Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэ аан дойду туристарыгар тымныы полюһун быһыытынан биллибитэ ыраатта. Учуутал, кыраайы үөрэтээччи, төрөөбүт дойдутун туһунан хас даҕаны кинигэ ааптара Т.Е. Васильева биэрбит чахчытынан, 2004 сылтан саҕалаан тымныы полюһугар 55 араас дойдуттан ыалдьыт сылдьыбыт.
Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ туристическай оператордарын нөҥүө чысхаан тымныылаах Өймөкөөнү ааттаан кэлэр турист ахсаана өссө хас да бүк элбээтэ.
“Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Л.Н. Старкова кэпсээбитинэн, аан дойдутааҕы туризм сайдыытын чэрчитинэн нэһилиэк тас көстүүтэ уларыйар, тупсар. 2016 с. Дьокуускайдааҕы “Киэргэ” ХЭТ ювелирнай маҕаһыынын өйөбүлүнэн улууска “Тымныы полюһун скверэ” диэн эскизтэр куонкурустара ыытыллыбыта.
Куонкурус түмүгүнэн кыайыыны ситиспит Өймөкөөн орто оскуолатын начаалынай кылаастарын учуутала С.Е. Сивцева эскиһинэн нэһилиэккэ монументальнай композиция уонна сквер тутуута саҕаланна. Тутуу киин миэстэтигэр тымныы сүрүн символын – 6 миэтэрэ үрдүктээх арматурнай ыстаалтан оҥоһуллубут Тымныы Оҕуһун туруоруохтара. Маны тэҥэ Дьокуускайтан кэлэн үлэлии сылдьар “Сахасталь” ХЭТ бэдэрээччиттэрэ тимир лиистэртэн аарка туталлар.
Бырайыак сыаната – 2 мөл. солк. тахса.
Акция вызвала огромный интерес женщин Алданского района
На исход встречи повлияли выступления юношей, женщин и ветеранов
Продавец предлагает килограмм якутского снега за 200 рублей
Сбер и Росзаповедцентр Минприроды России будут разрабатывать зелёные технологии для восстановления экосистем
Документ нацелен на усиление борьбы с мошенничеством
За первый день работы на «горячую линию» по номеру тел. 300-900 поступило 182 обращения