Үөһээ Бүлүү улууһун кырдьаҕастара эдэрдэргэ алгыс этэллэр

Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Розалия Павловна Николаева (Чербохова) билигин оҕолорун, сиэннэрин тапталларынан угуттанан этэҥҥэ олорор. 80 сааһын ааспыт кырдьаҕаһы кытта «Сааһырбыт дьон күннэрин» чэрчитинэн көрсөн кэпсэттим. Кини ыччатыгар махталын, алгыһын тириэртэ.


Розалия Павловна 1936 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр түөртэр, икки эдьиийдээх, биир убайдаах эрээри, олох дьалхааныгар оҕустаран, бары тус-туһунан иитиллэн, сүтэрсэн, дьиэ кэргэн таптала диэн өйдөбүл кинилэргэ суох. Кини быыкаайык сааһыттан элбэх оҕо дьиэтин кэрийэн улааппыта. Аан бастаан 1940 сыллаахха, ийэтэ суох буолбутугар, 5 саастаах сүүтүк саҕа кыысчааны Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтигэр биэрбиттэр, сааһа кыратынан аны Мархатааҕы оҕо дьиэтигэр ыыппыттар, онтон Уус Алдан Суоттутугар, бу кэннэ Чурапчы оҕо дьиэтигэр олорон Дириҥ нэһилиэгин орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааһы бүтэрбитин өйдүүр.

Бу сыл Дьокуускай Намыгар Хамаҕаттатааҕы оҕо дьиэтигэр аҕалбыттар. Манна кини 2-3 кылааска үөрэнэр, онтон 1946 сыллаахха 4-5 кылааска үөрэнэ сылдьан улаханнык ыалдьыбытыгар, аны Майа улууһун Хамаҕаттатыгар ыыппыттар. Олоҕун бу аһыы кэмнэрин улаханнык өйдөөбөт, арай наар ыарыһахтыырын, оҕолуу санаата түһэрин, соҕотохсуйарын өйдүүр. Онтон 1949 сыллаахха төрөппүт аҕата булан, бэйэтигэр ылар. Биир сыл кинилэри кытта Бүлүүгэ олорор, кииринньэҥ ийэтиниин сатаспакка, атах балай тахсан барар. «1950 сыллаахха, 14 саастаахпар Бүлүүттэн соцреволюция борокуотунан устан кэлбиппин бу баардыы өйдүүбүн. Тулаайах оҕо ханнааҕы харчым кэлээхтиэй, дьон көмөтүнэн итиннэ саһан, манна кыбыллан айаннаан, аны Үөһээ Бүлүүгэ билиэти бэрэбиэркэлииллэр үһү диэн, аара таһаҕастаах баржаҕа көһөрөннөр, Нам биэрэгэр соҕотохтуу түһэрэн кэбиспиттэрэ. Баржа үлэһитэ киһи Намҥа хонтуораҕа таһаарбыта, чөкөллөн, кумуччу туттан күүтэ олорон арай көрдөхпүнэ, Бүлүүгэ бииргэ үөрэммит кыыһым Кристина сылдьар, кинилиин аргыстаһан Үөһээ Бүлүүгэ аттаммыппыт», — диэн кэпсиир.

Оччолорго тулаайах оҕо барахсан туох улахан баайа-дуола кэлиэй, сүр ыарахан ыйааһыннаах мас дьааһыкка эргэ-урба таҥаһын сыыһын куулга сүгэн, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр сатыы кэлбитин өйдүүр. Ону хаһан да умнубат. Төһө өр хаампытын, хайдах кэлбитин букатын өйдөөбөт. Бөһүөлэккэ киирээт, дьонтон ыйдаран Кэлтэгэйгэ олорор бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийин Дуунньаны булан дьоллонор. Бу да сырыыга олох барахсан кыракый кыысчааны аһыммат, эмиэ уулусса киһитэ буолар. Оччолорго, бэйэтэ кэпсииринэн, Рожиннарга оҕо көрөөччүнэн, онтон 1957 сыллаахха дылы Гаврил Чиряевтаахха эмиэ оҕо көрөөччүнэн олорор. Бу кэмнэрин кини олус күндүтүк саныыр, сылаас дьиэ, ыраас таҥас, итии ас, истиҥ сыһыан күндүтүн хаһан да умнубат.

20 саастаах эдэркээн кыыс Дьокуускайга көһөн, бастакы кыыһын оҕоломмута, кыра оҕотун көрө-көрө балыыһаҕа муоста сууйааччынан үлэлээн, айаҕын ииттинэр. Онтон кыыһа 4 сааһын туолуута төттөрү Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн, 10 сыл Почта тэрилтэтигэр телефонистканан үтүө суобастаахтык үлэлиир. Бу кэмнэрин истиҥник ахтар. Онтон 1970 сылтан ыарыһахтаан, 1975 сыллаахха инбэлииккэ тахсар.

Кэргэнинээн, Николай Федоровичтыын икки тулаайахтар булсан, 1976 сыллаахха икки өттүттэн үстүү-түөртүү оҕолоох сүрэхтэрин холбообуттар. Ааспыт сылга кэргэнэ инсуллаан, аҥарын кыаммат буолбутугар социальнайдар көмөлөрүгэр наадыйар буолбуттар. Көрүүтэ-истиитэ үчүгэй буолан, атаҕар турда диэн астына этэр.

Аны быйылгы дьылга Розалия Павловна иккитэ атаҕын тоһутан, наадатыгар ыраах барбат буолбут. Ол эрэн, күн бокуойа суох түбүгүрэн, ийэ, дьахтар аналынан дьиэ иһинээҕи үлэтин-хамнаһын доруобай киһитээҕэр ордуктук кыайарын-хоторун — таһырдьа ыйанан турар кылбаччы сууллубут утуйар таҥастар туоһулууллар. Илиитэ күүстээх буолан, 81 сааһыгар диэри таҥаһы илиитинэн сууйарын илэ бааччы көрөн, сөхтүм. «Эһиги, эдэр дьон, күнү быһа оту-маһы кытта өрө мөхсө үөрэниҥ, оччоҕо мин курдук барытын кыайыаххыт, күүстээх дьон буолуоххут», — диэн баран кырдьан мыччыстыбыт илиитин салгыҥҥа күөрэтэр.

Розалия Павловна кыра сааһыттан тулаайах хаалан, ийэ-аҕа тапталын билбэтэх буолан, бэйэтин төрөппүт оҕолоругар төһө сүрэҕэ киэҥинэн, таптала төһө тиийэринэн төрөппүт түөрт оҕотун атахтарыгар туруортаабытын астына кэпсиир:

«Билигин улахан кыыһым 60-нун туолла, иккис кыыһым 55-һэ, кыра кыыһым номнуо 53-тээх. Уолум барахсан баара буоллар, быйыл 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри тэринэ сылдьар буолуох этибит… Тилигирии сылдьар эдэр киһи сууллан түспүтэ да, сүрэҕэ тэппэт буолаахтаабыта. Көр, киһи олоҕор итинник, бүгүн суорҕанынан сууланаҕын, сарсын ийэ буоргун бүрүнэҕин. Онон эдэр дьон, үөрэҕи бата, сырдык диэки талаһа, сайдыҥ! Оҕоҕо, төрөппүккэ тапталы, истиҥ сыһыаны туохха да атастаһымаҥ!», — диэн баран, киһим ууламмыт хараҕын куоттарда.

Иннибэр олорор ытык кырдьаҕас салгыы: «Билигин, ама да ааспытын иһин, олоҕум барахсан миэхэ анаабыт түһүүлэрин-тахсыыларын дьылҕам саамай күндү бэлэҕинэн ылынабын. Мин дьоллоох эмээхсиммин дэнэбин, 8 сиэннээхпин, уонча хос сиэннээхпин – бу буоллаҕа мин үйэлээх сааспар муспут баайым. Тулаайах, соҕотох киһи бу бачча тэнийбитин санааҥ (чэпчээбиттии үөһэ тыынар). Олохпор табыллыбатым, мантым итэҕэс, онтум тиийбэт диэн хаһан да ытыы сылдьыбаппын, баары баарынан ылынан бачча сааспар диэри олорон кэллим. Эһиги эмиэ, киһи сиэринэн киэҥ көҕүстээх буолуҥ. Табыллыбат диэн тыл эһиэхэ суох буоллун. Төгүрүччү табыллыҥ! – диэн алгыс тыллаах кэпсээнин түмүктээн, түннүгүнэн көрөн, атаара хаалла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Происшествия

Коммунальщики устраняют последствия аварии в поселке Большой Нимныр Алданского района

В поселке объявлен режим повышенной готовности

12.12.2024
  • Культура

В Якутске весной 2025 года представят спектакль «Сестры»

В спектакле раскрывается образ матери, воспитавшей героя, и женщины, способной любить и ждать бойца

12.12.2024
  • Происшествия

Прокуратура Нерюнгри начала проверку по факту обрушения кровли в шахте Инаглинская

По оперативным данным, пострадало два человека

12.12.2024
  • Культура

В Якутске состоялась премьера семейного фэнтэзи-фильма «Аптаах дорҕоон»

Фильм стал дебютом в кино для известного в республике иллюзиониста Алексея Гольдерова

12.12.2024
  • Главное
  • Происшествия

В Якутии на угольном месторождении произошло обрушение: под завалами оказались два человека

Сотрудники МЧС России достали одного, он в сознании. Второго - ищут

12.12.2024
  • Общество

Айсен Николаев навестил якутских бойцов в главном военном госпитале

Военнослужащие поделились эпизодами боевой службы, интересовались новостями Якутии, рассказали о своем самочувствии

12.12.2024