Балаҕан ыйын 10 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо бары биир санаанан үһүс төгүлүн баһылыгынан Владимир Поскачины таллыбыт. Инаугурация саҥа тутуллубут култуура киинигэр буолбута ордук суолтаны биэрдэ.
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин культуратын киинигэр Владимир Поскачин баһылык солотугар киирэр сиэрэ-туома ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ транспорка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Семен Винокуров, «Биир ньыгыл Россия» Саха сиринээҕи партияттан Дмитрий Никифоров, Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин депутаттара, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара уонна улуус общественноһа кытыннылар.
Владимир Поскачин Үөһээ Бүлүү улууһун Устаабыгар илиитин ууран туран андаҕар биэрбитин кэнниттэн, СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай наука доктора Василий Долгунов түөскэ кэтиллэр баһылык үрүҥ көмүс бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Тэрилтэ салайааччыларын аатыттан ОДьКХ салайааччыта Василий Николашкин, улуус кэнчээри ыччатын аатыттан Күндэлэй Яковлев, баһылыктар ааттарыттан Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев эҕэрдэ тылларын эттилэр. Салгыы өр кэм баһылыктаан олорбут Николай Николаев, Михаил Донской, Иван Ан, Алексей Герасимов о.д.а. сыанаҕа ытыс дохсун тыаһыгар доҕуһуоллатан улуус баһылыгын эҕэрдэлээтилэр. Владимир Семенович кинилэргэ үгүс сыралаах үлэлэрин иһин махтанан туран, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.
СӨ транспорка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Семен Винокуров:
— «Биһиги күүспүт – түмсүүгэ» диэн этиинэн сиэттэрэн, бүгүҥҥү тэрээһин олус бэркэ ааста. Үөһээ бүлүүлэр быйылгы быыбарга түмсүүлээххитин көрдөрдүгүт, ол түмүгэр Владимир Семенович саамай үрдүк көрдөрүүлээх баһылыгынан буолла. Муниципальнай оройуон баһылыгар 77% — саамай үрдүк көрдөрүү диэн киэн туттабыт.
Владимир Семенович 10-ча сыл Үөһээ Бүлүү улууһун сайдыытыгар үлэлээтэ. Элбэҕи оҥордо. Биир дьоһуннаах холобурунан быйыл ыытыллыбыт Манчаары оонньуута буолар. Улахан түһүлгэ Үөһээ Бүлүү хайдах сайдан кэлбитин федеральнай, республиканскай таһымҥа дьэҥкэтик көрдөрдө.
Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ айаннаан кэлэн иһэн дьүкээбили көрдүм, бу көстүү үөһээ бүлүүлэргэ, Владимир Семеновичка сырдыгы аҕалар диэн бэлиэтээтим. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, Үөһээ Бүлүү улууһа сайда-чэчирии турдун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: