Ааспыт чэппиэргэ оройуоннааҕы электростанция хонтуоратын аактабай саалатыгар улууспутугар биллэриллибит Тыа сирин үлэһиттэрин сылын чэрчитинэн «Бастыҥ энергетик» көрүү күрэҕэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ «Якутскэнерго» АУо «Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэр» филиалын дириэктэрэ Игорь Забегин кыттыыны ылла. Куонкуруска барыта 11 киһи кытынна.
Күрэхтэһээччилэри, мустубут дьону улуус баһылыга Анатолий Григорьев, филиал дириэктэрэ Игорь Забегин эҕэрдэлээтилэр. Игорь Витальевич инникитин уот ситимигэр үлэлиир дьон идэлэрин өссө үрдэтэр туһуттан маннык көрүү-күрэҕи өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытар буоллар диэн баҕа санаатын эттэ.
Көрүү-күрэх хас да түһүмэхтэн турда. Бастатан туран, кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Күрэххэ кыттаары Сунтаар, Тойбохой, Кириэстээх, Бордоҥ, Элгээйи нэһилиэктэриттэн кэлбиттэр. Ол курдук Сунтаартан РЭС үлэһиттэрэ Эдуард Аввакумов, Дмитрий Николаев, Лев Семенов, Аркадий Иванов, Прокопий Болуров, Федор Габышев, Кириэстээхтэн Александр Иванов, Бордоҥтон Вадим Кычкин, Элгээйиттэн Алквиад Никаноров уонна Тойбохойтон Павел Жирков бааллар. Бэйэни билиһиннэриигэ Эдуард Аввакумов РЭС-кэ 2011 сылтан үлэлиирин туһунан эттэ, онтон Дмитрий Николаев Мииринэйдээҕи үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, Удачнайга ананан үлэлии сылдьыбыт уопуттаах эбит. Бары идэлэрин толору баһылаабыт буолан теория да, быраактыка да өттүгэр билиилэрэ улахан.
Улахан күрэхтэһии кэнниттэн Сунтаар улууһун «Бастыҥ энергетигэ» ааты Тойбохойтон электрик Павел Жирков ылла. Кини Сунтаардааҕы РЭС Тойбохойдооҕу учаастагын дьуһуурунай электригинэн үлэҕэ 2014 сыллаахха киирбит. Павел кыайыылаах быһыытынан улуус баһылыга Анатолий Григорьев илиититтэн дьупулуому уонна 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти тутта. Иккис миэстэни Аркадий Иванов (Сунтаар), үһүс миэстэни Вадим Кычкин (Бордоҥ) ыллылар. Кинилэргэ «Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэр» тэрилтэ сыаналаах бириистэрин туттардылар.
Спортзал оснащен современным оборудованием для занятий различными видами спорта
Сидячий образ жизни влечет за собой массу негативных последствий для здоровья. Лишний вес, колебания артериального…
По итогам 2024 года более 60% региональных дорог будут находиться в нормативном состоянии
Издание представляет собой сборник коротких статей из истории становления и развития избирательной системы
Марат Хуснуллин отметил достижения Якутии в реализации президентского нацпроекта «Жилье и городская среда»
Один из водителей выехал на встречную полосу