Сиэйэҕэ «Патриот» улуустааҕы байыаннай-патриотическай оонньуу буолан ааста. Бу оонньуу Сунтаар улууһугар аан бастаан 2009 с. ыытыллыбыта, 2013 сылтан сыл ахсын ыытыллар үгэскэ кубулуйбута. Оонньуу уратытынан сыл ахсын сэрии кыттыылаахтарын, байыаннай офицердар үтүө ааттарын, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, бойобуой сырыыларын ыччакка билиһиннэрии буолар.
Быйылгы «Патриот» Сиэйэ нэһилиэгин 96 саастаах олохтооҕо, Берлин куоракка тиийэ сэриилэспит Прокопий Степановка ананна. Прокопий Афанасьевич 1941 сылтан сэрии бүтүөр диэри фроҥҥа сылдьыбыт, Кыайыыны Берлин куоракка көрсүбүт. Сэрии кэнниттэн 1945-1947 cc. Австрияҕа авиационнай полкаҕа тиэхиньик-мэхээнньигинэн үлэлээбит.
Оонньуу аһыллыыта кылаабынай судьуйа, Сунтаар улууһун байыаннай комиссара Игорь Данилов рапорынан, кытта кэлбит хамаандалар парааттарынан саҕаланна. Манна улуус баһылыга Анатолий Григорьев, «Патриот» түмсүү бэрэссэдээтэлэ, юстиция полковнига Михаил Люйден, СӨ байыаннай комиссарын көмөлөһөөччүтэ Иван Федоров, «Патриот» түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, суруналыыс Зинаида Игнатьева, түмсүү чилиэннэрэ, бойобуой полковник Виталий Семенов, интернационалист-буойун Усементай Алексеев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыга Евгений Данилов, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин солбуйааччы Люция Иванова уо.д.а. кытыннылар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии, Афганистан сэриитин бэтэрээннэрэ эрэ буолбакка өссө биир сэрии кыттыылаахтара бааллар – билигин буола турар Сирия сэриитигэр сылдьыбыт мотуруостар. Кинилэргэ, биир дойдулаахтарбытыгар – Геннадий Степановка уонна Айаал Васильевка СӨ байыаннай комиссарын көмөлөһөөччүтэ Иван Федоров РФ оборонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу бирикээһинэн Сирийскэй Арабскай Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэҕэ хорсун-хоодуот санаалаах кыттыбыттарын иһин «Участнику военной операции в Сирии» мэтээли туттартаата.
Быйылгы «Патриот» улуустааҕы байыаннай-патриотическай оонньууга 10 хамаанда кытта кэлбит: Сиэйэ, Күндэйэ, Элгээйи, Тойбохой, Бордоҥ, Хадан, Кутана, Күүкэй, Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолаларын уонна Сунтаардааҕы гуманитарнай гимназия хамаандалара. Хамаандалар сэттэ түһүмэххэ бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр. Ол курдук, стройдаан хаамыы, оһуохай, аптамааты ыһыы-таҥыы, медицинскэй бэлэмҥэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии устуоруйатыгар тестэр, гражданскай оборона, байыаннай дьиссипилиинэҕэ эстэпиэтэ бааллар.
Кыайыыга аналлаах искибиэргэ буолбут тэрээһин аһыллыытын кэннэ устунан хамаандалар оһуохайга уонна строевой хаамыыга күрэхтэстилэр. Сэрэбиэй көмөтүнэн ким хаһыс киирэрэ быһаарылынна. Оҕолор оһуохайы оройуттан туппуттарын кэннэ, аттыларыгар сэргэстэһэ строевой хаамыыга хамандыырдар «уҥа», «хаҥас» хамаандаларын биэрэн бардылар. Эбиэт кэннэ Сиэйэ орто оскуолатын территориятыгар тус-туһунан станцияларынан атын көрүҥнэргэ күрэхтэһии буолла. Оскуола иһигэр хамаандалар кылаастарга уочаратынан киирэн Калашников аптамаатын бириэмэҕэ ыстылар-таҥнылар, тургутук тестэри толордулар. Тустуу саалатыгар гражданскай оборона буолла. Манна бириэмэҕэ противогаһы кэтэн баран «вспышка слева», «вспышка с фронта» хамаандалары истэн баран сөпкө саһарыҥ көрүллэр. Байыаннай дьиссипилиинэҕэ эстэпиэтэ оскуола былаһааккатыгар ыытылынна. Эстэпиэтэҕэ кыттааччылар араас мэһэйдэри туораан, сорудахтары толорон, паалка оннугар аптамааты бэрсэллэр. Бастакы кыттааччы мэһэйдээх сиринэн сүүрэр – дьааманы үрдүнэн ойор, истиэнэ нөҥүө, бэрэбинэттэн бэрэбинэҕэ ойор, «змейканы», үөһэ бэрэбинэ устун сүүрэр, онтон аптамаатын иккис киһитигэр туттарар. Иккис кыттааччы аптамаатын ыһар, таҥар, салгыы үһүс кыттааччыга сүүрэр. Үһүс кыттааччы аптамаат маҕаһыыныгар толору ботуруону иитиэхтээх. Кини кэннэ икки киһи биир табаарыстарын наһыылкаҕа көтөҕөн баран аптамааты салгыы илдьэллэр. Онтон икки киһи тимир дьааһыгы туппутунан бүтэһик кыттааччыга сырсаллар. Бүтэһик кыттааччы аптамааты ылан баран гранатанан сыалы быраҕар. Сыалын таптаҕына биэтэккэ сүүрэн кэлэр.
«Патриот» улуустааҕы байыаннай-патриотическай оонньуу уопсай түмүгүнэн I миэстэни хаһаайыннар – Сиэйэ орто оскуолатын хамаандата — ылла. II миэстэни былырыыҥҥы оонньуу кыайыылаахтара – Кутана орто оскуолата, III миэстэни Бордоҥ орто оскуолата ыллылар. Маны таһынан, Илья Красков (Бордоҥ орто оскуолата) «Лучший знаток истории», Илларион Захаров (Кутана орто оскуолата) «Лучший по снаряжению магазина автомата Калашникова», Дмитрий Черепанов (Бордоҥ орто оскуолата) «Лучший командир», Наталья Тимофеева (Күүкэй орто оскуолата) «Лучший по медико-санитарной подготовке» анал аат хаһаайыннарынан буоллулар.
До финала сенсационно добрался Таттинский улус
Пожарными эвакуировано 30 человек, из них 10 детей
Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность