Киин улуустар биэнсийэлээхтэрэ Уус-Дьааҥы сиригэр-уотугар туристыыр буолуохтара

14:18, 20 октября 2017
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Улууска туризмы сайыннарар сыалтан, Уус-Дьааҥыттан төрүттээх чааһынай урбаанньыт Алексей Томскай саҥа бырайыагы олоххо киллэриэн баҕарар. «Биһиги бырайыакпыт биэнсийэҕэ олорор дьоҥҥо ананар», — диэтэ кини.


«Биһиги быйыл сокуонунан көрүллэр айаннарын төлөбүрүнэн Саха сирин биэнсийэлээхтэрэ төһө туһаналлар эбит диэн мониторинг оҥорон көрбүппүт. Хомойуох иһин, 70 бырыһыан кырдьаҕас хаһан да ити өҥөнөн туһамматах. Хаалбыт 30 бырыһыаннара Россия иһинэн онно-манна сылдьан, эмтэнэн, сынньанан кэлбиттэр. Бу дьон сүрүннээн куорат олохтоохторо, илин эҥэрдэр, уруккута государственнай эбэтэр муниципальнай сулууспаҕа үлэлээбиттэр эрэ буолаллар. Быһата, сылдьа үөрүйэх дьон. Ол эрэн кинилэр ахсааннара аҕыйах«, — диэн Алексей Томскай кэпсиир.

Кини этэринэн, биэнсийэлээхтэр баһыйар өттүлэрэ республика таһыгар эрэ буолуо дуо, төрөөбүт улуустарыттан да тахсыбаттар. Ити хас да төрүөттээх. Бастакытынан, сорох тыа сиригэр итинник сокуон баарын да билбэттэр. Иккиһинэн, киэҥ сиргэ, холобур, Москва, Санкт-Петербург, Сочи да буоллун, барыахтарын куттаналлар. Арай ыксал балаһыанньа эрэ буоллаҕына барыахтарын сөбүн эппиттэр. Үсүһүнэн, үп  боппуруоһа. Ону-маны атыылаһыахха наада, култуурунай бырагыраамалар эмиэ харчыны эрэйэллэр.

«Республикабыт киин өттүн олохтоохторо хоту дойду диэни билбэттэр. Манна дьон-сэргэ хайдах олороруй, тугунан дьарыктанарый, полярнай түүнү-күнүһү, Лаптевтар муораларын, Дьааҥы өрүһү көрүөн баҕалаахтар дьиҥинэн элбэхтэр ээ. Интэриэс баар. Саха эр дьоно сиргэ сылдьа үөрүйэх буолан, өлгөм бултаах хоту дойдуга кэлэн, айылҕалыын алтыһыахтара. Эр дьон эрэ буолбатах, дьахтар өттө эмиэ хоту кэлэ сылдьыахтарын баҕараллар. Манна хайдах бултуулларын, балыктыылларын, кустуулларын, сир астыылларын, эмтээх оту хомуйалларын кэрэхсиир дьон баһаам.
Ол иһин биһиги бырайыакпыт республика иһинээҕи туризмы сайыннарар сыаллаах-соруктаах тэриллэр. Быйыл маҥнай боруобалаатыбыт. Сунтаар, Бүлүү улуустарыттан биэс киһи кэлэ сырытта«, — диэн салгыы кэпсиир урбаанньыт.

Хоту дойду айылҕатыгар кэлбит дьону балыксыттарга сыһыарбыттар. Онон Бүлүү бөлөх оройуонун дьоно күндүөбэй хайдах бултанарын илэ харахтарынан көрбүттэр. Үс толору күн устата балыксыттары кытта алтыһан, бэйэлэрэ илиилэринэн балыктаан, бултаан астынан аҕай барбыттар. Өссө да кэлиэхпит этэ диэн эрэннэрбиттэр. Балыктыыр учаастактар ыраахтар, онон кэлии-барыы быһа холоон 4 күнү ылар. Уопсайынан, бырагыраамалара биир нэдиэлэ уһуннаах.

— Чэ, холобур, уонча киһи манна кэлиэн баҕарар. Кинилэр тугу гыныахтаахтарый?

— Бастакытынан, миэхэ сибээскэ тахсаллар. Мин кинилэргэ ханнык-ханнык бырагыраама баарын кэпсиибин, барытын быһааран биэрэбин. Биир киһиэхэ путевката 20 тыһыынча. Онно ас-үөл, техника уматыга, гид төлөбүрэ, страховка, быыһыыр жилеттар, спутниковай сибээс, иһит-хомуос, көрсүү-атаарыы, уопсай тэрээһин киирэр. Балыктыы кэлбит дьон аһыыр астара, биллэн турар, сүрүннээн балык буолар: ыһаары, буспут, тоҥ балык, кэтилиэт уо.д.а.
Холобур быһыытынан «Дьааҥы өрүһүгэр муус аннынааҕы балыктааһын» диэн бырагырааманы эһиэхэ кэпсиэм. Алтынньы 20 күнүттэн саҕалаан сэтинньи бүтүүтүгэр диэри бу хайысханан кэлиэхтэрин сөп. Чыыр балыгы бултааһын киирэр, ол иһигэр куобахха, куруппааскыга хапкаан туруоруохтара. Баҕалаахтар күөгүгэ сордоҥу, сыалыһары, дьарҕааны о.д.а. хаптарыахтара. Сылдьар көлөлөрө — бураннар. 5-10 киһи кэлиэн сөп. Уһуна — 8 күн, 7 түүн. Дьокуускайтан Уус-Куйга бөһүөлэгэр көтөн кэлэллэр. Биһиги микроавтобуһунан көрсөбүт, баралларыгар атаарабыт. Уопсайынан, тэрээһин боппуруоһун ымпыгын-чымпыгын барытын биһиги дьаһайабыт. Балыкка кыһын да, сайын да кэлиэхтэрин сөп. Иккиһинэн, биһиги мантан «Сынньана кэлиҥ» диэн ыҥырыы ыытабыт. Ол телеграмманы туппутунан биэнсийэлээх киһи олохтоох Пенсионнай фондаҕа баран бырайыаһын төлөтөрүн мэктиэлиир суругу ылар. Уонна билиэт атыылаһан баран, Усуйаанаҕа көтөн кэлэр. 

— Өссө ханнык бырагыраамалар баалларый?

— Баалар. Биири өйдүөххэ наада — бу олус эппиэтинэстээх үлэ. Саамай сүрүнэ туристка хайа да өттүттэн куттал суоһаабатыгар усулуобуйаны тэрийии буолар. Баҕар ким эрэ бураанынан Ляхов арыыларыгар бара сылдьыан баҕарыа, эбэтэр сааскы хараалы, ыстааданы көрүөм этэ диэ. Оннук дьоҥҥо утары баран төһө кыалларынан баҕаларын толоро сатыахпыт.

— Улуус салалтатын кытта син-биир сөбүлэсиһэн үлэлиир буоллаххыт?

Соторутааҕыта баһылык солбуйааччытын А.А. Милютинныын маннык бырайыагы хамнатаары гынабыт диэн кэпсэттим. Улуус иһигэр оччоҕо туризм сайдыа этэ диэн миигин өйөөтө. Бу күннэргэ куораттааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин кытта мунньах ыыттыбыт. Бэрэссэдээтэл Вильям Очирович Иванов бу сонун бырайыагы сэҥээрдэ. Онон сотору кэминэн улуустардааҕы сэбиэттэргэ балаһыанньалар тиксэриллиэхтэрэ. 

Салгыы республика киин өттүгэр баар туристическай базаларга хоту дойду дьоно баралларын тэрийиэхпит. Лена остуолбалара, Сиинэ, Күрүлүүр, о.д.а. интэриэһинэй сирдэргэ биһиги кырдьаҕастарбыт, ама, сылдьыахтарын баҕарабаттара буолуо дуо?!. Мантан ыла ити өттүгэр үлэлиэхпитин баҕарабыт. Оччоҕо республика иһинээҕи туризм өссө сайдыа этэ буоллаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
15 декабря 15.12
  • -38°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: