Кэбээйи улууһун Кальвица бөһүөлэгин чаастатык халаан уута ыларын иһин көһөрүү туһунан боппуруос үөскээбитэ ыраатта. Бу күннэргэ саҥа Кальвицаҕа оскуола-саад тутуутун бастакы сыбаайата түстэ. «КИНГ — 95» ХЭУ тэрилтэ тендеры кыайан үлэтин саҕалаата.
Биһиги тэрилтэ кылаабынай инженерин О.В. Теселкины көрсөн саҥа оскуола туһунан ыйыталастыбыт:
— Объект туһунан билиһиннэриэххит дуо?
— Оскуола 50 үөрэнэр миэстэлээх уонна маны таһынан оҕо саадттаах буолар. Икки этээстээх. Бырайыак быһыытынан бастакы этээскэ оҕо саада, остолобуой, мастарыскыай уонна спорт саалата бааллар. Иккискэ — оскуола. Буоларын курдук, иһигэр саузел игин барыта баар буолуо.
— Бу тутуу бүтүүтүгэр дылы үлэлэһэҕит дуо?
— Биһиги билигин бу сыбаайалары эрэ туруорарга тендери сүүйдүбүт. Онтон сүрүн тутуу гиэнигэр эмиэ кыттыахтаахпыт. Нэһилиэк саҥа сиргэ көһөн киирэригэр бу объект олохтоохторго олус наада. Оскуолата, дьааһылата суох ким да көспөт буоллаҕа. Онон тутуу саҕаланна уонна сотору кэминэн, саҥа оскуола-саадка киирэллэригэр баҕарабын.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта С.С. Павлов уонна олохтоохтор кыттыыны ыллылар. «Бу Кальвица бөһ. көһөрүүтүгэр Ил Дархаммыт Е.А. Борисов бэйэтинэн ылсан уонна улуус баһылыга И.Н. Спиридонов өҥөтүнэн кэнники сылга элбэх хамсааһын таҕыста. Игнатий Николаевич бу үлэ кураторынаан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солб. А.З. Колодезниковтыын Бырабыыталыстыба таһымыгар элбэх кэпсэтиилэри ыытаннар, билигин манна суол-иис оҥоһулунна, уот-гаас ситимэ тардылынна, энергокиин, фельдшерскэй-акушерскай пуун, 26 чааһынай дьиэ тутулунна. Билигин оскуола-саад сыбаайата түстэ. Инникитин манна административнай-спортивнай-култуурнай киин уонна элбэх квартиралаах дьиэ тутуута былааннаналлар. Нэһилиэнньэ манна көһөн киирэригэр бу объектар бэлэм буолуохтаахтар. Аныгыскы сыл ахсынньы ыйыгар дылы бу оскуола үлэҕэ кириэхтээх. Манна дьон көстөҕүнэ, Кальвицаттан барбыт ыччаттарбыт, эдэр исписэлиистэрбит дойдуларыгар, дьонноругар, саҥа дьиэлэригэр уоттарыгар кэлэн олохсуйан, үлэ-хамнас саҥалыы оргуйан барыаҕа диэн эрэнэбин, — диэтэ кини.
Бэйэлэрин баҕа санааларын олохтоохтор уонна учууталлар эмиэ этиннилэр. Т.Г. Беленкова, Кальвица оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала: «Биһиги бөһүөлэкпит 1998 сыллаахтан 20 сыл тухары улаханнык ууга баран, сирбит-уоппут алдьанан, сүрүн социальнай объектарбыт туруктара мөлтөөн, сүрдээх эрэйи көрө сылдьабыт. Онтон бу дьэ үөрүүлээх күн буолла. Оскуола-саад бастакы сыбаайата түстэ. Онон этэҥҥэ барыта оҥоһуллан аныгыскы үөрэх дьылыгар манна киирэн үөрэнэ сылдьыахпыт диэн тутааччыларга бигэ эрэнэбит».
Онтон өссө биир олохтоох, бэтэрээн учуутал А.А. Павлова Куокуй уонна Кальвица оскуолаларыгар 49 сыл үлэлээбит киһинэн буолар. Кини эмиэ санаатын үллэһиннэ: «Олохтоохторго бу сыбаайа түһүүтэ олус күүтүүлээх уонна умнуллубат түгэн буолар. Быраабыыталыстыба уонна улуус дьаһалтата биһигини өйдөөн өйөөбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Учууталлар бырааһынньыктарын көрсө биһиэхэ улахан бэлэх буолла».
Улуус баһылыга И.Н. Спиридонов этэринэн, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү федеральнай бырагырааматыгар киирэннэр кэнники үс сылга Кальвица бөһ. көһөрүүтүгэр хамсааһын тахсыбыт. Онон сотору кэминэн Кальвица олохтоохторо Бөргө биэрэгин кытылыгар Дьааҥы хайаларын утары олохсуйуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: