Үөһээ Бүлүү улууһугар Кэнтик нэһилиэгэ күнтэн-күн, сылтан-сыл тупса-сайда, чэчирии турар. Тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт, олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн тутуллар бырайыактарга грант туттарыыта бу күннэргэ Дьокуускай куоракка түмүктэннэ. Кэнтик нэһилиэгин «Фонтаннаах көлүөнэлэр сквердара» граны ылла.
Тыа сирин олохтоохторун көҕүлээһиннэрин өйүүр сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн аҕыс муниципальнай тэрилтэ дьаһалтатыттан 10 бырайыак көмүскэннэ.
Кэнтик нэһилиэгин баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрбитинэн, бу кинилэр үһүс граннарын ылбыттар. «Бастакы гранынан «Бэтэрээннэргэ аналлаах өйдөбүнньүк скверэ» туппуппут, бу сквербит 2015 сыллаахха Москва куоракка «Көмүс күһүн» агропромышленнай быыстапкаҕа кыттан, кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. Иккис гранынан тутуллубут «Гармония» оҕо оонньуур площадката 2016 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар «Бастыҥ оҕо оонньуур площадката» анал ааты туппута. Онон, үһүс бырайыакпыт — фонтаннаах сквербит — эмиэ ситиһиилээх буолуо диэн эрэнэбит», — диэн санаатын кини үллэһиннэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, граннары ылбыт дьаһалталар спорт, оҕо площадкаларын, храм-часовняны, сэрии бэтэрээннэригэр, ийэҕэ өйдөбүнньүк сквердары о.д.а. тутуохтара.
Дискуссионная площадка о поддержке Героев спецоперации прошла на полях Съезда
На большей части Якутии прогнозируется небольшой снег
Мошенники связались с ней в Telegram
Участниками Олимпиады стали школьники из 13 районов республики и Якутска
Появились новые судьи международной категории
AI-модель Сбера выявляет, в какое конкретно время и на остановках каких маршрутов находится больше всего…