СӨ айылҕатын харыстабылын министиэристибэтин биологическай ресурсаларга департаменын тэрийиитинэн, «Тыымпынай» бизонарийыгар баар икки тыһы, биир атыыр бизоннарга балаҕан ыйын 8 күнүгэр араадьыйалаах моойторук ииллилэр.
Горнай сиригэр-уотугар бизоннары олохсуталлар
Быйыл күһүн 30 бизону көҥүлгэ ыытыахтаахтар, барыллааһын быһыытынан былырыын өртөммүт Көдөй үрэҕэр илдьиэхтэрэ. Бастаан утаа олохсутарга от, уотурба биэриэхтэрэ. Улахан тымныыларга төннөн кэллэхтэринэ, кыра-кыратык эбии аһата да түһүөхтэрэ.
Бизоннары утутар уустуктардаах эбит. Ордук тыһы бизоннар тута бэриммэккэ эрэйдээбиттэр. Атыыр бизон анал эмтээх укуолунан ытыллан баран, 6 мүнүүтэнэн мунна тыаһаабытынан барбыт буоллаҕына, тыһылар 17 мүнүүтэ устата утуйбакка байааттаҥныы сылдьыталаан баран, үһүс ытыыларын кэнниттэн биирдэ нуктаан ылбыттарыгар, моойторуктарын бэрт тиэтэлинэн кэтэрдибиттэр. Бу моойторуктаах бизоннар көҥүлгэ ыытылыннахтарына, ханна сылдьалларын Москубаттан, Дьокуускайтан туһааннаах специалистар интернет ситиминэн көрө туруохтара. Онон үөр ханна баарын билэ, маршруттарын кэтии-маныы сылдьыахтара.
«Тыымпынай» бизонарий салайааччыта В.С.Андреев иһитиннэрбитинэн, быйыл сайын Сиинэҕэ 400 тн, Тыымпынайга 100 тн оттообуттар. Онон холкутук кыстыыр туруктаммыттар.
Билиҥҥи туругунан Тыымпынайга хайы-үйэ 145 бизон олохсуйда, быйыл биэс төрөөтө, өссө да төрүөхтэрин күүтэллэр. Маннык бизоннар Россияҕа ханна да суохтар. Онон ураты бүөбэйдээһиҥҥэ, хадаҕалаан аһатыыга тураллар. Эппиэтинэс сүрдээх улахан. Билиҥҥитэ Василий Степанович салайааччылаах дьоҕус кэлэктиип, министиэристибэ, департамент быһаччы көмөлөрүнэн, хонтуруолларынан, научнай төрүккэ олоҕуран үлэни тэрийиилэринэн, бары ирдэбиллэри толорордуу үлэлээн иһэр.
Горнайга тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 227 таба (Кировскайга 34, Одунуга 184, Маалтааныга 9), 171 саха ынаҕа (Одунуга 90, Маалтааныга 81) бааллар. Онон сотору кэминэн бизоннар ахсааннара табабытын, сахабыт ынаҕын ахсаанын сабырыйыах курдук быһыылаах.
Тыымпынай бизонарийын үлэһиттэригэр тыатааҕы куттала баар
Тыымпынай бизонарийа үрэх баһа, эһэ, бөрө дойдута буоллаҕа. Үлэлииргэ, сылдьарга кутталлаах даҕаны. Хаһыат ааспыт нүөмэригэр сылгылары түүннэри манаан сыппыт 14 бөрө дьону тыыппакка ааспытын туһунан Ю.С.Пахомов таҥараҕа махтаммыттыы суруйан турар. Ити Тыымпынайга этэ.
Бизонарий салайааччыта В.С.Андреев быйыл сайын кинилэргэ биир дьулаан түбэлтэ буола сыспытын кэпсээтэ. Бизону көрөөччүлэр кылаабынайдара Владимир Алексеевич Егоров 4-5 биэрэстэлээх Алын Тыымпынайга сарсыарда эрдэ от охсоору баран испит. Тыраахтара косилкатын кэтэ сылдьарынан дьиэтигр аҕалбакка, күн аайы сатыы тиийэр буоллаҕа.
Сирин улахан аҥарын ааспытын кэннэ, арай сыбар быыһыттан эмискэ эһэ ыстанан тахсыбыт. Отчут диэки тута саба түһэрдии ыстаҥалаан кэлбит. Чыпчылыйыах түгэнэ буолан, куотар, саһар да кыах биэрбэтэх.
Айаҕа кытарбытынан, тииһэ килэйбитинэн саба баттыах курдук буолан эрдэҕинэ, ыксаан хаһыытыы-хаһыытыы, кэннинэн чинэрийэн иһэн, ыһыктаах мөһөөччүгүнэн сабаа да сабаа, кулаа да кулаа буолбут. Биир түгэҥҥэ тыатааҕы иэдэскэ таарыйтарбыт, соһуйбута буолуо — тохтуу түспүт уонна ойуурун диэки төннүбүт.
Отчут мөһөөччүгүн иһигэр күннээҕи ыһыга, пластик бытыылкатыгар чэйэ баар үһү. Бука, ити аайы улаханнык ыарыыламмат кырдьаҕас, ыраах сиргэ оттуур элбэх оҕолоох, сиэннээх үлэһити, кинилэр дьоллоругар аһыннаҕа буолуо диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп.
Сүрэх бааһырар, сүһүөх хамныыр итинник түгэннэр хаһан баҕарар буолуон сөптөөх сирдэригэр сытар бизон көрөөччүлэр үлэлэрэ ураты кутталлааҕа бу түбэлтэттэн да көстөр. Бизоннарга бастаан үлэлээбит Г.Г.Ефремов итиниэхэ майгынныыр ыксаллаах түгэҥҥэ киирэ сылдьыбытын туһунан эмиэ кэпсээбиттээҕэ.
До финала сенсационно добрался Таттинский улус
Пожарными эвакуировано 30 человек, из них 10 детей
Каждый знак столкнется с уникальными возможностями и вызовами, которые могут изменить привычный ход событий
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность