Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр саха балаҕанын тутуу олох ирдэбилигэр кубулуйда. Мөҥүрүөн нэһилиэгэр бу кыһын уопсастыбаннай түмсүүлэргэ анаан диэн саха балаҕана тутуллан дьэндэйбит.
Балаҕаны «Мөҥүрүөн нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иннокентий Андросов туруорсуутунан биригээдэ наймылаһан сайын устата туттарбыттар. Саха балаҕана култуура дьиэтигэр сыһыарыллан үлэлиир.
‒ Аҕалар, ийэлэр, бэтэрээннэр түмсүүлэрин, доруобуйа кулуубун чилиэннэрэ мустан куруһуок тэрийэр, сүбэлэһэр, мунньахтыыр сирдэрэ суох этэ. Кулуупка кыттыһа сатыыр этилэр. Билигин анаммыт болдьоххо анаан-минээн кэлэллэр. Саха төрүт култууратын уруогар үөрэнээччилэр кэлэн дьарыктанан астынан сэҥээрэн барбыттара, хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһиилэр, таҥха кэмигэр сэрэбиэйдээһиннэр, Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар ыытылыннылар. Инникитин өссө дьоҕус уруулары, үбүлүөйдэри тэрийиэххэ сөп. Күн-бүгүн иистэнньэҥнэрбит култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр анаан XXI үйэтээҕи сахалыы соннору тигиигэ балаҕаҥҥа үлэлииллэр. Балаҕан «Юпитер» диэн чааһынай хочуолунайга холбоммут буолан, сып-сылаас, онон кэрэ аҥардар былааччыйанан да сылдьыахтарын сөп, ‒ диэн нэһилиэк социальнай үлэһитэ Дарья Скрябина сырдатта.
Подборка событий за среду
По итогам школы будут представлены 50 эскизов дизайна изделий из меха
Основное внимание в ходе встречи было уделено реализации в Якутии нацпроектов и поручений президента РФ
При этом в первой декаде декабря отклонение температуры от нормы составило 8,9 градуса
Альбом-каталог — третья книга серии о народном декоративно-прикладном искусстве из коллекции музея
Возможны конфликты и столкновения интересов, которые могут вспыхивать совершенно спонтанно