Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар фитнеһинэн дьарыктанааччы ахсаана күннэтэ элбиир

11:11, 19 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

«Тыа сирэ куораттан туох да уратыта суох», — диэн кэпсээнин саҕалыыр Улахан Аан эдэр предпринимателэ Наталья Абрамова. Кини физкултуура институтун бүтэрэн, күн бүгүн төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр фитнес кулуубун арыйан, номнуо үрдүк көрдөрүүлээхтик, бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.


Фитнескэ сылдьар дьонун ахсаана ый ахсын эрэ буолбакка, күннэтэ элбии турар. Ол аата бу маннык өҥө тыа сиригэр эмиэ ирдэнэрин, дьон наадыйарын көрдөрөр диэххэ наада.

Наташа кыра эрдэҕиттэн спордунан дьарыктанар. Ол иһин оскуола кэннэ сөбүлүүр үөрэҕин бүтэрэн, предпринимательство курдук уустук эрээри киһини умсугутар, угуйар эйгэҕэ бэйэтин холонон көрөргө быһаарынар. Предприниматель буолар баҕа санаата кинини оскуола эрдэхтэн абылыыр. Ол курдук улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан, таҥас-сап атыылаан көрөргө холонор, устудьуоннуу сылдьан атыынан дьарыктанар, официаннаан, уруу киэһэлэригэр таҥас өтүүктээн, хайа да үлэттэн толлубат буоларга үөрэнэр. Төрдүс кууруска «Спартак» фитнес кулуупка үлэтин саҕалыыр. Үөрэҕи да, үлэни да бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэппэккэ, эҥкилэ суох үчүгэйдик үөрэнэн, үлэтин ымпыгын-чымпыгын, ис дьиҥин үөрэтэр.

Билиилээх киһи — кыайыылаах тахсар. Наталья үөрэҕин бүтэрэн баран, бэйэтин дьыалатын арынарыгар кини үлэлээбит уопута көмөлөһөр, эрэл санааны биэрэр. Ол курдук Улахан Аан нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата социальнай хантыраакка кыттарга ыҥырыытын мүлчү туппакка, эрдэттэн былаанныы сылдьыбыт бырайыагын ситэрэн-хоторон, улуус киинигэр көмүскээн, 200-чэ тыһ. солк. субсидияны ылан, фитнеһинэн дьарыктанар спорт тэрилин атыылаһан олорор. Бу кэннэ Наташа Хаҥалас улууһун Дьыалабыай көхтөөх буолуутун кииниттэн 150 тыһ. солк. көмө быһыытынан тутан, санаата бөҕөргөөн, күүһүгэр күүс эбиллэн, дьон доруобуйатын туругун тупсарарыгар диэн үгүс инвентары, тренажердары атыыласта, күн бүгүн сакааһын улахан аҥаара кэлэрин күүтэр.

Наташаҕа дьарыктаныан баҕарар дьон ахсаана күннэтэ эбиллэн иһэр. Онуоха кини онно бэйэтэ холобур буолар. Нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанар, сөпкө аһаан, элбэхтэ хааман, форматын тута сылдьар. Ол туһунан кини маннык этэр: «Хас биирдии киһи бэйэтин доруобуйатын көрүнүөхтээх дии саныыбын. Биһиги бэйэ-бэйэбититтэн туох да уратыбыт суох. Тыа сиригэр, куоракка да олор, эн баҕалаах уонна тулуурдаах буоллаххына, эккин-сииҥҥин тупсарар, ону тэҥэ доруобуйаҕын көннөрөр кыахтааххын дии саныыбын. Киһи биир сиргэ олорор, хамсаммат буоллаҕына, ыйааһын өттүнэн ноҕорууска буолар, этэ-сиинэ эрдэ кырдьыан сөп. Ол иһин киһи хамсана-имсэнэ сылдьара быдан ордук. Билигин мин бөлөхпөр 23-тэн үөһээ саастаах кэрэ аҥаардар сылдьаллар. Дьарыкпыт музыка доҕуһуолунан барар. Онон бу балтараа чаас иһигэр күннээҕи сылааларын таһаараллар. Инники былааным киэҥ. Үлэбин салгыы сайыннаран, таһынааҕы нэһилиэктэргэ филиал арыйан үлэлэтэр баҕалаахпын. Судаарыстыба өттүттэн саҥа саҕалыыр предпринимателлэргэ өйөбүл баара олус үчүгэй диэн махталбын биллэриэхпин баҕарабын».

Наташа күннэтэ саҥаҕа үөрэнэргэ дьулуһар, билигин кини кэрэ көстүүлээх буоларга макияж, бүрүчүөскэ оҥорууга үлэлэһэн саҕалаата. Онон ылсыбыт дьыалата үрдүк ситиһиини аҕалыа, тыа сирин дьонун-сэргэтин күннээҕи олоҕун сэргэхситиэ, физкултуураны сайыннарыа диэн эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
11 декабря 11.12
  • -40°
  • $ 100,03
  • 106,2

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: