Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Новым 2022 годом

Текст поздравления приведен на официальном информационном портале администрации главы и правительства республики
09:52, 31 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Глава Якутии Айсен Николаев поздравил жителей Якутии с Новым 2022 годом. Текст поздравления приведен на официальном информационном портале администрации главы и правительства республики.

«Дорогие якутяне!

Новый год – долгожданный и любимый праздник, время осмыслить прошлое и задуматься о будущем. Подводить итоги и ставить задачи.

2021 год был напряженным и насыщенным. Благодаря сплоченности и патриотизму, мы выдержали сложнейшие испытания, стали увереннее в себе. Так бывает, когда люди решают проблемы вместе — они становятся сильнее.

Пандемия изменила привычную жизнь, но мы справляемся с этим. Огромная благодарность нашим медикам, спасающим людей от коронавирусной инфекции. Благодарю якутян, прошедших вакцинацию, за проявленную гражданскую сознательность.

В этом году масштабные пожары потрясли республику – горели огромные площади лесов. Мы боролись со стихией все вместе, плечом к плечу – этот консолидирующий опыт бесценен.

Особые слова признательности – огнеборцам, которые защищали людей, села, леса, и всем тем, кто по зову сердца помогал им в этом. Вместе мы выиграли битву за тайгу!

Дорогие земляки! Мы преодолели многое, и нам есть чем гордиться.

Несмотря на все трудности мы добились серьезных успехов во многих отраслях экономики, в социальном секторе и общественной жизни.

В Новый год мы входим с устойчивым экономическим ростом – достигнуты рекордные показатели в угольной и золотодобывающей промышленности.  Бюджет на предстоящие годы сформирован с учётом растущих доходов от налоговых и неналоговых поступлений.

Расширены меры поддержки сельских тружеников, продолжится масштабная газификация, строятся жильё, социальные объекты и дороги. Ввод производств позволяет создавать рабочие места.

Наступающий 2022 год для нас особенный – начало нового столетия многонациональной республики. У каждого сейчас есть уникальная возможность внести предложения в Столетний план развития Якутии. Мы вместе будем двигаться к новым вершинам, претворяя в жизнь самые смелые мечты.

2022 год объявлен в Республике Годом Матери. Мама для каждого человека –самое дорогое и ценное, начало всех начал. Именно мать даёт первое чувство уверенности в себе, ощущение счастья и полноценности жизни, осознание красоты окружающего мира.

Для нас главное, чтобы Якутия стала комфортным местом для наших матерей, для нас и для будущих поколений. Убеждён, что вместе с вами мы можем это сделать.

Дорогие друзья! Желаю вам чудесного праздничного настроения, исполнения заветных желаний, крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, удачи и успехов во всех начинаниях, счастья и благополучия!

Счастливого Нового года! Мира и добра Вашему дому! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан, ытык-мааны Саха сирин олохтоохторо!»

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

«Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини кэлэн иһэр Саҥа 2022 сылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Саҥа сыл – күүтүүлээх күндү бырааһынньыкпыт, ааспыты анаарар, инникини торумнуур, саҥаны саҕалыыр эриэккэс түгэммит. Ону кытта түмүктэри таһааран, саҥа соруктары туруорунар бэлиэ кэммит.

Ааһан эрэр 2021 сыл бэрт тыҥааһыннаах, умнуллубат түгэннэринэн баай буолла. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сомоҕолоһуубут, төрөөбүт дойдубутугар тапталбыт күүһүнэн, бары бииргэ уустук тургутуулары аастыбыт, бэйэбитигэр эрэлбит күүһүрдэ. Оннук буолуохтаах даҕаны, дьон кыһалҕалары бииргэ туораатаҕына, санаата өссө күүһүрэр, инникигэ эрэлэ бөҕөргүүр.

Аан дойду үрдүнэн кутталы үөскэппит дьаҥ олохпутун тосту уларытта, ол да буоллар биһиги туруулаһан кэллибит. Сыстыганнаах ыарыыттан куттаммакка, күннэтэ дьону быыһыыр медиктэрбитигэр махтанабын. Турбут ыарыы дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталлааҕын өйдөөн, быһыыны ылбыт биир дойдулаахтарбар махтанабын.

2021 сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Доруобуйа сылыгар анаммыта, оттон кэлэр уон сыл Доруобуйа уон сылынан биллэрилиннэ. Онон 2030 сылга олох уопсай уһунунан 80 сааһы уонна онтон уһун үйэлэниини ситиспит эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирэр сорук туруорулунна, ону ситиһэргэ дьулуһуохпут!

Быйыл биһиги Россия бүттүүнүн көмөтүн биллибит. Өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан баһаардар киэҥ иэннээх ойуурдарга тарҕанан, аймалҕаны таһаардылар. Биһиги бу алдьархайы бары бииргэ, сарын-сарыммытыттан өйөнсөн туораатыбыт, сомоҕолоһуу холобурун көрдөрдүбүт.

Дьону, сэлиэнньэлэри, баай хара тыабытын көмүскээбит уоту утары охсуһааччыларга, баҕа өттүнэн кинилэргэ көмөлөспүт дьоммутугар-сэргэбитигэр махтал үтүө тылларын этэбит, ытыктабылбытын биллэрэбит. Бары түмсэммит аар тайҕабыт туһугар охсуһууга кыайыылаах таҕыстыбыт!

Күндү биир дойдулаахтарым! Биһиги төһө да үгүс моһоллору туораатарбыт, киэн туттар, үөрэр түгэннэрбит үгүс этилэр.

Күчүмэҕэйдэри аахсыбакка, экэниэмикэ үгүс салаатыгар, социальнай эйгэҕэ уонна уопсастыбаннай олоххо дьоһун ситиһиилэрдээхпит.

Таас чоҕу, кыһыл көмүһү хостуур бырамыысыланнаска хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөрүүлэннибит. Саҥа сылга бигэтик үүнэр экэниэмикэлээх киирэн эрэбит, кэлэр сыллардааҕы бүддьүөт нолуоктан уонна нолуоктан атын барыстан киирэр дохуот үрдүү турар кээмэйинэн торумнанна.

Тыа сирин үлэһитин өйүүр дьаһаллары кэҥэттибит. Нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһы киллэриини, олорор дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри, суоллары тутууну салгыы ыытыахпыт. Саҥа тэрилтэлэр үлэҕэ киирдэхтэринэ, үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Бу барыта кэнэҕэскитин олох бары эйгэтигэр бигэ туруктаах буоларбытыгар эрэли үөскэтэр.

Кэлэн иһэр 2022 сыл биһиэхэ ураты суолталаах – элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэм саҕаланыаҕа. Онуоха Саха сирин хас биирдии олохтооҕо Саха сирин сүүс сыллаах сайдыытын былааныгар бэйэтин этиитин киллэрэр кыахтаах. Онон бука бары сүбэбитин холбоон, саҥа кирбиилэри бииргэ дабайыахпыт.

2022 сыл Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан биллэрилиннэ. Күн күбэй ийэбит хас биирдиибитигэр ураты чугас, күндүттэн күндү, олоҕу бэлэхтээбит киһибит буолар. Ийэ бэйэҕэ эрэллээх буолууну түстүүр,  олоҕу дьолунан толорор, иэримэ дьиэни иччилиир, тулалыыр эйгэ кэрэтин иҥэрэр ураты аналлаах.

Биһиги туох-ханнык иннинэ ийэлэрбитигэр, тус бэйэбитигэр уонна үүнэр көлүөнэҕэ Сахабыт сирэ тупсаҕай олохтоох-дьаһахтаах дойду буоларын хааччыйыах тустаахпыт. Бары бииргэ ылыстахпытына, бу сорук туолуоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Сомоҕолостохпутуна барытын кыайыахпыт!

Күндү биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ үгүс үөрүүнү-көтүүнү, баҕа санаа туолуутун, чэгиэн туругу уонна уҕараабат эрчими, табыллыыны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Саҕалаабыккыт барыта сатаннын! 2022 сыл үгүс кэрэ түгэннэри, үтүө эрэ уларыйыылары аҕалыахтын!

Саҥа сылынан, саҥа дьолунан, ытык-мааны Саха сирин олохтоохторо!»

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
22 ноября 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: