Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус-Ньараҕа улуус оскуолаларын, уһуйааннарын салайааччылара, учууталлар уонна иитээччилэр кыттыылаах “Үөрэхтээһин хаачыстыбатын салайыы” диэн тиэмэлээх олунньутааҕы сүбэ мунньах буолла.
Улуус педагогтарыгар күн устата икки былаһаакканан үлэни тэрийдилэр. Уус-Ньаратааҕы гимназияҕа уонна “Березка” оҕо уһуйааныгар араас хайысханан секциялар ыытылыннылар. Иитээччилэр оскуола иннинэ саастаах оҕо тэрилтэтигэр иитии-үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтии боппуруоһун тула кэпсэттилэр. Кинилэр маны сэргэ быйылгы сыллааҕы үлэ былаанын торумнаатылар. Сүбэ мунньахха улуус киинин оҕо саадтарын сэргэ Төрүт, Томтор, Өймөкөөн уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ уонна иитээччилэрэ бааллар. Улуус иитээччилэрэ, учууталлар сыл аайы маннык түмсэн, үлэ уопутун атастаһаллар, саҥа, сонун идиэйэлэрин үллэстэллэр.
Оттон Уус-Ньаратааҕы гимназия базатыгар учууталлар алта секциянан үлэлииллэр. Ол курдук, начаалынай кылаастар, уус-уран-эстетическэй, естественнай цикл хайысхаларынан, гуманитарнай үөрэхтээһин сайдыытыгар, физиктэр-математиктар, иитэр үлэни салайааччылар тус-туһунан муһуннулар. Маныаха педагогтар тустаах дакылааттары истэн, дьүүллэһэн баран, ону инники үлэлэригэр туһаныахтара.
Улуус педагогтарын кытта улуустааҕы Үөрэх управлениетын, оройуон дьаһалтатын салайааччылара, исписэлиистэрэ көрсүөхтэрэ. Онон үөрэҕирии үлэһиттэрэ үбүлээһин, каадырынан хааччыллыы, үөрэххэ-иитиигэ оҕоҕо сөптөөх усулуобуйаны тэрийии о.д.а. суолталаах боппуруостары миэстэтигэр быһаарсар, консультация ылар кыахтаннылар.
“Мин оскуолам” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманы олоххо киллэрии тула кэпсэтиигэ Үөрэх управлениетын начаалынньыга Надежда Шилова, Өймөкөөн улууһун муниципальнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Алферова кытыннылар.
Өймөкөөн улууһун педагогтарын олунньутааҕы сүбэ мунньахтара бүгүн киэһэ бастыҥнары наҕараадалааһынынан түмүктэннэ.
На исход встречи повлияли выступления юношей, женщин и ветеранов
Продавец предлагает килограмм якутского снега за 200 рублей
Сбер и Росзаповедцентр Минприроды России будут разрабатывать зелёные технологии для восстановления экосистем
Документ нацелен на усиление борьбы с мошенничеством
За первый день работы на «горячую линию» по номеру тел. 300-900 поступило 182 обращения
Главное правило ухода за отпаривателем — забудьте о воде из-под крана