500-тэн тахса нэһилиэнньэлээх Мөҥүрүөн нэһилиэгэр баанньык үлэлээн, олохтоохтор абыраннылар. Баанньыгы туттарыы бырайыагын «Мөҥүрүөн нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иннокентий Андросов былааннаан, сүүрэн-көтөн, матырыйаалын булан-талан үлэҕэ киллэттэрбит итиэннэ баанньыгы үлэлэтиигэ предприниматели наймыласпыт.
Ньурба улууһуттан төрүттээх, Матта күтүөтэ Егор Егоров саҥа тутуллубут баанньык хаһаайына:
‒ Түөрт оҕолоох буоламмын, оскуолаҕа үлэлии сылдьан хамнаһыгар ыктарар этим. Онон хайаан даҕаны атын үлэ булан үлэлииргэ толкуйдаммытым. Баһылыкпыт Иннокентий Иннокентьевич баанньык тутуллар буолла, онно үлэлиэҥ этэ дуо диэн ыйыппытыгар толкуйдаан баран, боруобалаан көрүөххэ наада диэн сөбүлэспитим. Баанньык көҥдөйө, муостата, дьиэтин үрдэ барыта бэлэм буолан иһинээҕи үлэтин чочуйбутум. Саҥа дьыл иннигэр социальнай хантыраакка хапсаммын, 173 тыһыынча солкуобайга тиксибитим. Онон баанньык аһыллыахтаах болдьоҕуттан эрдэлээтэ, ымпыгын-чымпыгын ити үппүнэн ситэрдим.
Баанньык паарданар хоһугар мэндиэмэннээх ыскамыайкалаах, тимир оһоҕун аҕыйах хардаҕаһынан да отуннахха быр-бааччы ититэр эбит. Уопсайынан, манна бары усулуобуйа барыта олохтоммут курдук: дуустаах, тааска суунарга диэн уу ыларга туспа кырааннаах, ууну сылытар тэриллээх, сөрүүкээн чэй иһэр остуоллаах, олбохтордоох, ону сэргэ аптамаат таҥас сууйар массыыналаах. 5 киилэ кыамталаах массыынаҕа биирдэ эрийтэрэн ылыыга 150, оттон баанньыктанарга 200, сороҕор таах дуустанааччыларга диэн 50 солкуобайдаах төлөбүрдээх.
‒ Баанньыкка суунуу тарыыптарын нэһилиэнньэттэн ыйыталаһан, билэн баран итинник быһаарбыппыт, ‒ диир Егор, ‒ инникитин кыра бассейны эбэтэр джакузины туруортарбыт киһи диэн баҕа санаа баар.
Биллэн турар, бэйэ тэлгэһэтигэр баанньыктаах, хаһан санаатахха тахсан суунар үчүгэй курдук эрээри, тоҥ турар тымныы дьиэни ириэрэн, уутун-хаарын бэлэмнииргэ үгүс сыра, бириэмэ да барар. Онон өрүү сылаас турар баанньыкка төһө баҕар ууну туттан ыһа-тоҕо кэлэн сууналларын матталар ордорор буолбуттар. Биир кэмҥэ уонча киһи батан суунар. Баанньык хочуолунайтан сылыйар, оттон паарданарга аналлаах тимир оһоҕу хаһаайын сайын устата ыччаттар ойууртан, алаастан, ырааһыйалартан хомуйан аҕалбыт мастарын сыыстарынан оттор. Билиҥҥитэ ити да сөп буолар эбит.
‒ Баанньыктанааччылар кэлэн баран лигиччи өр олорботтор, паарга даҕаны өр буолбаттар. Ол эрээри төһө кыалларынан күн аайы үлэлии сатыыбыт. Ким баҕалаах бэнидиэнньиктэн ураты хаһан баҕарар кэлэн суунар. Бэнидиэнньиккэ санитарнай күнүнэн сибээстээн гигийиэни тутуһан, сууйабыт-тарыыбыт. Оттон субуота күн эр дьоҥҥо, баскыһыанньаҕа дьахталларга анаан эбээһинэс быһыытынан аан аһаҕас. Эбиэккэ диэри ким баҕалаах таҥаһын сууйтарар, ‒ диэн кэпсиир баанньыгы бас билээччи.
Баанньык тутуутугар баһылык Иннокентий Андросов көҕүлээһининэн, дьаһалынан аҕа сүбэтин чилиэннэрэ, орто көлүөнэ олохтоох эр дьонун биригээдэтэ биир биэс харчыта суох субуотунньугунан тутан биэрбиттэрэ хайҕаллаах. Матталар бэртээхэй баанньыктарыгар оннооҕор ыаллыы сытар нэһилиэктэр ыйыталаһаллар, суунан-тараанан, сынньанан ааһаллар.
До финала сенсационно добрался Таттинский улус
Пожарными эвакуировано 30 человек, из них 10 детей
Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность