Манчаары Баһылай аатынан успуорт чэбдигирдэр комплексыгар Василий Константинович Степанов аатынан 62-с төгүлүн ыытыллар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтин маҥнайгы түһүмэҕэ ‒ фитнес-аэробикаҕа күрэхтэһии ыытылынна. Түөрт бөлөҕүнэн 29 хамаанда кытынна.
Улууспут көхтөөх, чаҕылхай ыччаттара төрдүс сылын култуура уонна успуорт эстэпиэтэтин чэрчитинэн ыытыллар эдэр саас, успуорт бырааһынньыгын Майа олохтоохторугар бэлэхтээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускай куораттан уопуттаах исписэлиистэр үлэлээбиттэрэ күрэхтэһии таһымын өссө үрдэттэ. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн М.К.Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуураҕа уонна успуорка институтун ыстаарсай тириэньэрэ, СӨ «Фитнес-аэробика» толорооччу-дириэктэрэ, СӨ физическэй култуураҕа, ыччат бэлиитикэтигэр, үөрэҕириигэ туйгуна, өрөспүүбүлүкэтээҕи категориялаах судьуйа Лилия Дмитриева, фитнес-аэробиканы толорооччулар таһымнарын сыаналааччыларынан: СӨ фитнес-аэробика федерациятын чилиэнэ, «Чолбон» спортивнай комплекс инструктора Сардаана Татаканова, фитнес-аэробикаҕа өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Анна Сотникова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, «Кыталык» оҕо-ыччат эстетическэй киинин фитнескэ тириэньэрэ Александра Соловьева, «Кыталык» киин хореограф-балетмейстера Алена Давыдова үлэлээтилэр.
Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов, «Майа сэлиэнньэтэ» МТ баһылыга Дмитрий Тихонов, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Сергей Холмогоров, физкултуураҕа уонна успуорка управление салайааччыта Александр Брызгалов эҕэрдэлээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Лилия Дмитриева: «Мэҥэ Хаҥаласка фитнес-аэробиканы өйүүргүт иһин, элбэх ыччат бу көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанарын иһин махталбын тиэрдэбин. Өссө да сайыннара туруҥ, үрдүкү таһымнарга тахсарга дьулуһуҥ!» ‒ диэн баҕа санаатын эттэ.
Фитнес-аэробика ‒ олус кыраһыабай эрээри успуорт уустук көрүҥүнэн ааҕыллар. Онон дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ кыттааччылар таҥастарыттан-саптарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан саҕалаан толоруу маастарыстыбатын, биир тэҥник хамсаныыларын, муусукаҕа сөп түбэһэллэрин барытын сыаналыыллар. Миэстэлэспит хамаандалар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр нэһилиэктэригэр очукуолары аҕалалларын таһынан, кулун тутарга өрөспүүбүлүкэтээҕи чөмпүйэнээккэ улуус чиэһин көмүскүөхтэрэ итиэннэ бастыҥнар атырдьах ыйыгар Аммаҕа Саха сирин норуоттарын оонньууларыгар кыттыахтара.
Фитнес-аэробика күрэхтэһиитин түмүгүнэн, бастакы бөлөххө: Төхтүр бастакы, Төҥүлү иккис, Павловскай үһүс; иккис бөлөххө Хара, Хорообут, Хаптаҕай; үһүс бөлөххө Мэлдьэхси, Тиэлиги, Чүүйэ; төрдүс бөлөххө Моорук, Тарат, Томтор; Майа тэрилтэлэрин ортолоругар Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын, оройуоннааҕы киин балыыһа уонна В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын хамаандалара миэстэлэстилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: