Үөһээ Бүлүүтээҕи дьарыктаах буолуу киинэ олохтоохторго бэйэлэрин дьыалаларын арыйалларыгар көмөлөһөр

15:10, 01 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Дзен
afisha.png

Быйылгы сыл Саха Республикатыгар Дьарыктаах буолууну өйүүр сылынан биллэрилиннэ. Үөһээ Бүлүү улууһугар нэһилиэнньэ дьарыктаах, үлэлээх буоларын туһугар элбэх сорук, былаан ылылынна. Олохтоох Дьарыктаах буолуу киинэ үлэтэ суох сылдьар учуокка турбут дьон дьарыктаах буолалларыгар үлэлэһэр. 


Дьону дьарыктыырга төһүү күүһүнэн бэйэ дьыаланы арыныыга субсидия көмөтө буолар. Ол эбэтэр, учуокка турбут киһи бэйэ дьыалатын арынар баҕалаах буоллаҕына, анал хамыыһыйаҕа биисинэс-бырайыак көмүскүүр, предприниматель быһыытынан регистрацияланар уонна туттар тэрил атыылаһарыгар субсидия ылар. Субсидия кээмэйэ – 152 тыһ. солк. харчы. Салгыы субсидияны туохха туттубутун туһунан 6 ый иһигэр отчуоттуохтаах.

Маннык субсидиянан Үөһээ Бүлүү улууһугар 2015 сыллаахха 10 киһи, 2016 сыллаахха 4 киһи, оттон ааспыт 2017 сылга 12 киһи туһанан, билигин үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Субсидияны миэбэл, мас оҥоруутугар, иискэ, шиномонтаж, кондитерскай сыаҕы арыйыыга о.д.а. туһаннылар. Ордук Тамалакаан, Кэнтик, Үөдүгэй, Хоро нэһилиэктэрин олохтоохторо бэйэ дьыалаларын арыйдылар.

Николай Петров, Дьарыктаах буолуу киинин сүрүннүүр исписэлииһэ:

— Үлэтэ суох дьону кытары күүскэ үлэлэһэбит. Нэһилиэк баһылыктарын кытары кэпсэтэн, кинилэр олорор нэһилиэктэригэр туох өҥө наадатын билэн, наардаан, дьон дьарыктаах буоларыгар соруктаахпыт. Холобура, Боотулуу нэһилиэгэр пилорама суох буолан, нэһилиэнньэ кэккэ ыарахаттары көрсөр. Бу маннык курдук хайысхаларга субсидия туһалаах буоларыгар үлэлэһиэхпит. Онон, үлэлиэн баҕалаах дьону Дьарыктаах буолуу киинигэр ыҥырабыт.

Салгыы Дьарыктаах буолуу киинин исписэлиистэрин кытары субсидиянан туһаммыт дьон хайдах тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрдүбүт, ирэ-хоро кэпсэттибит.

Сөбүлүүр дьыалабынан дьарыктанабын

Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Сусанна Николаева минньигэс тортарынан нэһилиэнньэни күндүлээбитэ 15 сыл буолла. Сусанна аан бастаан оҕо көрөн олорон торду сакааска оҥорор буолбута, онтон ылата үлэтин саҕалаабыта. Кини бисквиты буһарарга ийэтиттэн үөрэммитэ, оттон сибэккинэн киэргэтэргэ ийэтин дьүөгэтиттэн Людмила Давыдоваттан маастар-кылаас ылбыта.

Дьарыктаах буолуу киинин субсидиятынан 2017 сыл балаҕан ыйыгар туһаммыта, ол харчытынан иһит сууйар, куурдар анал оборудованиены, астыыр остуолу, онно эбии кирэдьиит ылан туттар тэриллэрин атыыласпыта. СЭС ирдэбилинэн, илии, иһит суунар сир о.д.а. туруортарбыта. Бэйэтин күүһүнэн, Дьарыктаах буолуу киинин көмөтүнэн дьоҕус кондитерскай сыаҕы арынан үлэлии, сүүрэ-көтө сылдьарын көрөн олус үөрдүбүт.

Кини 15 сыл устата тордун арааһын кэҥэтэн, мүөттээх, бисквит, йогурттаах, сакалааттаах, «Кыһыл бархат», «Улар уйата», «Чараппаахы», үлүннэриитэ суох тортары оҥорор.

Салгыы Сусанна Андреевна маннык кэпсиир:

Элбэх сакаас киирэр, тортарбын нэдиэлэҕэ биирдэ икки маҕаһыыҥҥа туттарабын. Үгүс сакаас сакалааттаахха уонна «Кыһыл бархатка» киирэр. Дьокуускай куораттан, оннооҕор Санкт-Петербург куораттан сакаастыыллар, маннык аадырыска ийэбитигэр тиэрдиэххит дуо диэн көрдөһөллөр. Төлөбүрүн «Мобильнай баанынан» ыыталлар, тортарын аадырыстарыгар тиэрдэбин, дьоннорун соһутабын (күлэр).

Торду астыырбар аҕабыт, улахан кыыһым кэлэн көмөлөһөллөр. Кыргыттарым батыһа сылдьан элбэххэ үөрэннилэр. Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка Юлия Шафраҥҥа маастар-кылааска баран, кириэминэн сибэккилэри оҥорорго үөрэнэн кэллим, элбэх саҥаны биллим.

Инникитин кафе арынар ыра санаалаахпын, бу дьыалабын улаатыннарыахпын баҕарабын. Бэйэм баҕабынан сөбүлүүр дьыалабынан дьарыктанарбыттан, ас астыы сылдьарбыттан олус астынабын, дуоһуйууну ылабын.

Көмүс тарбахтаах Сардаана

Үөдүгэй олохтооҕо Сардаана Харахова ииһинэн дьарыктанар. Кини иистэнэригэр эдьиийэ Ульяна Бабаранова көмөлөһөр. Кыһынын түүлээх таҥастары, соннору, бэргэһэлэри тигэллэр, онтон атын кэмҥэ таҥас арааһыгар барытыгар сакааһынан үлэлииллэр. Үөһээ Бүлүүттэн эрэ буолбакка, Дьокуускай, чугастыы сытар Бүлүү, Ньурба куораттарыттан сакаас киирэр.

2017 сыллаахха субсидия ылан, соторутааҕыта Дьокуускай куораттан быысыбайдыыр анал массыына атыылаһан кэллэ. Бу массыына көмөтүнэн араас уруһуйдары түһэриэн сөп. «Быысыбайдыыр массыынабын атыылаһа сылдьан, элбэх иистэнэр массыынаны көрдүм, ордук оҕуруону тиһэр массыынаҕа ымсыырдым. Билигин биһиги оҕуруону илиибитинэн тиһэ сылдьабыт, ол, биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар. Инникитин иистэнэр массыыналарбын өссө элбэтэн, көмөһөөччүлэри үлэҕэ ылыахпын баҕарабын«, — диэн көмүс тарбахтаах Сардаана Харахова санаатын үллэһиннэ.

Дьыбаан оҥорор эдэр аҕа

Тамалакаан нэһилиэгиттэн төрүттээх Кэнтик нэһилиэгин олохтооҕо Евгений Егоров кэргэнинээн Ириналыын, уолунаан Кириллыын дьиэлэригэр киирбиттэрэ саҥа икки ый буолла. Эдэр аҕа дьиэлэрин иһин бэйэтэ оҥорбут миэбэлинэн толордо. Дьиэ тутуутугар уопуттаах эдэр уол сымнаҕас миэбэл оҥоруутунан дьарыктанар. Остуолга, олоппоско, кириэһилэҕэ, дьыбааҥҥа, пуфиктарга сакаастары ылар.

Үлэ көрдүү сылдьан субсидия туһунан истибитим, сайабылыанньа суруйан, биисинэс-былаан көмүскээн көмө харчы ыллым. Бу харчынан туттар тэриллэрбин атыыласпытым. Интэриниэтинэн араас видеолары көрөн, үөрэнэн, дьыбааннары оҥорор, тигэр буоллум. Туттар матырыйаалларбын улуус кииниттэн атыылаһабын, билиҥҥи кэмҥэ маҕаһыыннарга барыта баар. Биир дьыбааны 20 тыһ. солк. оҥоробун. Сакаас аҕыйах, дьиэбин оҥостон саҥа бүтэн эрэбин, ол иһин үчүгэйдик ылсыбака сылдьабын. Мас уустарын кытары билсиһэр, кинилэргэ үөрэнэр, уопут атастаһар баҕалаахпын.

Бу курдук эдэр киһи бэркэ тэринэн олорорун көрдүбүт-иһиттибит, дьиэ тутта сылдьан талаанын арыйан, ону сайыннаран, сөбүлүүр дьыалатынан үлэлээн эрэр эбит.

Кэнтиккэ «Шиномонтаж» үлэлиир

Петр Дмитриев ааспыт сылга Кэнтик нэһилиэгэр «Шиномонтаж» арыйан массыыналаах олохтоохтор олус абыраннылар. Үөһээ Бүлүүттэн да тахсаннар, массыыналарын оҥоттороннор, үгүс махтал тылларын истэллэр.

Петр Егорович кэпсээбитинэн, субсидия харчытынан шиномонтаж оборудованиетын атыыласпыт, көлүөһэ иһин-таһын оҥоруутунан о.д.а. үлэнэн дьарыктанар. Инникитин да туттар тэрилин арааһын кэҥэтэр былааннаах. «Дьыалабын арыйарга күүс-көмө буолбут улуус баһылыгар Владимир Поскачиҥҥа, Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар, баһылыкка Валерий Николаевка, Дьарыктаах буолуу киинигэр, салайааччы Анатолий Лыткиҥҥа, исписэлиистэргэ Владислав Семеновка, Николай Петровка субсидия туһунан сиһилии быһааран, кэпсээн биэрбиттэригэр махтанабын, Дьарыктаах буолууну өйүүр сыл үүммүтүнэн эҕэрдэлиибин уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабын», — диир кини.


Кырдьыга, Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө көрүллэр субсидия үлэтэ суохтарга бэйэ дьыалаларын арыналларыгар төһүү күүһүнэн буолар. Мантан кынаттанан, үлэлэрин өссө сайыннаран, кыаҕыран, үлэ таһаарыылаах буолара саарбахтаммат. Улууска, чуолаан тэйиччи сытар нэһилиэктэргэ үлэтэ суох дьон маннык көмө субсидияларынан туһаналлара буоллар, өҥө арааһын нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэ, үлэлиэ-хамсыа этилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
15 декабря 15.12
  • -37°
  • $ 103,43
  • 109,01

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: