Сунтаар улууһугар тыа сирин үлэһиттэрин сыла биллэриллэн, ким идэтигэр бастыҥын быһаараллар. Бу сырыыга уһулуччу дэгиттэр суоппар аата билиннэ. Оробуочай идэни ыччакка билиһиннэрэр, суоппардар профессиональнай-техническэй таһымнарын үрдэтэр сыаллаах ыытыллыбыт тэрээһин олохтоохтор интэриэстэрин тарта.
Күрэхтэһиигэ кыттар 10 суоппар кытынна. Ыарахан ыйааһыннаах КАМАЗ массыына «С», «Е» категориялаах суоппардара: ИП Г.Е.Даниловка үлэлиир Анатолий Чойнов, 32 сыл ыстаастаах, Денис Назаров, 7 сыл ыстаастаах, Максим Данилов, 9 сыл ыстаастаах, «Сунтарцеолит» ХЭТ үрдүкү кылаастаах суоппара Валерий Торговкин, 16 сыл ыстаастаах, «Жилкомсервис» суоппара Владимир Платонов, 4 сыл ыстаастаах, «Айан суол» ХЭТ суоппардара Павел Иванов, 26 сыл ыстаастаах, Эдуард Николаев, 15 сыл ыстаастаах, Сунтаардааҕы технологическай колледжка автомэхээнньик группатыгар производственнай үөрэхтээһин маастара, инструктора Семен Яковлев, 15 сыл ыстаастаах, Сунтаардааҕы технологическэй колледж кылаабынай мэхээнньигэ Павел Болуров, 13 сыл ыстаастаах, «Якутскэнерго» Сунтаардааҕы РЭС бэрэстэбиитэлэ Александр Сусов, 7 сыл ыстаастаах.
Тэрилтэлэр бастыҥтан бастыҥ суоппардара бу үрдүк аат иһин бэрт эрдэттэн ох курдук оҥостуммуттара, тэп курдук тэриммиттэрэ сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөр. Кыайыылааҕы Сунтаар улууһун дьаһалтатын 50 тыһ. солк. анал бирииһэ күүтэр.
Күрэхтэһии бастакы түһүмэҕэ – теоретическай билиини тургутуу. Суол быраабылатыгар 10 мүнүүтэ иһигэр 20 боппуруоһу эппиэттиэхтээхтэр. Барытын сөпкө толорбукка – 20 баал суруллар. Өр-өтөр буолбат, Максим Данилов сорудаҕын толорон, дьүүллүүр сүбэҕэ туттарар. Бириэмэтэ: 4 мүн. 3 сөк. Суоппардар биир-биир сорудахтарын толортууллар. Үс киһи боппуруостарын барытын толору, сөптөөхтүк эппиэттээн 20 баалы суруммуттар: Павел Болуров, Семен Яковлев, Павел Иванов.
Тута иккис практическай түһүмэх саҕаланар – «Авто-эстафета». Дьэ, манна ким имигэһэ, сатабыллааҕа, үрдүк маастарыстыбалааҕа, ньиэрбэтэ кытаанаҕа быһаарыллар. Маннык көрүҥнэри толоруохтаахтар: старт, «змейка», кэннинэн боксаҕа киирии, турар массыына таһыгар кэннинэн парковкаҕа туруу, “муостаны” нөҥүө ааһыы, көлүөһэни төкүнүтүү. Бастакы саҕалааччыга хаһан баҕарар ыарахан. Бу сырыыга бастакынан Максим Данилов барда. Атыттар иннигэр-кэннигэр сүүрэ-көтө сылдьан, хайдах киирэри-тахсары, “муостаны” туорааһыны үөрэттилэр, чинчийдилэр. Суоппардарбыт төһө маастарыстыбалаахтара манна чуолкайдык билиннэ. Сорохтор хара саҕаланыаҕыттан «змейканы» оҥороллоругар анал бэлиэлэри түҥнэритэ көттүлэр, боксаҕа кэннинэн киириигэ сыаналаах бириэмэлэрин сүтэрдилэр, «муостаны» иһинэн-таһынан элээртилэр. Иккис түһүмэх кыайыылаахтара билиннэ: 2,01 бааллаах Александр Сусов бастакы, 2,02 бааллаах Эдуард Николаев иккис, 2,16 бааллаах Владимир Платонов үһүс миэстэ буоллулар.
Күрэхтэһээччилэр илин-кэлин түсүһүүлэрэ сытыырхайда. Этэргэ дылы, ама, ким баҕарыа суоҕай бастыҥ суоппар чулуу аатын ылары, 50 тыһ. солк. тутары.
Суоппардар бары даҕаны саллыбыт, сэрэхэчийбит үһүс түһүмэхтэрэ биллэриллэр. Кэннинэн астаран тиийэн турар бырысыабы холбонуу, онтон эмиэ кэннинэн бырысыабы гарааска киллэрии. Дьэ, манна үгүстэр улаханнык эрэйдэннилэр: уҥа-хаҥас астардылар, үөһэнэн, алларанан сырыттылар. Мин көрөр кэммэр 26 сыл ыарахан туонналаах массыынаҕа суоппардаабыт, «Айан суол» ХЭТ биир бастыҥ ыытааччыта Павел Иванов кэннинэн астаран кэлээт, тута бырысыабын холбуу оҕуста.
Дьүүллүүр сүбэ үһүс быһаарыылаах түһүмэх түмүгүн таһаарбытыгар уолаттарбыт миэстэлэрэ маннык буолла. Саамай бастыҥнарынан Максим Данилов уонна Александр Сусов ааттаннылар, 4,38 бааллаахтар. Анатолий Чойнов 5,05 баалы ылан иккистээтэ. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Эдуард Николаев тигистэ, 5,48 бааллаах.
Куонкурус кыттыылаахтара тапталлаах модун тиэхиньикэлэрин – КАМАЗ-тарын иннигэр ким бастаабытын билэ охсоору, долгуйа кэтэһэн, сүрэхтэрэ күүскэ тэбиэлээн, кэчигирэһэн турдулар. Көрөөччүлэр даҕаны чуумпурдулар.
Дииктэр чуор куолаһа микрофонунан бастаан кимнээх ханнык номинацияларга тиксибиттэрин иһитиннэрдэ: «Самый опытный водитель» номинация бэриллэр «Сунтарцеолит» ХЭТ суоппара Валерий Торговкиҥҥа, «За высокий профессионализм» – Анатолий Чойновка, «Приз зрительских симпатий» – Павел Болуровка, «Самый молодой водитель» – Владимир Платоновка, «Самый аккуратный водитель» – Семен Яковлевка, «Мастерство в маневрировании» – Денис Назаровка, «Лучшему знатоку ПДД» – Павел Ивановка. Номинацияҕа тиксибит бары суоппардарга дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Н.П. Александров анал бириистэри, дьупулуомнары туттарда.
Өссө долгутуулаах түгэн буолла. Уопсайа 11 бааллаах Максим Данилов үһүс бириистээх миэстэ хаһаайынынан буолан инструмент нобуорунан наҕараадаланна. 8 бааллаах Эдуард Николаев иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, бэйэтин үлэтигэр олус наадалаах домкраты ылан үөрдэ-көттө. Сыралаах күрэхтэһии бастыҥа, бэйэтин идэтин дэгиттэр баһылаабыт, 5 бааллаах Александр Сусов кыайыылааҕынан тахсан, улууспут дьаһалтатын баһылыга А.В.Григорьев илиититтэн анал бирииһи – «Лучший водитель» диэн суруктаах 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти ылла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Н.П.Александров, Сунтаар улууһун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччыта, бэрэссэдээтэл, чилиэннэрэ: К.Т.Тотонов, Сунтаардааҕы технологическай колледж производственнай сыаҕын салайааччыта, А.В.Егоров, колледж преподавателэ, Ю.А. Шкулев, «СунтарАвтодор» мэхээнньигэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: