Сунтаар улууһугар олохтоох дьаһалта сыллааҕы үлэтин отчуота салҕанар. Бары нэһилиэктэргэ, буоларын курдук, үлэни сыаналаатылар. «Кириисис кэмигэр улууска элбэх тутуу, үтүө түмүктээх үлэ барар» диэн туран, нэһилиэктэр олохтоохторо бары биир киһилии «биһириибит» диэн эттилэр.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев салайар бастакы бөлөҕө отчуоту салгыы Кэмпэндээйи, Күүкэй, Кутана, Аллыҥа, Тойбохой уонна Куокуну нэһилиэктэрин олохтоохторун иннигэр туруордулар. Сылдьыбыт сирбитигэр олохтоохтор көрсөр кыһалҕалара маарыннаһар эбит. Ол курдук онно сибээс мөлтөҕө, иһэр уу боппуруоһа, социальнай эбийиэктэри, сүрүннээн оскуоланы, оҕо уһуйаанын туттары, босхо бэриллиэхтээх эмп суоҕа, сыаната ыарахана о.д.а. киирэллэр.
Кэмпэндээйи
Манна дьону долгутар боппуруостара үгүс эбит. Ол курдук, олохтоох оскуола учуутала Наталья Тимофеева үгүстэри долгутар боппуруоһу туруорда. Тэрилтэ үлэһиттэрин хамнастара Сбербаан карточкатыгар түһэр эбит. Ону ыла улуус киинигэр киирэллэр. Манна да кэлэн кыһалҕаны көрсөллөр эбит. Биричиинэтэ, банкомат Сбербааҥҥа эрэ баара буолар. Онно уочарат бөҕөтө. Ол иһин туспа ханна эмэ саатар эбии банкоматы туруоралларын туһунан эттэ.
Олохтоохтор саамай туруорсар боппуруостарынан саҥа оскуола тутуута буолар. Маны хаһыс да сылын туруорсабыт даҕаны, дьыала оннуттан хамсаабат диэн саамай сөпкө кыыһыраллар. Дьиэлэрэ олус эргэ буолан сылааһы туппат буолбут. Тымныы күҥҥэ дьиэ кыраадыһа +12 эрэ эбит. Оҕолор тас таҥастаах олорон үөрэнэллэр. Итинтэн сылтаан оҕолор ыарытыйаллар.
Хас сылдьыбыт нэһилиэкпит аайы доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах элбэх ыйытыы киирэр. Ол курдук чэпчэтиинэн туһанар дьон босхо бэриллиэхтээх эмп үксэ суох буоларын туһунан эттилэр. Ону таһынан сыаната ыараханын ыйдылар. Онно толору эппиэти улуус кылаабынай бырааһа Светлана Иванова биэрдэ. Хомойуох иһин, билигин улууспутугар судаарыстыбаннай аптека диэн суоҕунан урбаанньыттар бэйэлэрэ сыананы быһан атыылыы тураллар. Ол эрэн, олоҕу хааччыйар сүрүн эмтэр сыаналарын үрдэтэн атыылыыр бырааптара суох эбит.
2016 сылга Александр Семенов саҕалааччы пиэрмэр быһыытынан 1,5 мөл. солк. суумалаах Граны ылбыта. Ол үбүнэн нэһилиэктэн 40-ча км тэйиччи сытар Сооруос диэн сиргэ сылгы базатын тэриммитэ. Билигин онно 40-ча сылгы иитиллэн турар. Онон Кэмпэндээйигэ да тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыан сөп эбит диэн эрэх-турах санаа баар.
Чааһынай омук массыыналаах дьон улууспутугар үгүс. Онон сиэттэрэн кинилэри долгутар боппуруос киирдэ. Билигин Сунтаардааҕы АЗС 95-тээх бензины карточканан эрэ кутар эбит. Онон дьон онто суох буолан куттарбаттарыгар тиийэллэр. Бу балаһыанньа көнүө дуо диэн боппуруос бэрилиннэ. Онно Анатолий Васильевич 95-тээх бензин улууспутугар аҕыйах кэлэрин иһин итинник дьаһаммыттарын туһунан эттэ. Ити боппуруоһу быһаарарга үлэлэһиэхпит диэтэ.
Күүкэй
Манна ордук элбэх боппуруос нолуогу төлөөһүҥҥэ киирдэ. Онно Арассыыйа нолуокка сулууспатын СӨ оройуоннар икки ардыларынааҕы 3 №-дээх иниспиэксийэтин начаалынньыга Владислав Скрябин эппиэттээтэ, өйдөммөт түгэннэри быһааран биэрдэ. Дьон өйдөөбөтө үгүс эбит. Ол курдук сорохтор нолуоктарын иккилиитэ эҥин төлөөбүттэр. Ону хайдах төнүннэриэххэ сөбүн туоһуластылар.
Босхо эминэн хааччыллыы мөлтөҕүн туһунан манна эмиэ этилиннэ. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон быйылгыттан өссө биир кыһалҕаны көрсөр буолбуттар. Ол курдук инбэлииккэ тахсыбыт дьон доруобуйаларын көрөн, болдьохторун уһатар МСЭ (медико-социальнай экспертиза) биһиги улууспутугар кулун тутартан үлэтин тохтотор буолбут. Инникитин кыһалҕалаах дьон МСЭ-ны Мииринэй куоракка барар буолбуттар. Дьиҥэр, улуустааҕы киин балыыһа дьаһалтата маны утарсыан сөп этэ. Улууспутугар элбэх инбэлиит дьон баар ээ. Кыаҕа суох киһи экспертизаны кыайан ааспакка, мантан инньэ биэнсийэлэриттэн көрө матыахтара турдаҕа.
Кутана
Сүөһүлээх дьон үгүстэрэ үүттэрин туттараллар эбит. Ол эрэн, бигэ кимиэхэ туттарыахтаахтарын үчүгэйдик билбэттэр. Ону интэриэһиргээн ыйыттылар. Билигин улууспутугар үүтү тутар 7 тэрилтэ баар эбит. Ааспыт сылга нэһилиэнньэттэн үүттэрин алтынньыга тутан бүппүттэр.
Оскуола учуутала Семен Андреев киин хочуолунай кыаҕын толору туһанарга ыҥырда. Манна үгүс ыал уотунан ититиниигэ киирэн олорор. Ол гынан баран уоттарын кыамтата олус мөлтөх. Онно эбии баһаарынай өттүнэн кутталлаах буолуон сөп. Итини барытын учуоттаан, ыаллары киин хочуолунайга холбуур ордук табыгастааҕын ыйда.
Үгүс нэһилиэккэ курдук манна эмиэ сибээс мөлтөҕө ыйылынна. Сатанар буоллаҕына нэһилиэккэ “Билайны” таһынан иккис атын операторы киллэрэр кыаллыа дуо диэн ыйыттылар. Маны суотабай оператор бэйэтэ эрэ билэр.
Иван Федоров кулууп дьиэтэ тутуллубута 50-тан тахса сыл буолбутун этэн туран, саҥа култуура киинин тутар туһунан толкуйдуох баара диэтэ. Бу аҕыйах сыллааҕыта “Айан-суол” тэрилтэ көмөлөһөн кулууп хапытаалынай өрөмүөнү ааспыта. Ол эрэ көмөтүнэн этэҥҥэ үлэлии турарын туһунан эттилэр.
Саас уонна күһүн өрүс хаайар кэмигэр уҥуор сытар нэһилиэктэр үгүс кыһалҕаны көрсөллөр. Ордук тиэхиньикэлээх дьон эрэйдэнэр. Ити өрүс уҥуор биир да АЗС суоҕуттан тахсар. “Айан-суол” тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы, оройуон Сэбиэтин дьокутаата Михаил Евсеев бу боппуруоска “Туймааданы” кытта үлэлэһэр ордук буолуоҕун эттэ.
Аллыҥа
Нэһилиэккэ аҕыйах сыл иһигэр үгүс саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэн, олохтоохтор настарыанньалара үчүгэй. Ол да буоллар, кыһалҕалар эмиэ бааллар. Холобур, оскуолаҕа массыыналара суох. Инньэ гынан, онно-манна баралларыгар-кэлэллэригэр эрэйи көрсөллөр. Саас аайы 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ ЕГЭ туттара Тойбохойго бараллар. Онно массыыналаах дьону көрдөһөн бараллар эбит. Ону таһынан оҕолор араас күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыахтарын наада.
Манна тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах үгүс боппуруос киирдэ. Билигин нэһилиэк аайы дьоҥҥо элбэх тиэхиньикэ баар. Онно саппаас чааһы буларыҥ ыарахан эбит. Ол иһин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета сайаапканан наадалаах саппаас чааһы куораттан эбэтэр Аллараа Бэстээхтэн аҕалан, удамыр сыанаҕа батарыан сөп дуо диэн ыйыттылар. Управление начаалынньыга Иван Тихонов бу боппуруос кыаллыан сөп диэтэ.
Сүөһүлээх дьон бэтэринээр өҥөтө аһара сыаналааҕын эттилэр. Сылга биирдэ хайаан да көрдөрүөхтээх эбиттэр. Сыананы ким быһарын интэриэһиргээтилэр. Ону сэргэ эбии аһылык туһунан ыйыттылар.
Эдэр исписэлиистэр олороллоругар саҥа уопсай дьиэ тутуутун туруорустулар. Баар дьиэ эргэрбитин эттилэр. Тутуу “Үтүө дьыала» хамсааһын нөҥүө ыытыллыан сөбүн ыйдылар. Тутуллар түгэнигэр көмө буолуохпут диэн эрэннэрдилэр.
Олохтоохтор иһэр ууларын Бэс күөлтэн бастан олороллор эбит. Онно барар суолу ситэ туталларыгар көрдөстүлэр.
Тойбохой
Билигин манна 2 оҕо саада баар. Онно 110 оҕо сылдьар. Дьиэлэрэ эргэрбитинэн 120 миэстэлээх оҕо саадын тутуутун туруорсаллар. Билигин бу боппуруос үөрэтиигэ сылдьар эбит. Балыыһаны атын сэнэх дьиэҕэ көһөрүү үөрэтиллэ сылдьар.
Тойбохой сыһыыта күрүөлэниэ дуо диэн ыйытык киирдэ. Аллыҥаҕа курдук манна эмиэ бэтэринээрдэр өҥөлөрө ыараханын туһунан эттилэр. Эмп сыаната сыллата үрдүү турарын ыйдылар.
Манна эмиэ киин хочуолунайга холбонуохтарын баҕарар дьон үгүс. Татьяна Михайлова улууспутугар онкологиянан ыалдьар дьон үксүүр кутталлааҕынан, киин балыыһаҕа бастайааннай төрүккэ үлэлиир онколог баар буолуохтаах диэн санаатын эттэ.
Куокуну
Нэһилиэк олохтооҕо Николай Гаврильев иһэр уу ыстаансыйатын ситэрэ охсон, үлэҕэ киллэрэллэригэр баҕарда. Кини билигин муус уутун иһэрин, онто ньамах амтаннааҕын туһунан эттэ.
Бары билэрбит курдук, нэһилиэк өрөспүүбүлүкэ биир улахан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин – “Кириэстээх» ТХПК отделениета буолар. Манна аҕыйах сыллааҕыта сүүһүнэн сүөһү турар саҥа хотон тутуллубута. Сайынын элбэх үүнүүнү биэрэр Табаҕа буолата баар. Инньэ гынан, олохтоохтор тэрилтэлэрэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын сөбүгэр сыанаҕа атыылаһан, аһаан-сиэн олорор буолуохтаах этилэр. Ону баара балаһыанньа киһи күүппэтэх өттүнэн буолан таҕыста. Куокунулар “Кириэстээх” ТХПК оҥорон таһаарар бородууксуйатын сиэбэттэр эбит. Атыыга эмиэ суох. Маны истэн баран улуус баһылыга Анатолий Григорьев ТХУ начаалынньыга Иван Тихоновка маны быһаарарыгар соруйда. Онон, кылгас кэм иһигэр олохтоохтор остуолларыгар бэйэ бородууксуйата баар буолуо диэн эрэнэбит.
Соторутааҥҥа диэри нэһилиэккэ улуус кииниттэн нэдиэлэҕэ үстэ оптуобус сылдьара. Онон олохтоохтор туох да кыһалҕата суох наадаларыгар сылдьаллара. Билигин АТП балаһыанньата ыараан, оптуобус сылдьыбат буолбут. Кыһалҕалаах дьон улуус киинигэр кэлэ-бара биир тыһыынча солк. сылдьаллар эбит. Онон кинилэр улуус баһылыгар оптуобус сырыытын сөргүтэригэр эттилэр.
Хас да нэһилиэккэ улууспутугар урукку курдук мелиорация тэрилтэтин тэрийэр туһунан эттилэр. Кэнники сылларга күүстээх үлэ баран, элбэх ходуһа уута түстэ. Билигин олор кууран, туһаҕа тахсан эрэллэр. Ону сэргэ дулҕалаах сир элбэх. Ону күттэрэргэ көмө наадатын эттилэр. Билигин нэһилиэк резервэтигэр баар сир дулҕатын босхо астараллар эбит. Чааһынайдар харчыга астарыахтарын сөп. Үгүстэр ону ыарырҕаталлар.
Кэпсэтиигэ бэйэтин санаатын нэһилиэккэ ытыктанар Клавдий Михайлов эттэ. Чуолаан кини ыһыы иэнин 1800 гектарга диэри элбэтэргит буоллар, үгүс үлэ миэстэтэ тахсыах этэ диэтэ. Билигин быраҕыллан сытар бааһына элбэҕин туһунан этэр. Өссө кини тэрилтэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэптэһэн үлэлииллэрэ наадатын туһунан эттэ. Оччотугар үлэ өссө тахсыылаах буолуоҕун ыйда.
Сылдьыбыт нэһилиэктэрбитигэр олохтоохтор улуус дьаһалтата 2017 сылга ыыппыт үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр. Инникитин да бу курдук кимиилээхтик үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар баҕа санааларын эттилэр.
Кыһалҕалаах боппуруостарын туруорустулар
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Н.П.Александров салайар бөлөҕө иккис күҥҥэ Бүлүүчээҥҥэ, Наахараҕа, Кириэстээххэ сырытта.
Бүлүүчээҥҥэ
Быйыл саамай уһук сытар Бүлүүчээн нэһилиэгиттэн саҕалаатыбыт. Төһө даҕаны 11 чаастан саҕаламмытын иһин, 80 киһи кэлбит. Мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Геннадий Васильев ыытта. Бөлөх салайааччыта Николай Павлович оруобуна биир чаастаах дакылаатыгар суруммут кумааҕытыгар, тиэкиһигэр соччо-бачча наадыйбакка, үксүн бэйэтин тылынан кэпсээбитин саалаҕа мустубут дьон чуумпуран олорон сэргээн иһиттилэр. Ыраах сытар нэһилиэк диэх курдук ыйыталаһаллара, чуолкайдаһаллара элбэх. Сүнньүнэн маннык боппуруостары ыйыттылар: Кириэстээх-Бүлүүчээн суолун хаачыстыбатыгар, «АЛРОСА» дивидениттэн киирбит харчы хайдах туһаныллыбытыгар, Сунтаартан Өлүөхүмэҕэ диэри суол оҥоһуллуутугар, электроуот мөлтөҕөр, сайыҥҥы оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ иккис лааҕыр аһыллыытын, кэмигэр кэлэн быстыбат үүт харчытын, сүөһүнү сиэмэлээһин боппуруоһун, уматыгынан хааччыллыыны уо.д.а.
Бүлүүчээннэр туруорсуулара маннык: Наахараҕа КТП-35/10 сүрүн подстанцияны тутуу, спортивнай-чэбдигирдэр комплекс, фекальнай тиэхиньикэни атыылаһыыны, кыһыҥҥы өттүгэр Кириэстээхтэн Бүлүүчээҥҥэ диэри суолу көрүүнү-истиини, «Чуораанчык» оҕо саадын дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнүн, сыбаалканы күрүөлээһини, ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэриини, балыыһа дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнүн, Наахара-Бүлүүчээн суолун ситэриини, Агдары үрэҕин муостатын тутууну.
Наахараҕа
Эбиэт кэнниттэн Наахараҕа тиийдибит. 19 киһи кэлбит. 9 нэһилиэги көрөр-истэр учаскуобайдара, Смоленскайтан кэлэн биһиэхэ үлэлии сылдьар нуучча ньургун уола Николай Иванов мустубут дьоҥҥо бэйэтин үлэтинэн иһитиннэрии оҥордо. Кини ордук арыгылааһын боппуруоһугар тохтоото. Ааспыт бытарҕан тымныы күннэригэр арыгылаан баран үс киһи тоҥон өлбүтүн кэпсээтэ. Арыгыны сокуоннайа суох кистээн «туочукаларга» атыылааһын ыстарааба урут 1500 солк. эбит буоллаҕына, билигин сокуон кытаатан, 30000-50000-чаҕа диэри улааппыт.
Бөлөх салайааччыта Н.П.Александров дакылаатын истэн баран, олохтоохтор ыйытыыларын, кэпсэтиилэрин бииргэ ыыттылар. Нэһилиэк биир ытык кырдьаҕаһа, бэйэтин кэмигэр өр сылларга биригэдьиирдээбит В.С.Алексеев сиэмэлээһиҥҥэ саха оҕуһун туттар наадалааҕын эттэ. Кини түмүгэр тыа хаһаайыстыбатын бары үлэлэригэр, холобура, сүөһүнү, сылгыны, табаны көрүүгэ нолуок олох тутуллуо суохтааҕар бэйэтин санаатын билиһиннэрдэ. Уруккута нэһилиэк баһылыга, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор П.А.Игнатьев Бүлүүчээҥҥэ диэри суолу ситэри оҥорууну, уопсайынан улууспутугар сүөһү ахсаана аҕыйаабытын, баһылыктар бастатан туран тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктаныахтаахтарын, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ үлэлээбэтин, кэмиттэн кэмигэр туох үлэни ыытарын нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрбэтин, улууспутугар элбэх тутуу барбытын, Сунтаар сэлиэнньэтэ кэҥээн иһэрин, уулуссалары электрическэй уотунан сырдатыы элбээбитин кэпсэттэ.
Олохтоохтор улуус дьаһалтатыгар маннык боппуруостары туруорустулар: саҥа хочуолунай тутуутун, Микиисэ Уус саҥа микрооройуонун электрическэй уотунан хааччыйыыны, биэлсэрискэй-акушерскай пуун өрөмүөнүн, суотабай сибээһи, цифровой тэлэбиидэнньэни, мелиоративнай үлэ ыытыллыытын, Кириэстээхтэн оптоволокно тардыллыытын.
Кириэстээххэ
Отчуоту туруоруу 6.30 чаастан саҕаланна. Урукку өттүгэр тымныытынан аатырбыт култуура дьиэтэ кур бэйэтэ кубулуйбатах. Кэлбит дьон бары истээх соннорун кэтэн, үллэччи таҥнан олороллор. Олохтоохтор үксүлэрэ тымныыттан саллан саала түгэҕэр үрдүк сиргэ кэчигирэспиттэр.
Улууска биир биллэр энтузиаст үлэһит, Саха сиригэр бастакы көстүбүт алмаас мусуойун дириэктэрэ М.Х.Конобулова Сунтаарга маҥнайгы бирилийээн кырыыламмыта 25 сылын бэлиэтээһин тэрээһиннээхтик ыытыллыбытын, бастакы алмаас көстүбүтэ 70 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһини, манан сибээстээн иккис кинигэ тахсыахтааҕын сиһилии кэпсээтэ. Кириэстээх нэһилиэгин дьокутаата А.Н.Данилов култуура дьиэтэ 1984 сыллаахха тутуллубутун, акылаата олус эргэрбитин, фойеҕа +4 эрэ кыраадыс сылаас буоларын, үлэһиттэр тымныйан, тоҥон сотору-сотору ыалдьалларын, тымныы култуура дьиэтигэр дьон-сэргэ мустубатын этэн туран, улуус дьаһалтатыттан хапытаалынай өрөмүөҥҥэ 400000 солк. наадатын эттэ. 80 сааһыгар сылдьар улууспут биир ытык-мааны тумус туттар киһибит, итэҕэһи-быһаҕаһы чаҕыйбакка малтаччы этэринэн уратылаах М.И.Коколов этиитэ бу да сырыыга болҕомто киинигэр турда. Кини сүнньүнэн федеральнай суол хаачыстыбатыгар, тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ олох мөлтөөбүтүн, сүөһүбүт ахсаан өттүнэн эбиллибэтин, сирбит-уоппут хаһаайына суох хаалбытын, төрүөх кыайан ылыллыбатын, сылгыга субсидия көрүллүбэтин, идеологическай үлэ олох хаалбытын, баһылыктар элбэх бириэмэлэрэ уһун, синньигэс мунньахтарга барарын, элбэх ыал, үгүс үлэһит быстар мөлтөхтүк олороллорун, улуус дьаһалтатын аппараата наһаа үллүбүтүн, бүддьүөт үбүн-харчытын кэмчилээн туттуллуохтааҕын туһунан бэйэтин санаатын аһаҕастык эттэ-тыынна.
Кэпсэппит дьон Кириэстээх орто оскуолатын тутуутун «АЛРОСА» АК бу сыллааҕы дивиденин харчытыттан үбүлээһини, «Саргы түһүлгэтэ» култуура дьиэтин өрөмүөнүгэр үбүнэн-харчынан көмөлөһөрү, Кириэстээхтэн Соколинай Косаҕа диэри суол оҥоһуутун үбүлээһини уо.д.а. боппуруостары туруорустулар.
Бүлүүчээн, Наахара, Кириэстээх нэһилиэгин олохтоохторо улуус дьаһалтата ааспыт сыллаах үлэтин биир санаанан биһирээтилэр.
Толооҥҥо
Отчуоту истээри, араас боппуруостары туруорсаары 20 киһи кэлбит. Олохтоохтор ордук интэриэһиргиир уонча боппуруоһу ыйыттылар: ууну ыраастыыр ыстаансыйаны, интэриниэт түргэтииригэр оптоволокно ситимэ тардыллыытын, биэлсэрискэй-акушерскай пуун дьиэтэ тутуллуутун, Сунтаарга 4 кыбартыыралаах тулаайах оҕолор олорор дьиэлэрэ туох биричиинэттэн сууллубутун, бу боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрин, Сунтаар сэлиэнньэтигэр уруккута бэкээринэ таас дьиэтин өрөмүөннээн, саҥардан, туһаҕа таһаарыыны о.д.а.
Кэпсэтиигэ бастакынан тыл эппит тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ К.И.Попов кыра нэһилиэктэргэ анал бырагыраама суох буолан, биир даҕаны бырайыакка кыттыбаттарын, истэр тухары элбэх үп-харчы «Кириэстээх» ТХПК эрэ бэриллэрин, ордук саҥа ыаллар, кыра хамнастаахтар дьиэни-уоту туттар кыахтара суох буолбутун, билигин аҥаардастыы матыйыраалга эрэ 700000 солк. барарын, онон сибээстээн саҥа үлэлии кэлэр исписэлиистэргэ уопсай дьиэлэри тутууну эттэ. Мусуой дириэктэрэ Л.А.Афанасьева маннык диэтэ:
– Икки улахан нэһилиэк икки ардыгар олоробут эрээри, мобильнай сибээспит суох. Сороҕор бөһүөлэк киирэр аартыгар суолга уонна бөһүөлэк уһугар ыраас сиргэ суотабай сибээс холбонор. Федеральнай суолтан чугас олорорбутунан, оптоволокно тардылларын туруорсабыт. Сыл аайы диспансеризацияны ыыталлар. Сунтаартан биһиэхэ быраастар тахсыбаттар. Онон бэйэбит киирэбит. Киирэргэ, тахсарга суолбутугар олус эрэйдэнэбит, саатар көрдөрөн бүттэхпитинэ туһааннаах быраастар түмүгүн эппэттэр. УЗИ-га түһэрбитигэр Кутанаҕа эбэтэр Элгээйигэ барабыт. Нэһилиэк дьонун биир улахан хом санаатын тириэрдэбин: нэһилиэкпит 100 сылын бэлиэтиир улахан өрөгөйдөөх үбүлүөйбүтүгэр суолта биэрэн улуус дьаһалтатыттан биир даҕаны баһылык, оннооҕор көннөрү исписэлиис даҕаны тахсыбатаҕа хомолтолоох.
Хадаҥҥа
Сырдык, сылаас култуура дьиэтэ диэн манна баар эбит. Дьон-сэргэ кэлиитэ даҕаны үчүгэй. Лоп курдук 3 чаастан отчуот саҕаланна. Хаданнар бастакы боппуруоһунан хаһан элбэх функциялаах комплекс тутуллуутун ыйыттылар. Толооҥҥо кэпсэтии, туруорсуу бэрт холкутук барбыт буоллаҕына манна биһигини барыбытын соһуттулар. Бэйэтэ этэринэн «39 саастаах, үрдүк үөрэхтээх» А.В. Григорьева тута уонча боппуруоһу ыйытан ууга-уокка түһэртээтэ. “Нэһилиэкпитигэр 25 сылга туох да уларыйыы барбата, суол-иис олус мөлтөх”, – диэн саҕалаата бэйэтин боппуруоһун. Бары нэһилиэктэргэ сөмөлүөт түһэр, көтөр былаһааккаларын саҥардан, аччыгый авиацияны сайыннарыыны, күһүн, саас өрүс хаайтарыытыгар суол-иис тохтуурунан, инникитин өрүскэ муоста тутуллуохтааҕын, Сунтаар сэлиэнньэтин уулуссалара олус куһаҕанын, тротуардара суоҕун, нэһилиэк уулуссаларыгар электрическэй лаампалар хаһан ыйаналларын, пенсионнай пуонда управлениетыгар биирдэ сылдьан ыспыраапканы бэркэ эриһэн ылбытын, үлэһиттэргэ болҕомтото суох сыһыаннаһалларын эттэ-тыынна. Бэйэтэ бэйэтиттэн собуоттанан, кыйаханан: «Булгуччу эппиэттээҥ, эбэһээт итини боротокуолга суруйуҥ», – диэн дьаһайталаан эрэрдии тутунна.
Кини ыйытыыларыгар туһааннаах исписэлиистэр, иккис бөлөх салайааччыта Николай Павлович толору, киһини итэҕэтэр эппиэттэри биэрдилэр. «Кэнчээри» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ В.В.Степанова өрөмүөн үлэтигэр улуус дьаһалтатыттан 600000 солк. үп-харчы бэриллэн бэрт элбэх үлэ ыытыллыбытыгар улуус дьаһалтатын баһылыга А.В.Григорьевка, үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Г.М.Еремеевкэ улаханнык махтанарын эттэ. Билигин оҕо саадыгар толору хааччыллыыны киллэрэргэ өссө 600000 солк. наадатын, эдэр исписэлиистэр олороллоругар уопсай дьиэ тутуутун туруоруста. Итини сэргэ нэһилиэккэ билигин сүүрэ сылдьар уу массыыната олус эргэрбитин, элбэхтик алдьанарын этэн туран уу баһар саҥа массыына наадатын эттилэр.
Сылдьыбыт икки нэһилиэктэрбитигэр олохтоохтор эмиэ улуус дьаһалтата 2017 сылга ыыппыт үлэтин биһирээтилэр.
«Элбэх тутуу, үтүө түмүктээх үлэ барар»
Сунтаар улууһун 2017 с. үлэтин отчуоттуур үһүс бөлөҕүн улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Ульяна Попова салайан сырытта. Бөлөх тохсунньу 23 күнүгэр, былаан быһыытынан, Элгээйи, Күндэйэ, Устье нэһилиэктэригэр сылдьыахтаах этэ эрээри, кэккэ биричиинэлэринэн отчуот күнэ-дьыла, сырыытын хайысхата уларыйан Элгээйигэ уонна Күндэйэҕэ ыытылынна. Сарсыныгар Тэҥкэ, Бордоҥ, Илимниир, өйүүнүгэр Туойдаах, Хоро, Устье нэһилиэктэрин олохтоохторо улуус сыллааҕы үлэтин түмүгүн билистилэр, сүрүн ыалдьар боппуруостарын туруордулар. Нэһилиэктэргэ Ульяна Дмитриевна чаас аҥаарыттан ордук дакылаат аахта, үксүн боппуруостарга иккилии, кэпсэтиигэ үстүү мүнүүтэ бэрилиннэ.
Элгээйи нэһилиэгэр ааспыт сыллаах үлэ түмүгүн истэ 103 киһи сырытта. Нэһилиэк баһылыга Гаврил Яковлев регламеҥҥа ыйытыгы 2, этиини 3 мүн. туруорбутун олохтоохтор ылыннылар. Ульяна Дмитриевна улуус дьаһалтата 2017 сылга туох үлэ барбытын туһунан билиһиннэрбитин кэннэ олохтоохтор биир-биир ыйытыыларын туруордулар. Ол курдук, «Элгээйи» ПК иэһин, «АЛРОСА» АХ 2%-наах дивиденэ хас суума буоларын, гериатрическай балыыһа, Сунтаар улууһугар биллэриллибит Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарыы сылыгар туох үлэлэр барыахтаахтарын уо.д.а. туһунан туоһуластылар. Борис Габышев уонна эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрэ Прокопий Акимов тыа хаһаайыстыбата болҕомтоҕо ууруллуохтааҕын, үрдүктүк тутуллуохтааҕын эттилэр. Үүтү туттарыы квотата аҕыйаҕа сүөһүнү элбэтэргэ табыгаһа суоҕун бэлиэтээтилэр. Элгээйилэр, маны таһынан, кулун тутар 6 күнүгэр Уйбаан Нуолур төрөөбүт күнүгэр аһыллыахтаах бибилэтиэкэҕэ саҥа миэбэл, оҕо спортивнай оскуолатын филиалын туруорсаллар. Почта, интэриниэт бытааннара дьон өссө биир кыһалҕата эбит.
Күндэйэҕэ нэһилиэнньэттэн улахан ыйытыы киирбэтэ. Олохтоохтор нолуок, үүт туттарыытын, сылгы сиир бурдугун тустарынан ыйытыылары биэрдилэр. Күндэйэ орто оскуолата эһиил 100 сылын туоларыгар алта сыллааҕыта үлэҕэ киирбит таас оскуолаларыгар өрөмүөн үлэтин, икки куойкалаах учаскуобай балыыһаларыгар эбии миэстэ туруорсаллар. Күндэйэ нэһилиэнньэтин ахсаана 800-тэн тахса, оттон балыыһа куойкатын элбэтиигэ нэһилиэнньэ ахсаана 1000-тан тахсар эрэ буоллаҕына 6 куойкаҕа диэри элбиир. Кэпсэтиигэ нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Михаил Аввакумов кэнники кэмҥэ Сунтаар улууһун спортсменнара, чуолаан тустууктар ситиһиилэриттэн, улуус салалтатыттан успуорт өттүгэр улахан болҕомто уурулларыттан астыммытын этэн туран, улуус дьаһалтатын үлэтин «биһириибин» диэн сыаналаата.
Иккис күҥҥэ үһүс бөлөх отчуотун Тэҥкэ нэһилиэгиттэн саҕалаата. Тэҥкэлэр уруккаттан туруорсар боппуруостара суотабай сибээс буолар. Нэһилиэнньэтэ аҕыйах буолан биир да суотабай оператор бэйэтин өҥөтүн холбообот эбит. Бу тэйиччи сытар нэһилиэккэ уот бардаҕына туох баар сибээс, төлөпүөн буоллун, интэриниэт буоллун, барыта арахсан хаалар. Онон уот линиятыгар саахал таҕыстаҕына ыаллыы сытар Бордоҥҥо эрэ баран туһааннаах сулууспаларга биллэрэллэр. Тэҥкэлэр өссө биир туруорсууларынан култуурунай-спортивнай комплекс буолар.
Бордоҥҥо ааспыт күһүн буолбут быыбарга баһылыгынан Гаврил Черепанов талыллыбыта. Бордоҥ орто оскуолата тымныытын, оҕолор үөрэнэр усулуобуйалара суоҕун иһин былырыын 1 мөл. 600 тыһ. солк. суумаҕа өрөмүөн ыытыллыбытын үрдүнэн оскуола дьиэтэ син биир тымныы эбит. Оскуола дириэктэрэ Вячеслав Григорьев маннык балаһыанньаны туоратарга улуустан көмө көрдөстө. Саастаах дьон ватсап нөҥүө тарҕанар араас буолар-буолбат информациялары ааҕан сонньуйалларын биллэрдилэр. Саха сирин күөллэрин, ойуурдарын туора дьон бас билэллэр, кэрдэллэр диэн сурахтары төһө оруннаахтарын туоһуласпыттарын баайга-дуолга сыһыаннаһыылар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Саморцев ханныгын туоҕун саас сааһынан быһааран биэрдэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар – үүт харчытыгар, ходуһа үллэриитигэр, доруобуйа харыстабылыгар уо.д.а. боппуруостарга чуолкай эппиэттэри ыллылар.
Илимнииргэ отчуоту истэ 30-тан тахса киһи кэлбит. Илимнииргэ үгүс дьон Сунтаарга уунан үлэлииллэр, оҕолорун үөрэттэрэллэр. Онон Сунтаарга киирэр суол өрөмүөнүн туруорсаллар. Бу боппуруос манна эрэ буолбакка, Бордоҥҥо, Тэҥкэҕэ эмиэ турбута. Тутуу управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Анатолий Тимофеев Сунтаар-Илимниир-Бордоҥ-Тэҥкэ муниципальнай суол хапытаалынай өрөмүөнүн бырайыагын үлэтэ 2019 сылга былааннанарын, онуоха диэри бу суол кыһалҕалаах учаастактарыгар кыралаан өрөмүөн үлэлэрэ барыахтаахтарын туһунан кэпсээтэ. Сунтаардааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччытыгар Константин Павловка элбэх ыйытыы да, үҥсүү да киирдэ. Олохтоохтор медпуун тутуутун, биэлсэрдэрэ суох буолан биэлсэр туруорсаллар.
Ульяна Дмитриевна салайар бөлөҕө үһүс күнүгэр отчуотун Туойдаахтан саҕалаата. Кириэстээх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыт Владимир Анисимов Туойдаахха баһылыгынан талыллан үлэтин саҕалаан эрэр. Бу кыһын өр сыллаах туруорсуу, үс сыллаах үлэ түмүгүнэн суоллара оҥоһуллан туойдаахтар сүргэлэрэ көтөҕүллэ сылдьар. Мунньахха 32 киһи кэлэн оскуола бырайыага быйылгы былааҥҥа тоҕо киирбэтэҕин, инбэлииттэргэ льготалаах эмп, медпуун тас үлэтин ситэрии, сайыҥҥы лааҕыр, орто хамнас, хочуолунайы тутуу туһунан боппуруостары туруордулар. Кэпсэтиигэ нэһилиэк урукку баһылыга Маргарита Прокопьева улуустааҕы араас куонкурустар, күрэхтэр, тэрээһиннэр өрүс хаайан турдаҕына ыытыллаллара сөбө суоҕун, инникитин суол хаайарын учуоттаан, күнүн-дьылын сөпкө аттаран тэрийэр наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Салгыы улуус 2017 с. үлэтин отчуота Хоро нэһилиэгэр турда. Саҥа дьыл иннинэ баһылык солбуйааччытын миэстэтэ көрүллэн, онно эдэр, эрчимнээх Айаал Захаров ананан үлэлии-хамсыы сылдьар. Ыччаты кытары үлэлээн элбэх хамсааһыны таһааран эрэр. Хоролор эмиэ биэлсэр туруорсубуттара хаһыс да сылыгар барбыт. Ааспыт сылга эдэр исписэлиистэргэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуутугар үлэлээбит олохтоох дьон хамнастарын аҥаарын ыла иликтэр эбит. Маны таһынан, нэһилиэнньэттэн Сунтаарга 4 кыбартыыралаах дьиэ сарайа сууллубутун, поликлиника өрөмүөнэ хаһан бүтэрин, Кэмпэндээйи санаторийыгар путевка сыанатын интэриэһиргээтилэр.
Устьеҕа отчуот нуучча тылынан ыытылынна. Оскуола дьиэтигэр 30-тан тахса киһи кэлэн отчуоту иһиттэ. Нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата Егор Тарасов улуус киинигэр нэһилиэнньэ үлэлии, балыыһаҕа, бэйэлэрин араас наадаларыгар үгүстүк киирэр буолан оптуобус сырыыта баара наадалааҕын эттэ. Бу күһүн 50 сылын үбүлүөйдүүр Устье оскуолата тымныыта бэрт, 11-16 кыраадыс эрэ, манна туох эмэ үлэ барыа дуо диэн туруорсаллар.
Бөлөхтөр үс күн нэһилиэктэринэн сылдьыбыттарын кэннэ төрдүс күнүгэр отчуот Сунтаар нэһилиэгэр буолла. Мунньаҕы Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов салайан ыытта, дакылааты улуус баһылыга Анатолий Григорьев туруорда. Сунтаардар улуус салалтатыттан ходуһа түҥэтиитин сааһылыыры, Бартыһаан түөлбэтигэр оҕо былаһааккатын уо.д.а. туруорустулар. Суотабай сибээһи тупсарарга туох үлэ барыан сөбүн, балыыһа иккис уочаратын тутуу ханна тиийбитин, улууска биллэриллибит Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарыы сылыгар бородууксуйаны батарарга туох үлэ барарын туһунан ыйытыылар киирдилэр. Сунтаар 2 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Василий Хаптасов банкоматтарга тохтоон ааста. Аныгы кэмҥэ банкомат аҕыйаҕа, өрөбүллэргэ үлэлээбэтэ дьон үлэтин атахтыыр, уочаракка бириэмэ бөҕө барар буолан банкоматы элбэтии боппуруоһун туруорда.
Сылдьыбыт нэһилиэктэрбитигэр барытыгар, атыттарга да турбута саарбаҕа суох, оптоволоконнай сибээс кэлиитэ, интэриниэт, суотабай сибээс, үүт квотата, улууска МРТ аппараатын ылыы, цифровой тэлэбиидэнньэҕэ «Саха» НКИХ холботуу боппуруостара турдулар. Манна бырамыысыланнас отделын начаалынньыга Егор Иванов Сунтаар нэһилиэгэр оптоволоконнай сибээс киирдэҕинэ, билигин тутта олорор интэриниэппит ноҕурууската кыччаан түргэтиэхтээх диэн быһаарда. Инникитин нэһилиэктэргэ оптоволоконнай сибээһи холбуурга улуустар бэйэлэрэ үлэлэһиэхтээхтэр. Онтон МРТ аппааратын ылыыга Константин Павлов нэһилиэнньэбит ахсаана аҕыйах буолан өрөспүүбүлүкэттэн көрүллүбэтин туһунан эттэ. Манна улууспутугар кэлэн үлэлии сылдьар улахан «Сургутнефтегаз» тэрилтэни успуонсардатан МРТ аппааратын ылларарга үлэ ыытылла турарын туһунан иһитиннэрдэ. 2017 с. Илимнииргэ, Уһун Күөлгэ цифровой тэлэбиидэнньэ киирэн, ыаллыы сытар нэһилиэктэр үчүгэй хаачыстыбалаах, уонча ханааллаах тэлэбиидэнньэни көрөр кыахтаммыттара. Манна «Саха» НКИХ холботторору олунньуга буолуохтаах СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар күүскэ туруоруохха наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: