтаар сонуннара» хаһыакка эрдэ бэчээттэммит буолан, дьон үгүс сиргэ отчуоту сүнньүнэн аахпыппыт, билэбит дииллэрин учуоттаан, баһылык Анатолий Григорьев улуус олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын сүрүн тосхоллорун кэпсээн баран, дьаһалта сүрүн управлениеларын салайааччыларыгар тыл биэртэлээн истэ.
Урутуу түһэн эттэххэ, бастакы бөлөх биир «дьоруойунан» нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин салайааччыта А.М. Николаев буолла. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Көҕүлээһин сыла биллэриллибитинэн даҕаны, Александр Макарович кэпсиирэ-ипсиирэ да элбэх, дьон ыйытара да үгүс. Бу сырыыга нэһилиэнньэ биир ыалдьар боппуруоһун таба өйдөөн, отчуокка нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ сылдьыспыттара наадалааҕа көһүннэ. Бастакы бөлөххө Арассыыйа нолуокка сулууспатын СӨ оройуоннар икки ардыларынааҕы 3 №-дээх иниспиэксийэтин начаалынньыга В.С. Скрябин иһитиннэриилэрэ дьон болҕомтотун тарта. Владислав Спиридонович бары ыйытыыларга чуолкай хоруйдары биэрэн истэ.
Дьаархаҥҥа
Дьаархаҥҥа ааспыт күһүнтэн баһылыгынан Максим Спиридонович Архипов талыллан үлэлиир.
Дьаархаҥҥа эрэ да буолбакка, уопсайынан ааспыт сыл улууспутугар араас үлэ-хамнас киэҥ далааһыннаахтык баран, от былаана туолан, сүөһү-ас этэҥҥэ кыстаан турар буолан, тыа сирин дьонун-сэргэтин сүргэтэ көтөҕүллэн олорор диэтэххэ, улахан омун буолбата буолуо.
Дьаархаттар да сүнньүнэн оннук өйдөөх-санаалаах олороллор. Ол да иһин кинилэр бастакы ыйытыылара аныгы сайдыы боппуруоһуттан – оптоволоконнай сибээс кэлиитин, цифровой тэлэбиидэнньэ туһунан буоллулар. Онуоха улууспут баһылыга А.В. Григорьев бу соторутааҕыта ити боппуруоһунан өрөспүүбүлүкэ сибээһин миниистирин А.И. Борисовы кытта көрсүбүтүн, өссө 2016 сыллаахха анал меморандумҥа илии баттаспыттарын туһунан этэр. Олунньу ыйтан үлэ саҕаланан, Мииринэйтэн оптоволоконнай сибээс сайын Сунтаарга кэлиэҕэ, оттон нэһилиэктэринэн барыыта туспа боппуруос диэн быһаарар.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга И.В. Тихонов үүт харчытын хамсааһына кулун тутартан саҕаланыа, билигин үп-харчы араас граннарынан тыырыллар диир. Улуус кылаабынай бырааһа С.К. Иванова былырыын каадыр боппуруоһунан үлэлээбитим, быйыл эмтээһин хаачыстыбатыгар диир.
“Дьаархан” кэпэрэтиип салайааччыта С. А. Григорьев бу да сырыыга санаатын толору этинэр. Сергей Алексеевич Дьаархаҥҥа бөрө элбэҕин, олохсуйбутун, бөрөлөөһүн ыытыллар курдук да түмүгэ суоҕун, уматык (сэлээркэ) ороскуотун уйунуу оҥоһуллуохтааҕын, бөрө тиритин сыаната кыратын о.д.а. этэр. Итиннэ даҕатан, 2016 сылга улууска 45, 2017 сылга 18 бөрө бултаммыта этилиннэ. Олохтоох баһаарынай хамаанда начаалынньыга Петр Тимофеев 2017 сыллааҕы ойуур баһаарыгар үлэлээбит төлөбүрдэрин өссө да ыла иликтэрин этиннэ. Онно улууспут баһылыга Анатолий Васильевич ити баһаардарга Арассыыйа 216 мөл. солк. төлүү илигин быһаарда. Дьаарханнар итини сэргэ электроуот ситимин, кулууптарын, Дьаархан — Уһун Күөл суолун өрөмүөнүн туруорсаллар. Улуус баһылыга кулууп боппуруоһугар «Үтүө дьыала» бырагыраама нөҥүө киирсэр наадатын, суол саамай алдьанар кэмигэр, күһүн-саас, улахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын булгуччу бобор дьаһал суолу харыстааһыҥҥа бастакы хардыы буоларын, ону олохтоохтор эмиэ күүскэ хонтуруоллуулларыгар модьуйда.
Дьаархаттар улуус дьаһалтатын үлэтин биһирииллэрин этэллэр.
Маар Күөлгэ
Бастакынан санаатын этиммит нэһилиэк биир ытык кырдьаҕаһа Г.К. Еремеева сэлиэнньэ иһинээҕи баҕаналарга уот суоҕун, суол хаара ыраастамматын, улуус кииниттэн быраастар кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээбэттэрин, кырдьаҕастар өлөн бүтэн эрэллэрин, о.д.а. бэйэтин санааларын аһаҕастык этэр. Галина Константиновна этиитин истэ олорон, төһө даҕаны олох тыйыс сокуонунан буоллар, ханна даҕаны кырдьаҕастар барахсаттар өлөн-сүтэн суох буолан иһэллэрин харааста саныыгын. Билигин санаатахха, араас мунньахтары кинилэр «киэргэтэллэрэ», сытыырхаталлара мэлдьэх буолбатах. Былдьасыһа-былдьасыһа этэн-тыынан көрөөхтүүллэрэ. Дьэ, ол билигин суох буолаахтаабыт. Оттон аныгы дьон өйө-санаата, тыла-өһө атына өйдөнөр.
Олохтоох оскуола дириэктэрэ Л.С. Тотонова, учуутал Ю.М. Яковлев саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитигэр махтанан туран, салгыы успуорт саалата тутулларыгар баҕаларын этэллэр. Бибилэтиэкэ үлэһитэ С.В. Гаврилова тустаах тутууну өйөөһүҥҥэ улуус өттүттэн туох көмө баарый диэн туран, кини сорох ороскуоттарын бэйэтин да хамнаһыттан уйунуон сөбүн эттэ. Маар күөллэр суолларын өрөмүөнүн (гравий кутууну) туруорсаллар. Оттон В.В. Слепцова Сунтаарга тулаайахтарга анаан тутуллан испит 16 кыбартыыралаах дьиэ туһунан ыйыталаһар. Улуус баһылыга Анатолий Васильевич итиннэ даҕатан, инникитин үп-харчы боппуруоһа өссө уустук буолуоҕун, араас тутуулар тохтотуллар кутталлаахтарын, өрөспүүбүлүкэҕэ «Үтүө дьыала» бырагыраамаҕа көрүллүбүт 500 мөл. солк. үп кэлин 350 мөл. солк. диэри кыччатыллыбытын, инникитин үлэ бары да салаатыгар ахсааҥҥа буолбакка, хаачыстыбаҕа сүрүн болҕомтону, ирдэбили ууруохпут диэн саамай сөпкө этэр.
Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ В.С. Яковлева Маар Күөл нэһилиэгэ 720 төбө сылгылаах, улууска биир саамай элбэх сылгылаах нэһилиэк диэн туран, үүт-ас, бородууксуйаны оҥорон таһаарыы боппуруостарыгар санаатын этэр. Култуура дьиэтин дириэктэрэ Э.Е. Егорова биэ кымыһа Маар Күөлгэ эрэ дэлэччи оҥоһуллар, онно улуус өттүттэн өйөбүл наада диир. Электрическэй уот күүһэ олус мөлтөх диэн санаалар эмиэ иһилиннилэр. Онно Сунтаардааҕы РЭС начаалынньыга Ю.К. Григорьев туһааннаах быһаарыыны биэрэн туран, 7 км усталаах уот ситимэ саҥардыллыахтааҕын, «Молодежнай» микрооройуон техническэй усулуобуйата суох олорорун этэр.
Маар күөллэр улуус дьаһалтатын үлэтин эмиэ биһирииллэрин биллэрэллэр.
Уһун Күөлгэ
Арыылаах нэһилиэгин эмиэ саҥа баһылык Иван Николаевич Игнатьев салайар.
Уһун Күөллэргэ быйыл саҥа вышка туруоруллан цифровой тэлэбиидэнньэни көрөллөр.
Сэбиэскэй, салайар үлэ бэтэрээнэ Н.А. Егоров бэйэтин санаатын олохтоох учаастактааҕы балыыһа устуоруйатын кэпсээн туран, ол билигин хайаан да аһыллара наадатын этэр. Николай Алексеевич улуус кылаабынай бырааһыгар туһаайан: «Өскө ону кыайдаххына, Светлана Кимовна аатыҥ биһиэхэ кыһыл көмүс буукубанан суруллуо этэ«, — диир. Балыыһаҕа капитальнай өрөмүөн ыытыллыан, саатар муостата уларыйыан наада диир. Кылаабынай быраас, биллэн турар, билиҥҥи баар балаһыанньаны быһааран кэпсиир. Николай Алексеевич салгыы эмиэ уот ситимин, нэһилиэк ис суолун боппуруостарыгар тохтуур, «Саха» НКИХ ханаала тоҕо сүттэ диэн кырдьык, наадалаах бопуруостары туруорсар. Уот боппуруоһугар добуочча эриһии кэнниттэн РЭС начаалынньыга Ю.К. Григорьев 1-2 сылынан тосту көнүү барыа диэн эрэннэрбэтин биллэрдэ.
Элбэх этии олохтоох оскуола тутуутун тула буолла. Тутууга улуус кылаабынай технадзора М.С. Иванов этэринэн, бу оскуола тутуутугар элбэх итэҕэс-быһаҕас баар эбит. Марк Спиридонович тутууну салгыы ыытарга олунньу ыйтан саҥа биригээдэ кэлиэхтээх, онно олохтоохтор өттүлэриттэн уопсастыбаннай хонтуруол, бэрээдэги тутуһуу күүһүрүөн наада диир. Баһылык А.В. Григорьев барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны күһүн кыһыл лиэнтэни кырыйыахпыт диэн түмүктээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бэтэрээнэ А.Е. Николаев мелиорация, уопсайынан сири оҥоруу боппуруостарыгар санаатын этэр. С.Г. Павлова тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа сонун үлэнэн дьарыктанан эрэрин этэн туран, бэрт элбэҕи туруорсар. Нэһилиэккэ да, улууска да биллэр үлэлээх Р.П. Семенова үлэтин инники былааннарын кэпсиир.
Арыылаахтар эмиэ араас кыһалҕаларын этинэн туран, улуус баһылыга Анатолий Васильевич эппит тылын толорорун биһирииллэрин, аны күһүн саҥа оскуолалара аана эмиэ тэлэччи аһылларыгар санааларын этэ хааллылар.
Улуус баһылыгын I солбуйааччы Н.П.Александров салайар иккис бөлөҕө бастакы күҥҥэ Түбэй, Сиэйэ, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэринэн сылдьан отчуоту туруорда. Бөлөххө үөрэҕирии, тыа хаһаайыстыбатын, социальнай харысхал, тутуу управлениеларыттан, доруобуйа харыстабылыттан, баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыылар кэмитиэтиттэн, пенсионнай пуондаттан, налоговай, баһаарынай сулууспалартан, ыччат отделыттан эппиэттээх үлэһиттэр сылдьыстылар.
Түбэйгэ
Улууспут салалтата ааспыт сылга туох-ханнык үлэни ыыппытын, инники былааннар тустарынан дьүүллэһээри, кэпсэтээри, олохторугар-дьаһахтарыгар көрсөр кыһалҕаларын этинээри 50-ча киһи кулууп дьиэҕэ мустубут.
Сүрүн дакылаатчыт Николай Александров дьаһалта ааспыт сыллааҕы үлэтин сүрүн-сүрүн салааларга тохтоон оҥордо. Ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан дакылаат кэнниттэн, олохтоохтор араас ыйытыылары баһылыгы бастакы солбуйааччыга, атын да тэрилтэ үлэһиттэригэр биэрдилэр. Ол курдук, оскуола учуутала Аркадий Архангельскай нэһилиэккэ баар уот баҕаналара олус эргэрбиттэрин, маны саҥардыыны туруорсубуттара ырааппытын, улахан ситиһии суоҕун этэр. Бу ыйытыыга РЭС кылаабынай инженерэ Юрий Возненко эппиэт биэрдэ.
Өрүс нөҥүө олорор буоланнар, түбэйдэр сылын аайы паром туһунан туруорсууну бэбиэскэттэн түһэрбэттэр. Бу да сырыыга эмиэ ыйыттылар, туруорустулар. Нэһилиэккэ уу ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ быйыл киириэҕин туһунан иһиттилэр.
Оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Светлана Илларионова: «Ааспыт сыл улууска тыа сирин үлэһит дьонугар суолта биэрэн элбэх тэрээһини ыыппыккыт олус кэрэхсэбиллээх. Ол эрэн манна мин санаабын этэбин. Кыра нэһилиэктэргэ оҕо саадтарын үлэһиттэригэр туспа күрэх тэрийиэххэ. Оччоҕо кыра нэһилиэктэргэ үлэлиир элбэх исписэлиис кыттыа этэ», – диэн санаатын эттэ. Чахчы, үөрэҕирии курдук элбэх үлэһиттээх бөдөҥ салааҕа нэһилиэктэри бөлөхтөргө арааран күрэх тэриллиэн сөп. Ол да курдук, быйыл управление да, дьаһалта да маннык былааннаахтар эбит.
Кырачааннары иитэр-үөрэтэр үлэһит оҕо күүннээҕи аһылыгын харчыта олус кыратын этэр. Билигин биир оҕо 60 солкуобайга аһыыр, ону үрдэтиэххэ наадатын тоһоҕолоото.
Нэһилиэк ыала уотунан ититиниигэ холбонон олороллорун, ол эрэн уот баҕаналара эргэлэрин, араас саахал таҕыстаҕына тоҥор кутталлаахтарын этиннилэр. Онон киин ититиигэ холбонор кыах баарын дуу суоҕун дуу ОДьКХ дириэктэриттэн Александр Даниловичтан ыйыттылар. «Эһиги бэйэҕит сүбэлэһэн баран, ханнык ититиниигэ киирэргитин быһаарыныаххытын сөп. Хочуолунайтан дьиэбитин сылыттабыт диир буоллаххытына биһиги холбуубут», – диэн хомунаалынай хаһаайыстыба салайааччыта эттэ.
Сиэйэҕэ
Сиэйэ олохтоохторо улуус дьаһалтатын үлэһиттэриттэн ыйытыылара, туруорсуулара элбэх. Холобур, быйыл эдэр исписэлиистэргэ ананан тутуллубут дьиэ олус тымныытын, саас, күһүн уот араарыллар кэмигэр эбийиэктэр тымныыларын этэллэр. Сиэйэлэр биһиги нэһилиэкпитигэр тутуу барбат диэн мэлдьи да бэлиэтииллэр. Арай бу быйыл биир дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ да, тымныыта сүрдээх. Тутуу хаачыстыбатын салалта мэлдьи кэлэн көрө-билэ сылдьыахтаах, анал хамыыһыйа тэрийиллиэхтээх дииллэр. Манна ханнык нэһилиэккэ ханнык тутуу барарын улуус салалтата мэлдьи улахан хонтуруолга туталларын, үлэ хаачыстыбатын ирдииллэрин баһылык бастакы солбуйааччы Н.П.Александров өссө төгүл эттэ. Оттон бэйэҕит искититтэн эмиэ норуот хонтуруолун тэринэн, нэһилиэккэ ыытыллар тутуулары хонтуруоллаһыҥ, ону биһиги өйүүбүт да, итинник хонтуруол наадалааҕын этэбит даҕаны диир. Оттон нэһилиэккэ баар тэрилтэ, ол иһигэр оҕо саада эмиэ уотунан ититиниигэ олорбуттара ыраатта. Уот барар кэмигэр бу тэрилтэлэр бары тоҥон, сабыллар эрэ кыахтаналлар. «Онон биһиги нэһилиэккэ саппаас дизель баар буолуохтаах диэн туруорсабыт«, — диэтилэр.
Нэһилиэккэ МФЦ тутуутун «Моя Якутия в 21 веке» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар киллэрэри, кыбартаалынай хочуолунай тутары, социальнай эбийиэктэри өрөмүөннүүргэ эбии үп көрүүтүн, нэһилиэккэ амбулатория хапытаалынай өрөмүөнүгэр үп көрүүтүн, балыыһаҕа урукку учаастактааҕы балыыһа статуһун төннөрөрү туруорсаллар. Үөрэҕириигэ эмиэ элбэх ыйытыылаахтар, туруорсуулаахтар. Холобур, «Радуга» оҕо саадыгар оҕо оонньуур былаһааккатын тутууга үп, «Сарыал» оҕо саадыгар куухуна уонна таҥас сууйар дьиэ тутуутун, орто оскуола интэринээтин куорпуһугар ыытыллар өрөмүөн үлэтин үбүлээһини, оскуола үөрэтэр-производственнай мастарыскыайын материальнай-техническэй базатын тупсарыыга көмө, саҥа таас оскуола бырайыагын үбүлүүргэ диэн бу отчуот түмүгүнэн сиэйэлэр туруорустулар.
Түбэй Дьаархаҥҥа
Нэһилиэк олохтоохторо отчуоту элбэх буолан дьүүллэстилэр.
Оскуола учуутала Соломаида Федорова оскуола 2009 сылтан олус тымныйбытын, иккитэ-үстэ улахан өрөмүөн үлэтин үлэһиттэр, олохтоохтор, үөрэнээччилэр күүстэринэн ыытыллыбытын этэн туран, билигин да тымныытын эттэ. Нэһилиэккэ быраас кэлэн үлэлиэ дуо диэн ыйытыыга улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччы Марианна Корнилова быйылгы сайаапкаҕа Түбэй Дьаархаҥҥа быраас наадатын туруорбуппут. Быйыл улууспутугар хаһааҥҥытааҕар да элбэх быраас кэлбитин эттэ. Ол эрэн, нэһилиэктэргэ үлэлии тахсалларыгар олорор усулуобуйалара баар буолуохтааҕын, олорор дьиэнэн хааччыллыахтаахтарын, дьиэни олохтоох дьаһалта булан биэриэхтээҕин эттэ. Оттон Түбэй Дьаархаҥҥа эмчит кэлэригэр олорор дьиэтэ суоҕа харгыс буолла. Маны быһааралларыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы сорудахтаата.
Тыа хаһаайыстыбатыгар искусственнай сиэмэлээһин боппуруоһа турда. Билигин нэһилиэккэ осеменатор суох. Ону сэргэ бэтэринээрдэр оҥорор өҥөлөрүн сыаната үрдүгүн сүөһүнэн иитиллэн олорооччулары чаҕытар. Сайын өрүс уҥуор туораан оттуур буоланнар кыра кыамталаах уу суднота наадатын этэн туран, маннык тиэхиньикэни сакаастыылларыгар бырайыак оҥороллоругар үбүнэн улуус өттүттэн көмө баар буоларын туруорустулар.
Нэһилиэккэ элбэх оҕолоох ыаллар учаастак ылан дьиэ тутуннулар. Ол эрээри манна билигин киирэн олорор кыахтара суох. Ол биричиинэтинэн уот ситимэ суоҕа буолар. 60-ча ыал электроуотунан ититиниигэ холбонон олорор. Оттон сорохтор оһохпутун оттон олоробут, электроуокка холбоммокко, киин хочуолунайга холбонор баҕалаахтарын эттилэр.
Бу үс нэһилиэккэ улуус салалтата ыытар үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр уонна салгыы да өссө таһаарыылаахтык үлэлээҥ, биһигини, тыа нэһилиэктэрин кыһалҕаларын мэлдьи да быһаарса, туората сылдьыҥ диэн алгыы хааллылар.
До финала сенсационно добрался Таттинский улус
Пожарными эвакуировано 30 человек, из них 10 детей
Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность