Мэҥэ Хаҥаластар кыстыгы туоруурга күүһү-көмөнү түмэллэр

Мэҥэ Хаҥаласка буолбут киэҥ ыҥырыылаах улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын Сэбиэтигэр сүрүннээн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин түмүктэрин, сүөһү, сылгы туругун тула кэпсэтиилэр буоллулар.


Сэбиэт үлэтин управление начаалынньыга Иван Аргунов уонна улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов салайдылар. Мунньахха хаһаайыстыбалар, туһааннаах тэрилтэлэр салайааччылара, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ кытыннылар.

Иван Аргунов тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах быйылгы 23 ирдэбил туолууларын иһитиннэрдэ. Улууска 4 соҕотуопкалыыр тэрилтэ үлэлиир. Хаалыы, сүрүннээн, иэдьэгэйи оҥорууга баар. Былааннарын кэпэрэтииптэр толорон иһэллэр.

Сүөһү ахсааныгар, идэһэ саҕалана илик буолан, улахан хамсааһын бэлиэтэммэт. Хаалбыт 2,5 ыйга сүөһү ахсаанын төһө кыалларынан улаханнык аҕыйаппакка хааллартара сатааһын соруга тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин иннигэр турар. От быйылгы былаана 41180 тн буоллаҕына, туолуута 40197 тн, ол аата, былаан 98 бырыһыана. Кураан күннэр охсууларыттан сылтаан иҥэмтэлээх күөх аһылыгы бэлэмнээһин былаана ырааҕынан туолбата. 2000 тн сиилэс угуллуохтааҕыттан 707 эрэ туонната бэлэмнэннэ. Ити былаан 36 кэриҥэ бырыһыаныгар тэҥ. Сенажтааһын быйыл олох хаалла. От хаачыстыбата үчүгэйинэн ааҕыллар эрээри, сүөһү усулуобунай (фуражнай) төбөтүгэр ирдэниллэр аһылык 14 зоотехническай единицатыгар тиийбэтэхпит.

Тыа хаһаайыстыбатыгар улахан тутууларга хамсааһыннар таҕыстылар. Ааспыт нэдиэлэҕэ «Хорообут» хаһаайыстыба 240 сүөһүгэ миэстэлээх хотонун бастакы уочарата үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Бу ый бүтүүтэ «Тумул» кэпэрэтиип комплексын иккис уочарата аһыллыахтаах. «Томтор» хаһаайыстыба эмиэ иккис саҥа хотонугар киирэр. Дойду нэһилиэгэр «Кыһыл Майаак» кэпэрэтиип тэриллэн, 70 сүөһү туруохтаах хотоно ситэн эрэр. Ороссолуодаҕа Матрена Игнатьева дьон сүөһүтүн көрөн биэрии өҥөтүгэр ылсан эрэр. Тутуллар хотоннортон «Суола» кэпэрэтиип ааркалыы хотонун үлэтигэр бытаарыы баар. 2-с Наахара нэһилиэгин дьаһалтата уопсай хотон туттарар баҕалаах. Иван Аргунов саҥа талыллыбыт баһылыктар тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтолорун ууран, управлениены кытта бииргэ үлэлэһэллэригэр ыҥырда.

Туораахтаах култуураны үүннэриигэ ыарахан сайын буолла. 1656 гектарга бурдугу ыспыттара эрээри (былааҥҥа 1560), 1218-тан соччо үгүөрүтэ суох үүнүүнү хомуйдулар. 400-тэн тахса га бурдуга «умайбыт». Ордук, Афанасий Борисов хаһаайыстыбата ороскуоттанна. «Тумул» ТХПК ыһыы иэнин 31,8, Аркадий Попов хаһаайыстыбата 25 кэриҥэ бырыһыаныттан хомуйдулар.

Кэлиҥҥи ыйдарга үүт тутуута үчүгэйинэн ааҕыллар. Үгүс улуус үүт хомуурун аһары толороннор, эбии соҕотуопка боппуруоһа турбут. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустартан хаалбыт ыйдарга үүт тутуутугар билгэлээһин көрдүүр.

Управление кылаабынай зоотехнига Клавдия Красильникова:

‒ 2017 сылга 16961 тн үүт баалабай ыамын ситиһии соруга турара. Сыл аҥарыгар 5771,9 тн үүт ыаныахтааҕын, 6987,1 тн үүт ыанан, сыл аҥарынааҕы былааны 21 бырыһыанынан куоһарыы буолла. Үһүс кыбаартал былаана 14033,6 тн этэ, туолуута 14238 тн (102). Идэһэ иннинэ 27 тыһ. тахса сүөһүлээхпит, олортон ыанар ынаҕа 8420. Сылгы ахсаана 22250-тан тахса, биэтэ 9700-тэн тахса. 720-чэ ньирэй (төрүөх 85 бырыһыанын тутан хааллыбыт) уонна 6600-чэ кулун (68) баар.

Улуустааҕы бэтэринээр управлениетын начаалынньыга Акулина Дьячковская:

‒ Сүөһү ахсааныгар хоромньуланыыга аактар оҥоһуллуулара ситэтэ суох. Сүөһү туһата суох өлүүтүн таһаартаабыт хаһаайыстыбалардаахпыт. Барыта 60-тан тахса сүөһү өлбүтүттэн биэс уончата ньирэйдэр. Улуус иһигэр атыыга 318 сүөһү барбыт, улуус таһыгар 38. Тастан 31 сүөһү атыылаһыллан аҕалыллыбыт. Ол иһигэр, ордук элбэх, 12 сүөһүнү балыктаахтар атыыласпыттар. Ыттар ньирэйдэри тутуулара тахсыталыы сылдьыбыта. Чыамайыкы эҥэр бөрөлөр хоромньуну таһаарыылара баар. Сүөһүнү астааһыҥҥа-үөллээһиҥҥэ анаан дьонтон, хаһаайыстыбалартан тутуу салҕанар. Улууска сүөһү эттиир-астыыр 3 пуун үлэлиир. Сыстыганнаах кулуннааһын ыарыытын утары охсуһууну салгыыр наада. 20 дозалаах флакон сыаната 370 солкуобай. Тыа хаһаайыстыбатын институтуттан атыылаһыллар. Куйуктаны эмтээһин алтынньы, сэтинньи ыйдарга саамай кэмэ буоларын ыйабын.

«Сири оҥоруу сулууспата» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин улуустааҕы кылаабынай исписэлииһэ Василий Бурнашев:

‒ Оттооһун былаанын 17 нэһилиэк толордо: Майа (126 бырыһыан), Бүтэйдээх (113), Хорообут (110), Нөөрүктээйи (109), Томтор (106) уо.д.а. 90-тан тахса бырыһыан толорбут нэһилиэктэринэн буолаллар: Доллу (97), Холгума (96), Бэдьимэ (94), Ходоро (91), Төҥүлү (90). Оту эбии атыылаһыыга «Чүүйэ» хаһаайыстыба 380, «Тумул» кэпэрэтиип 100, Тараттан Константин Захаров 59 уонна Ороссолуодаттан Тамара Федорова 15 туонна окко сайаапкалаан олороллор. Табаҕаттан, Павловскайтан, Хочоттон, Бөкөттөн, Быраматтан, Өлөчөйтөн, Мооруктан, Балыктаахтан от атыылыыр баҕалаахтарын биллэрбиттэрэ. Министиэристибэ от туоннатын сыанатын бастакы кыбаарталтан саҕалаан, 5 тыһыынчаттан үрдэппэккэ сүбэлиир.

Аһылыгы оҥорууну сайыннарыы бырагырааматын сүнньүнэн, быйыл тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһии чэрчитинэн, уопсайа 17 мөл. 68 тыһ. солк. суумалаах үлэ барбыта. Ол иһигэр, өрөспүүбүлүкэттэн 5 мөл. 418 тыһ. солк., улуус муниципальнай сыаллаах бырагырааматыттан 4 мөл. 275 тыһ. солк., уонна хаһаайыстыбалартан 7 мөл. 680 тыһ. солк. үп көрүллэн. 55 км усталаах күрүө тутулунна, 700 тн уопсай кээмэйдээх 3 сиилэс дьаамата оҥоһуллуутугар уонна «Чүүйэ» хаһаайыстыбаҕа анаан 4 мөл. 693 тыһ. солк. сыаналаах күөх аһылыгы хомуйар хамбаайыны атыылаһыыга.

181 га бааһынаттан 3276 тн оҕуруот аһа хомулунна. Былаан туолуута 110 бырыһыан. Хаппыыста 1990, моркуоп 212, сүбүөкүлэ 196, атын оҕуруот астара 322 тн хомуллан тураллар. Орто үүнүү гааттан 181 цн буолбута. Оттон тэпэлииссэлэртэн 443 тн оҕуруот аһа хомуллубута биллэр. 5408 тн хортуоппуй хостонно диэн барыллаан ааҕыллар. Ити сорук 96 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.

Салгыы, мунньах кыттыылаахтара управление исписэлииһэ Дмитрий Эверстов тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин биирдиҥи испииһэктэрин оҥоруу уонна экономика управлениетын исписэлииһэ Сахаайа Куприянова улуус 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын былаанын оҥорууга тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ бэйэлэрин былааннарын, билгэлээһиннэрин киллэрэн кыттыһыылара наадатын туһунан этиилэрин иһиттилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Гороскоп

Гороскоп на 16 декабря 2024 года для всех знаков зодиака

Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий

15.12.2024
  • Общество

В Усть-Алданском районе Якутии стая волков угрожает лошадям

Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся

15.12.2024
  • Происшествия

В Нерюнгринском районе в результате ДТП пострадал водитель

У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением

15.12.2024
  • Интересное

Полнолуние 15 декабря 2024 года: особенности, запреты и астропрогноз для всех знаков зодиака

Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность

15.12.2024
  • Общество

Якутия передала 20 коробок с книгами и игрушками детям Докучаевска

Акция вызвала огромный интерес женщин Алданского района

15.12.2024
  • Спорт

Таттинцы сенсационно победили команду Усть-Алданского улуса в борьбе за Кубок Федерации

На исход встречи повлияли выступления юношей, женщин и ветеранов

15.12.2024