Дойду үрдүнэн Учуутал күнүн көрсө Доллу нэһилиэгэр педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириигэ туйгуна Георгий Гаврильевич Игнатьев төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир дэкээдэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Социалистическай Үлэ Дьоруойа Т.Г.Десяткин аатынан Тумул орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, Төҥүлү, Дьабыыл, Матта оскуолаларыттан бэрэстэбиитэллэр кытыннылар. Ыалдьыттарга анаан «Учуутал үрдүк аатын инники тутан» диэн Георгий Гаврильевич уонна кини кэргэнэ Фекла Романовна үлэлэрин туһунан кэпсиир быыстапкалара туруорулунна, үөрэнээччилэргэ аһаҕас уруоктар ыытылыннылар.
Аһаҕас уруоктарга Георгий Игнатьевы кытта бииргэ алтыһан үлэлээбит бэтэрээн учуутал, «Учууталлар учууталлара», РФ уонна СӨ үөрэҕириигэ туйгуна, улуус, Төҥүлү нэһилигэин Бочуоттаах гражданина, «Мэҥэ аат» хаһаайына Анастасия Васильева 1‒3 кылаас оҕолоругар «Үөрэх баар ‒ бараммат баай» диэн, 4‒5 кылаастарга «Муусука кэрэ эйгэтэ» диэн уруогу Төҥүлү орто оскуолатын муусукаҕа учуутала Альбина Находкина уонна Георгий Игнатьев уола, медицина наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ медицина институтугар уопсай хирургия кафедратын сэбиэдиссэйэ Виктор Игнатьев 7‒11 кылаас оҕолоругар анаан «Идэни сөпкө талыы ‒ инники олох оҥкула» диэн бэртээхэй лиэксийэни аахта. Виктор Георгиевич үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ инникитин үлэһит буолар идэлэрин сөптөөхтүк талан ылалларыгар элбэх сүбэлэри-амалары биэрдэ. Тумул орто оскуолатын талба талааннаах учууталлара уран тарбахтарынан оҥорон таһаарбыт оҥоһуктарынан маастар кылаастары көрдөрдүлэр.
Г.Г.Игнатьев 100 сааһыгар анаммыт дэкээдэни үөрүүлээхтик түмүктүүр бэлиэ түгэҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ бэртээхэй ырыалары, үҥкүүлэри бэлэхтээтилэр, элбэх үтүө тыл бастыҥа этилиннэ.
Дьабыыл орто оскуолатын дириэктэрэ Александр Винокуров Георгий Гаврильевич уонна кини кэргэнэ Фекла Романовна Нуораҕанаҕа саахсаланан, ааспыт үйэ 40-с сылларын бүтүүлэригэр үлэлэрин-хамнастарын саҕалаабыттарын, Дьабыыл оскуолатыгар 100 сыллааҕы үбүлүөйдээх дэкээдэ чэрчитинэн мусуой уруоктара, кылаас чаастара ыытыллыбыттарын, оттон Матта орто оскуолатын дириэктэрэ Антонина Находкина Игнатьевтар ‒ учуутал дьиэ кэргэн Маттаҕа алын кылаас оскуолата саҥа аһыллыытыгар үлэлээбиттэрин, дэкээдэнэн сибээстээн 100 сылга 100 миэтэрэҕэ сүүрүүнү ыыппыттарын, кинилэр үөрэппит оҕолоро кэлэн сылаас ахтыылары оҥорбуттарын кэпсээтилэр. Төҥүлү оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Матрена Баишева оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин ааттарыттан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Оскуола кэлэктиибин уонна Игнатьевтар оҕолорун, аймахтарын «Доллу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Николай Сивцев эҕэрдэлээтэ.
Георгий Гаврильевич уонна Фекла Романовна Игнатьевтарга аан бастаан оскуола боруогун атыллаан үөрэммиттэрин тустарынан кинилэр үөрэппит оҕолоро Екатерина Свинобоева, Александра Слепцова, Мария Трифонова уо.д.а. ахтан-санаан аастылар. Кинилэр Күөллэрики алын кылааһыгар хайдах үөрэнэ киирбиттэрин туһунан, Фекла Романовна иккис ийэлэрин кэриэтэ сымнаҕаһын, истиҥ сыһыаннааҕын, Георгий Гаврильевич учуутал быһыытынан олус ирдэбиллээҕин, дуоспуруннааҕын, эппиэтинэстээҕин итиэннэ кинилэр үөрэппит үтүөлэрэ хас сыл аастаҕын аайы олоххо туһалыы турарын аҕыннылар.
Игнатьевтары кытта бииргэ үлэлээбит Анастасия Дмитриевна, күн-бүгүн төһө даҕаны 80-с хаарын санныгар түһэрдэр, саҥа үлэһит буолан үлэлии кэлбитин, Фекла Романовна уонна Георгий Гаврильевич хайдах көрсүбүттэрин туһунан күн бэҕэһээҥи курдук сылаастык ахтан кэпсээтэ.
Мустубут дьон чуолаан эдэр учууталларга туһаайан, Игнатьевтар уопуттарын үөрэтэн үлэҕэ-хамнаска, оҕону иитиигэ, уруок былаанын сөпкө аттарыыга туһаныахтарын наадалаҕын ыйдылар. Биллэрин курдук, Доллу орто оскуолатыгар үс сыл буола-буола оскуола үөрэнээччилэригэр Игнатьевтар дьиэ кэргэн ааҕыыларын тэрийэллэр. Бу үөрүүлээх күҥҥэ ааҕыылары кэҥэтэн, кинилэр үлэлээбит оскуолаларынан эмиэ тэрийиэххэ сөптөөҕүн туһунан баҕа санааларын эттилэр.
Виктор Георгиевич тапталлаах ийэтин уонна аҕатын тустарынан, оскуолалар сайдыыларыгар кинилэр киллэрсибит кылааттарын, баай уопуттарын кэпсиир кинигэни бэлэмнии сылдьарын туһунан иһитиннэрдэ. Доллу оскуолатыгар үөрэммит буолан, Виктор Игнатьев мэссэнээт быһыытынан социальнай өйөөһүн курдук бэйэтин аатынан бириэмийэ олохтоон сыл аайы үөрэнээччилэргэ туттарар. Ону сэргэ медицина үлэһитэ буолан, оскуолаҕа сылы эргиччи үлэлиир доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ лааҕыры тэрийэн үлэлэппитэ. Лааҕыры тэрийиини салгыы ыытар былааннаахтар эбит. Бу да күн Виктор Георгиевич бэтэрээн учууталларга эмтэнэ барар путевкалары бэлэх уунна, «Махтал» суруктары, анал бэлэхтэри аҕатын 100 сылын үбүлүөйүгэр сүүрбүт-көппүт тэрийээччилэргэ, ыалдьыттарга туттартаата.
Виктор Игнатьев: «Мин ийэлээх аҕам үлэлэригэр олус бэриниилээхтэр этэ. Оҕо сылдьан өйдүүбүн, кинилэр киэһэ аайы оҥостон олорон былаан суруналларын, сарсыҥҥы уруоктарыгар күүстээхтик бэлэмнэнэллэрин, хас биирдии оҕоҕо эппиэтинэстээхтик уонна болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларын, сарсыарда үлэлэригэр олох эрдэ туран укааска тутуурдаах барар буолалларын. Кинилэтэн үөрэммитим диэн, бастатан туран, дьиссипилиинэҕэ, эппиэтинэстээх буолууга, бэрээдэккэ уонна эппит тылга турууга. Билигин даҕаны ханнык да лиэксийэҕэ, мунньахха, оннооҕор сыбаайбаҕа буоллун, хаһан даҕаны хойутаан көрө иликпин. Аҕам батыһыннара сылдьан миэхэ хара күүскүнэн буолбакка, өйгүнэн үлэлиэхтээххин диэн үөрэтэрэ-такайара. Үлэни үлэлииригэр албастары сатаан туттар буолан, бэйэтинээҕэр ыарахан маһы сыҕарытара, тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ дьоҕурдаах этэ. Хомуньуус этэ. Байыаннайдыы дьаһаллаах уонна ирдэбиллээх буолан, биэнсийэҕэ тахсан баран хонуу биригэдьииринэн, хортуоппуй хомуйууга биригэдьииринэн эппиэтинэстээхтик үлэлээбитэ».
Матрена Иванова, Т.Г.Десяткин аатынан Доллу орто оскуолатын дириэктэрэ: «Георгий Гаврильевич үлэтин 1942 сыллаахха дойду оскуолатыгар саҕалаабыта. Ол кэнниттэн улууспут хоту эҥэр аһыллыбыт оскуолаларыгар Маттаҕа, Дьабыылга, Төҥүлүгэ, Тумулга, Төхтүргэ үлэлээбитэ. Онон кини төрөөбүтэ 100 сылын көрсө оскуолаларга сүбэлэһэн баран дэкээдэ тэрийдибит. Биһиги оскуолабытыгар Георгий Гаврильевич уонна Фекла Романовна 1956 ‒ 1972 сыллардаахха үлэлээбиттэрэ. Геогрий Гаврильевич маҥнай учууталлаабыта, онтон сэбиэдиссэйдээбитэ. Оччолорго алын кылаастаах оскуола салайааччытын сэбиэдиссэй дииллэрэ. Кинилэр ааттарынын үлэлээбит оскуолаларын кэлэктииптэрэ күн-бүгүн олуһун киэн туттабыт, үйэтитэргэ бэлэммит«.
Анастасия Васильева, Учууталлар учууталлара, РФ уонна СӨ үөрэҕириигэ туйгуна, улуус, Төҥүлү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, Игнатьевтардыын бииргэ үлэлээбит учуутал: «Георгий Гаврильевичтыын, Фекла Романовналыын бииргэ үлэлээбит сылларбын тыыннааҕым тухары долгуйа ахтыам. Кинилэр мин настаабынныьктарым. Миигин дьиҥнээх учуутал буоларга кинилэр такайбыттара. Уруокка түүннэри бэлэмнэнэн, үгүс уопуту хомуйсан идэбэр бэриниилээхтик үлэлээтим диэн сыаналанабын. Былааммын төһө сөпкө толорорбун бэрэбиэркэлиир уонна сөпкө толорорбун ирдиир этилэр. Онон да буолуо, 55 сыл учууталлаабытым тухары былааны толорууга биир да тылы көтүппэккэ барытын суруйан уонна үөрэнээччигэ хайаан да билиини биэрэр сыалтан үлэлээн-хамсаан, кинилэр биэрбит бачыымнарын батыһан кэллэҕим. Геогрий Гаврильевич көмөтүнэн төрөппүттэргэ, кулуупка, ол кэнниттэн нэһилиэккэ бэртээхэй лиэктэр буолбутум, оттон Фекла Романовна миигин ырыаҕа уһуйбута. Онон сыл аайы ыытыллар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр кыттар этим. Билигин даҕаны уопсастыбаннай олохтон туора турбаппын, туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттабын. Кинилэргэ махталым муҥура суох, күн-бүгүн Виктордааҕы, Георгийдаах Фекла оҕолорун, аймахтарын көрдөхпүнэ, кинилэри санаан-ахтан кэлэбин, кинилэри кытта алтыспыппыттан дьоллооҕунан ааҕынабын«.
Александра Слепцова, Игнатьевтар 1964 сыллаахха үөрэппит үөрэнээччилэрэ: «Виктор Георгиевичтыын биир кылааска 12 буолан алын кылааска үөрэнэ киирбиппит. Маҥнай утаа Георгий Гаврильевичтан толлор этибит, оттон Фекла Романовна ийэлии эйэҕэс этэ. Кинилэр сарсыарда 30 мүнүүтэ эти-хааны уһугуннарар сыалтан сэрээккэ оҥоттороллоро. Уруоктарга ким даҕаны мэниктээбэт, улаханнык саҥарбат этэ. Ол курдук бэрээдэги үчүгэйдик туталлара. Сынньалаҥ бириэмэтигэр муусука холбоон, хоробуоттуур этибит, сынньалаҥы, бу санаатахха, олус көхтөөхтүк тэрийэллэр эбит. Буочарбыт тупсарыгар элбэхтик үлэлэтэллэрэ, онон да буолуо кыһаллан аҕай үөрэнэр этибит».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: