Ситэриилээх былаас отчуота: Чурапчылар почта үлэтин сэмэлээтилэр

16:12, 06 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Чурапчы улууһугар ситэриилээх былаас отчуотун Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев салайар биригээдэтэ туруорда, кинилэри кытары Ил Түмэн дьокутаата Павел Пинигин сырытта. Отчуоттуур мунньахтарга хас нэһилиэк ахсын олохтоохтор сааланы толору кэллилэр, элбэх ыйытыылары биэрэн, толору хоруйу ылан астыннылар, кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Үгүс киһи интэриэһин тардар боппуруоһунан бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдээһинэ, биэнсийэҕэ оҥоһуллар эбиилик буолла. Ону тустаах исписэлиистэр барытын сиһилии быһааран биэрдилэр.


Тутуу олоҕу хамсатар

Дьаһалта баһылыга Андрей Ноговицын уопуттаах хаһаайыстыбанньык буолан, улууска үлэ-хамнас араас бырагыраамаларга тирэҕирэн ыытыллар. Ол курдук, Андрей Тимофеевич баһылыгынан талыллыаҕыттан, ол эбэтэр 2014 сылтан, биэс таас оскуола, сэттэ оҕо саада, икки култуура, икки ФАП дьиэлэрэ тутуллубуттар, Көһөрүллүү 75 сылынан 34 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киллэриллибит, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүүнэн улуус киинигэр эрэ буолбакка, нэһилиэктэргэ эмиэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутулланнар, 279 ыал толору хааччыллыылаах саҥа дьиэлэргэ көһөн киирбит. Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан, үс сыл устата 44, ол иһигэр былырыын аҕыс оҕо, саҥа дьиэлэммиттэр. «Макрос» тэрилтэ кыттыгас тутуунан оҥорон иһэн бырахпыт аҕыс кыбартыыралаах дьиэтэ ситэриллибит, аны сэттэ дьиэ ситэриллиэхтээх. Улуус дьаһалтата албыннаппыт дьон кыһалҕатын моой-арҕас ылынан быһаарара атыттарга холобур буолар. Сылытар ситимҥэ чааһынай дьиэлэри холбооһун тэтимнээхтик ыытыллан, үгүс нэһилиэккэ ыал 80 %-а, Улахан Күөлгэ 100 %-на киин хочуолунайга холбоммут. Бу хамсааһыҥҥа «2014-2017 сс. уонна 2020 с. диэри тыа сирин бигэтик сайыннарыы» бырагырааманан «күөх төлөнү» киллэрии үлэтэ эбиллибит. Онон саҥа дьиэлэр толору хааччыллыылаах оҥоһуллар, эргэ дьиэлэргэ септик туруоруллар буолбут. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин үгүс улууска оборторуллубут кирдээх уу түбэһиэх тоҕуллара баар суол. Саҥаҕа тобуллаҕас чурапчылар боппуруоһу бэркэ быһаарбыттар – бөдөҥ ыраастыыр комплексы оҥоро сылдьаллар.

Дьоһун дьаһаллар, сиэрдээх кэпсэтиилэр

Мугудай олохтоохторо уһуйаан дьиэтин тутар туһунан былырыыҥҥы туруорсууларын хатылаабыттарыгар, бу эбийиэги “Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” хамсааһын чэрчитинэн саҕалыырга сүбэлэннэ. Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Ефремова Одьулууҥҥа уонна Үөрэх Күөрэҕэ сэбиэскэй былаас саҕана тардыллыбыт электроуот ситимэ эргэрбитинэн, СИП кабелы тардарга, Хатылы баһылыга Ульяна Атласова урут оттоппут сис үрэхтэргэ мелиоративнай үлэни сөргүтэргэ, Лахалдьы быһытын аһыллар-сабыллар оҥорорго, Дириҥ олохтоохторо учаастактааҕы балыыһа дьиэтин тутары уо.д.а. туруорсубуттара боротокуолга киллэрилиннэ. Онуоха Михаил Гуляевборотокуолламмыт этии барыта олоххо кыайан киирбэтин, тумус тутуллара учуоттанарын, атына кэлиҥҥи сылларга көһөрүллэрин быһаарда.

Сылгыга көмө наада!

Улуус үрдүнэн 20 тыһ. 484 хороҕор муостаах, 17 тыһ. 498 сыспай сиэллээх кыстатыллан турар. Ааспыт сылга ынах сүөһүттэн 86 %, сылгыттан 78 % төрүөх ылыллыбыт, баалабайынан 16 тыһ. 357 т үүт ыанан, 3 тыһ. 105 т эт оҥоһуллан сорудах 100 % толоруллубут. «Чурапчы» кэпэрэтиип үүт соҕотуопкатын былаанын 102 % куоһарбыт, үүтү-эти туттарааччыларын кытары толору аахсыбыт. Инньэ гынан, отчуоттуур мунньахтарга соҕотуопка өттүгэр туох да саҥа иһиллибэтэ.

Сайын хаһаайыстыбалар 3,9 тыһ. т оту, 2,3 тыһ. сиилэһи, сенаһы, 295 т эбиэһи, ньэчимиэни бэлэмнээн, кыстыгы талбаата суох туоруур курдук тэриммиттэр. Ол эрээри, сайын курааннаан, үгүс нэһилиэккэ кур лаҥхалаах сир оттоммут, онон от хаачыстыбата мөлтөх эбит итиэннэ хаар алтынньы 1 күнүттэн түһэн, сүөһү аһылыкка уонча хонук эрдэ киирбит, аны күһүҥҥү өттүгэр дэлби ардаан, сир мууһунан тоҥмут. Ити барыта түмүллэн хаһыыга охсубут (бэл, туртас кэбиһиилээх оту буулаабыт), ырыганнааһын саҕаланан, сылгы эбии аһылыкка маассабайдык киллэриллибит. Ити иһин, бары нэһилиэктэр эбии от-бурдук наадатын эттилэр итиэннэ сир-дойду лаҥхаҕа былдьаммытынан өртөөһүнү сөргүтэргэ туруорустулар.

Киэҥ халлаан тойуга дьаһаллаах биэдэмистибэ

Төһө даҕаны сибээс араас көрүҥэ киирэн истэр, почта үлэтигэр тыа сирин олохтоохторо олус наадыйаллар. Почта федеральнай ааттаах эрээри, улуустарга баар салаалар дьиэлэрин-уоттарын олохтоох дьаһалталар хааччыйаллар. Үрдүкү салалта сыллата араас сарбыйыыны оҥорор, холобур, ааспыт күһүнтэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүс биир почта салаатын үлэтин 21 чааска диэри аччаппыт, ол эрээри, оҥоһуллар өҥө ахсаанын аҕыйаппатах. Онон, почта нэһилиэктэрдээҕи салаалара биэс күннээх үлэни үс күҥҥэ, мэктиэтигэр эбиэттиир да солото суох, толороллор.

— Урукку өттүгэр почтаҕа эрэ наадыйбат этим да, оҕом үлэлиир буолан, бу киэҥ халлаан тойуга дьаһаллаах биэдэмистибэни балачча биллим, – диэтэ Хайахсыт олохтооҕо Иван Филиппов уонна нэһилиэнньэҕэ наадалаах өҥөнү оҥорор (бэчээккэ сурутууну тэрийэр, сибээс өҥөтүн, бааннар кирэдьииттэрин төлөбүрдэрин хомуйар уо.д.а.) тэрилтэни сааһылыырга федеральнай салалтаны кытары үлэлэһэргэ эттэ.

Наадалаах исписэлиистэр

Олохтоох дьаһалта бэйэтин күүһүнэн социальнай эбийиэктэргэ тахсар саахалы туоратар, оннооҕор, уулусса лаампатын да уларытар кыаҕа суох, барытын тастан лицензиялаах исписэлииһи наймылаһан оҥорторор.

— Нэһилиэктэр дьаһалталарын иһинэн сантехник, электрик уонна дьоҕус баһаарынай этэрээт начаалынньыгын штаттарын көрөр наада, – диир Мугудай баһылыга Кузьма Пермяков. – Оччотугар Чурапчытааҕы кэллиэһи, Одьулуун техникуму бүтэрэр ыччаттарбыт үлэнэн хааччыллан, дойдуларыгар олохсуйуо, оттон нэһилиэккэ тэрилтэлэр уонна чааһынай ыаллар дьиэлэрин-уоттарын сылытыы, сырдатыы, баһаартан сэрэхтээх буолуу өттүнэн көрө-истэ сылдьар киһилээх буолуо, баһаар тахсар кутталын аҕыйатыа этибит.

Дириҥҥэ – «Пинигин оонньуулара»

Иллэрээ сыл улууска Мусуой сылынан биллэриллэн, хас нэһилиэк, оскуола ахсын мусуойдар тэриллибиттэрэ, Чурапчытааҕы история, этнография уонна Хатылытааҕы Көһөрүллүү мусуойдара сөргүтүллүбүттэрэ. Үйэтитиигэ үлэ былырыын, История сылыгар, салгыы ыытыллыбыта. Быйылгы сыл Оҕо, ыччат дьоҕурун сайыннарыы сылынан биллэриллэн, элбэх дьаһал былааннаммыт. Сыл бастакы тэрээһинэ Дириҥҥэ Олимпийскай чөмпөйүөн, Ил Түмэн дьокутаата Павел Пинигин 65 сааһынан «Пинигин оонньуулара» кэлим спартакиадаҕа ананна. Отчуоттуур бөлөх чилиэннэрэ, ол иһигэр Павел Пинигин, Спартакиада аһыллыытыгар сылдьыбыттара, тыл эппиттэрэ эдэр ыспарсымыаннары кыайыыга кынаттаата.

Гаврил Протодьяконовы — Дьоруойга

Улуус киинин кырдьаҕас олохтооҕо Спартак Слепцов 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии хаамыытын тосту уларыппыт Сталинградтааҕы кыргыһыыга кыайыы 75 сылын туолбутун ахтан туран, Чурапчы чулуу уола, албан аатырбыт артиллерист Гаврил Дмитриевич Протодьяконовы Дьоруойга түһэриини сөргүтэргэ эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
16 декабря 16.12
  • -29°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: