Таатта улууһугар сайыҥҥы кэмҥэ Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын биология, география учууталлара Д.Е.Иванова, Н.Н.Кулаковская, «Политолог» лааҕыр (салайааччы Захаров А.А.) оҕолоро уонна баҕалаах оҕолор буолан «Амма нэһилиэгин сэттэ кэрэ-бэлиэ сирэ» бырайыагынан экологическай ыллык устун сырыттылар. Бу десант Экология сылыгар ананна.
«Бу бырайыак Амма нэһилиэгин сэттэ кэрэ-бэлиэ сирин сырдатыы, үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрии, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитии, экологическай культураны иҥэрэр сыаллаах-соруктаах үлэлээтэ«, — диэн кэпсииллэр тэрийээччилэр.
Айан бырайыагар барыта 31 киһи кыттыыны ылла, олортон 24 оҕо улуус уонна республика үөрэнээччилэрэ.
Бастакы тохтолбул уонна экологическай ыллык саҕаланар сирэ — Амма өрүс. Амма саамай кэрэ, ыраас, чэҥкир уулаах өрүс. Кини үүнээйилэрин, киэҥник тарҕаммыт харамайдарын туһунан кылгас иһитиннэрии оҥоһулунна.
Икки тохтобулбут эркээйи сир — Куолума — Чаппанда. Таатта улууһун соҕуруулуу-илин өттүгэр сытар, Амма нэһилиэгин саамай улахан территориятын (улуус иэнин үстэн биирин) ылар ытык кэрэ сир буолар. Манна сиэр-туом толорулунна. Эркээйи сир уратытын билистилэр.
Үһүс тохтобулбут айылҕа пааматынньыга — Дьаам хайата. Дьаам хайата эмиэ биир ураты көстүү буолар. Чычымах дьоно-сэргэтэ саамай сөбүлүүр уонна киэн туттар сирдэрэ. Манна тахсыбыт дьон атын салгынынан дуоһуйа тыынан, сырдыыра, күүс-күүдэх ылара, өйө-санаата арыллара саарбаҕа суох. Оҕолор санааларын ситэн, эмоцияларын таһааран үөрдүлэр-көттүлэр.
Төрдүс тохтобул — сардааналаах кытыл. Саамай кыраһыабай сибэкки, сардаана, быйыл ураты хойуутук үүммүт буолан, сылдьыбыт киһи дууһатын, кутун-сүрүн абылыыр. «Кыһыл кинигэҕэ» киллэриллибитин өйдүөх тустаахпыт. Маннык кэрэ сибэккилэр баар буоланнар олохпут киэркэйэр, тулабыт тупсар.
Бэһис тохтобул — Дьаам арыыта. Бу арыы икки өрүттээх, ол курдук биирэ силигилии үүммүт үүнээйи, биир өттө таас куйаар. Манна эгэлгэ дьүһүннээх өҥнөөх таас элбэх, көрдөөтөххө ону-маны арыйыахха сөп.
Алтыс тохтобул — бэс чагда. Эмтээх, сибиэһэй сыттаах бэс ойуур киһи ис дууһатын уоскутар. Маннык ойуур үйэ тухары үүнэр, айылҕа уонна киһи алдьархайдарын содулунан суох буолуохтарын сөп. Ону табатык өйдөөн, дьикти кэрэ айылҕаны харыстыахтаахпыт.
Сэттис тохтобул — Дьаам кумахтаах сөтүөлүүр сирэ. Манна үрүҥ кварцтаах кырылыыр кумахтаах, уруу-аймах саамай таптыыр сирэ буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ бу сөтүөлүүр сиргэ дьон-сэргэ сынньанар, тоҕуоруһа мустар.
Маннык толору ис хоһоонноох, биир күннээх экологическай ыллык устун айан туһалаахтык түмүктэннэ. Биһиги санаабытыгар эгэлгэ, сөҕүмэр үчүгэй айылҕабытын көрөн-истэн оҕолор айылҕаҕа сыһыаннарын туһунан толкуйдуохтара дии саныыбын.
Оҕолор Таатта ис куттаах сирдэринэн сылдьыбыттарыттан дуоһуйбуттарын биллэрдилэр. «Олус интэриэһинэй этэ. Мин бастакыбын сылдьыбыт буоламмын
сэҥээрбитим элбэх. Дьэ кырдьык историческай баҕайы дойду эбит, иччилээх сир. Үрдүк баҕайы хайалардаах. Элбэҕи көрдүбүт-сэҥээрдибит, иһиттибит-көрдүбүт», — диэн Дьокуускай куорат 26 №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрнст Табунанов санаатын үллэһиннэ.
Стая волков в количестве 10 особей обитает возле населённых пунктов Эселях, Усун-Кюель и Дюпся
У водителя диагностировали открытый перелом большеберцовой кости со смещением
Это полнолуние пройдет в знаке Близнецов, что придаст ему особую динамичность и активность
Акция вызвала огромный интерес женщин Алданского района
На исход встречи повлияли выступления юношей, женщин и ветеранов
Продавец предлагает килограмм якутского снега за 200 рублей