Кириэстээх нэһилиэгэр бэлиэ түгэн буолан ааста. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, алмааһы арыйыы көхтөөх кыттааччыта, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Михаил Иннокентьевич Коколов төрөөбүтэ 85 сааһын бэлиэтиир дьоро киэһэтэ буолан ааста.
Үбүлүөйдээх Михаил Коколов 1991 сылга икки уолунаан, күтүөтүнээн кыттыһан улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны биир бастакынан сылгыны иитиинэн утумнаан дьарыктанар «Сырдык суол» бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммиттэрэ. Аҕыйах кэм иһигэр атахтарыгар турбуттара, сылгыларын баазаларын кэҥэттибиттэрэ. Билигин кини төһө да 80 сааһын лаппа куоһардар, атын уорҕатыттан түспэт. Нэһилиэккэ буолар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, биирдиилээн да дьоҥҥо сүбэ-ама буолар.
Кэргэнэ Мария Трофимовна Өлүөхүмэттэн төрүттээх. Быйыл кинилэр харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптаһан ыал буолан бииргэ олорбуттара 62-с сыла. Талбыт курдук үс кыыс, үс уол оҕолоохтор, үгүс сиэннээхтэр. Улахан кыыстара Людмила Михайловна ветеринарнай наука дуоктара, икки кыыһа Кириэстээх оскуолатын учууталлара. Уолаттар аҕаларын батан тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһиттэрэ.
Михаил Коколов үбүлүөйүн бэлиэтиир күҥҥэ дьиэтин тэлгэһэтигэр бэйэтин бүүһүн туруоруу сиэрин-туомун ыытта. Ураты бэлиэни биир дойдулаахпыт, СӨ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, биллэр скульптор Э.И. Пахомов боруонсаттан кутан оҥорбута. Бу, Эдуард Иннокентьевич бүтэһик үлэлэриттэн биирдэстэрэ. Хомойуох иһин, талааннаах киһибит 2015 сылга биһиги ортобутуттан туораабыта.
Дьоро түгэҥҥэ Михаил Иннокентьевич биир дойдулаахтара, кэллиэгэлэрэ, ол иһигэр улуус баһылыга А.В.Григорьев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга И.В.Тихонов о.д.а. кытыннылар, истиҥ тыллар этилиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: