Нам улууһун киинигэр баар М.К. Аммосов болуоссатыгар республикабыт Судаарыстыбаннаһыгар аналлаах митинг, М.К. Аммосов пааматынньыгар сибэкки ууруута буолла.
Бу күн М.К. Аммосов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Суударыстыбаннас историятын музейыгар бүттүүн киэн туттар биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Максим Кирович Аммосов өйдөбүнньүгэр сүгүрүйэн туран улуус баһылыга Александр Атласов, Ил Түмэн Государственнай мунньаҕын тутууга уонна сокуоннаска хамыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Ил Түмэн вице-спикерэ Виктор Губарев, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыба тэриллиилэригэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, Арктика уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар комитеттарын бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, Нам улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Попов, «Хатырык нэһилиэгин» МТ баһылыга Алексей Пинигин уонна норуодунай депутаттар, устудьуоннар, үөрэнээччилэр, общественность тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Иустубут дьон Сахабыт чулуу уолаттара Судаарыстыбаннаһы хайдах турууласпыттарын, автономияны ылыы, суверенитеты ситиһии Сахабыт сирин норуоттарын олоҕор, дьылҕаларыгар туох үтүө сабыдыаллааҕын, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ, чулуу дьоммут ааттарын-суолларын үйэтитиигэ республика, улуус таһымыгар туох үлэ ыытылла турарын туһунан уонна бар дьоннорун эҕэрдэлээн тыл эттилэр. Салгыы митиннэр бу күн Хатыҥ Арыы уонна Хатырык нэһилиэктэригэр буолуталаатылар.
Намнааҕы, Хаҥаластааҕы, Дьокуускайдааҕы техникум бастакы куурустарын устудьуоннарыгар Алексей Еремеев уонна Антонина Григорьева Судаарыстыбаннас уруогун ыыттылар. Устудьуоннар олус сэргээн истэн, интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр.
100 сыллааҕыта буолбут Улуу Октябрьскай социалистическай революция кэнниттэн саха норуотун чулуу уолаттара, уһулуччулаах государственнай, политическай деятеллэр Максим Аммосов, Исидор Барахов, Платон Ойуунускай уонна кинилэр биир санаалаахтара хорсуннук туруорсан, туруулаһан Саха сирэ Россия састаабыгар автономнай сэбиэскэй социалистическай республика буолуутун ситиспиттэрэ. Дьалхааннаах 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр республикабыт Үрдүкү сэбиэтэ СР суверенитетын туһунан декларацияны ылыммыта. Онтон ыла хас сыл ахсын бу бэлиэ түгэн киэҥник бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: