Дьааҥы улууһун Адыаччытыгар киһи доруобуйатын чинчийэр экспедиция үлэлээтэ

Алтынньы ыйга Адыаччыга Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет медицина институтуттан Саха сирин оройуоннарын олохтоохторун доруобуйаларын кэтээн көрөр, чинчийэр-үөрэтэр аналлаах экспедиция кэлэн үлэлээн барда. Медицина наукатын дуоктара, профессор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын академига Вадим Григорьевич Кривошапкин салайан ыытта.


Экспедиция Дьааҥы улууһун Адыаччытыгар 11 күн толору үлэлээтэ. Нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөн-истэн, чинчийии ыыттылар. Мин медицина наукатын дуоктара, ХИФУ мединститутун клиникатын научнай экспедициятын салайааччытын солбуйааччы А.И. Сивцеваны кытта кэпсэттим.

— Анна Иннокентьевна, эһиги научнай экспедицияҕыт туох сыаллаах-соруктаах Дьааҥыга, чуолаан Адыаччыга кэлэн үлэлээтэ?

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын академиятын иһинэн бырайыак оҥоһуллан, судаарыстыбаннай контракка олоҕуран, ХИФУ мединститута Саха сирин түөрт оройуонугар научнай-чинчийэр экспедицияҕа анал биригээдэлэри ыыталаан, үлэлэтэ турар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүүгэ, Эбээн-Бытантайга уонна Дьааҥыга бу алтынньы ыйга үлэлээтибит. Сүрүн сыалбыт-сорукпут — дьон-сэргэ доруобуйатын көрүү, аһылыгын үөрэтии, тулалыыр эйгэ, олох таһыма доруобуйаҕа дьайыытын билии. Инники өттүгэр бу чинчийии түмүгүнэн хаттаан нэһилиэнньэни көрөн, доруобуйалара хайдах туруктааҕын, хайдах сайдан кэлбитин тэҥнээн көрүллүөҕэ, дьону-сэргэни эмтээһин хайдах ыытыллыахтааҕын түмүктэрэ оҥоһуллуоҕа.

Эн бэйэҥ сүрэх, хаан баттааһына, тымыр ыарыыларын сэргэ УЗИ-га ис уорганы, быары, бүөрү, хабаҕы, үөһү көрдүҥ, чинчийдиҥ. Ол туһунан Эн санааларыҥ, төһө киһи хайдах, ханнык ыарыыга ыалдьар эбитий? Былааннаах киһи ахсын ситэри көрдүгүт дуо?

— Бу көрүүбүнэн, улахан ыарыы суох. Статистика көрдөрүүтүн курдук ыарыылар, тыа сирин уларыйбат олоҕор баар ыарыылар син бааллар. Үөс, быар ыарыылара үксүн саһарардаан ыалдьан баран, эмтэнии кэнниттэн үчүгэй харыстаныы суоҕуттан тахсар, кэмиттэн кэмигэр эбии эмтэнии куурустарын ылбат буолуу бу ыарыыны олохсутар. Бүөр ыарыылаахтар үксэ тымныйыыттан. Сүрэх ыарыыта, бронхит, астма, хаан баттааһынын үрдээһинин курдук ыарыылар олохсуйуулара кырдьыыны кытта тэҥҥэ барсан иһэрэ көстөр, ордук уойуу, нуорманы таһынан ыйааһыннаныы, хамнаммакка олоруу эмиэ манныкка тиэрдэр.

Аһалыккытын ыйыталаһан анкеталааһын түмүгүнэн көрдөххө, үүт аһылыгын аҕыйахтык туттаҕыт, оҕуруот аһын нуормата кыра эбит. Үксүн тастан киирэр үүт, маргарин, аҕыйах бырыһыаннаах арыы, ыһаарыламмыт аһы хото туттуу — бу доруобуйаҕа, ыалдьар дьоҥҥо туһата кыра, доруобуйаны харыстаныыны туора сотор. 11 күн устата 500 киһини хаптыбыт Адыаччы нэһилиэгиттэн ураты Остуолба, Элгэс, Баатаҕай, Верхоянскай нэһилиэктэриттэн көрдөрдүлэр.

Быар ыарыылаахтартан анаалыс ыллыбыт, ону таһынан доруобуйаларын туругун билэргэ уопсай анаалыс оҥордубут, ол түмүгүнэн нэһилиэнньэ ханнык ыарыынан ыалдьара чуолкайданыа. Анаалыстар түмүктэрин манна балыыһаҕа ыытыахпыт, хайдах эмтэнэллэрин ыйыахпыт.

— Анна Иннокентьевна, бу наадалаах, туһалаах үлэҕитигэр инники былааннаргыт туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?

— Инники былааннар элбэхтэр. Үлэбит түмүктээх, дьон-сэргэ доруобуйата аныгы сайдыылаах олоххо бэлэм буоларыгар, ыалдьыбакка уһуннук олорорун туһугар туһуланар биһиги үлэбит. Мединститут нэһилиэнньэ доруобуйатын чинчийэр научнай экспедицията Өлөөн, Анаабыр оройуоннарыгар үлэлии сылдьар. Манна сиртэн хостонор необий диэн РЗМ (редко земельный металл) баар, бу сэдэхтик көстөр сиртэн хостонор баай уруудатын туһаҕа таһаарыы тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо төһө буортулааҕын быһаарыахтаахпыт. Бу оборуона промышленноһыгар туттуллар металл, урут Кытайтан ылан олорбуттар эбит.

Саха сирин төрүт олохтоохторун таһынан аҕыйах ахсааннаах омуктар доруобуйаларын кэтээн көрөбүт, чинчийэбит. Красноярскайдааҕы НИИ профессора этэринэн, 2002 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпис түмүгүн кытта 2010 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпис түмүгүн тэҥнээн көрүүнэн, Арассыыйа үрдүнэн 45 аҕыйах ахсааннаах омук баарыттан 2 кыра омук суох буолбут, сүппүт. Ону таһынан 5-6 омук ахсааннара аҕыйыы турар. Оттон Саха сирин омуктара эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, долганнар, кыралаан да буоллар, эбиллэ тураллар. Биһиги бу үлэбитин түмэн отчуот оҥоробут, научнай үлэ бэлэмниибит, брошюра таһааттарабыт, дойду сурунаалларыгар, тас дойдуларга тиийэ үлэбит бэчээттэнэн тарҕанар. Онон бу эһиги доруобуйаҕытын үөрэтэн, харыстыырга, эмтииргэ сыаллаах-соруктаах улахан үлэ буолар.

Салгыы лор быраас, медицина наукатын хандьытаата, ХИФУ мединститутун үлэһитэ Е.Н. Сивцеваны кытта кэпсэттим.

— Елена Николаевна, эйиэхэ элбэх киһи сырытта быһыылаах, дьон истэр уорганнарын туруга хайдаҕый?

— Интэриэһиргээн, тугу эмэ туһаннарбыт уонна истэр уоргаммыт хайдах эбитий диэн, дьон элбэхтик көрдөрдө. Көрдөрбөккө, эмтэммэккэ кулгаахтарын ыарыытын олохсутан кэбиспит икки киһиэхэ анал эпирээссийэ наада буолбут. Истибэт буолуу үксүн кырдьаҕас дьоҥҥо баар, сааһыран эрэр дьоҥҥо истэллэрэ мөлтөөһүнэ бэлиэтэннэ. Ыччаттар, оҕолор олус чараас бэргэһэни кэтэллэрэ көстөр, ол кэлин биллиэ, мэһэйдиэ. Генетикаҕа анаалыс оҥорон, үөрэтии ыытыллыан наада.

Үһүс кэпсэппит исписэлииһим С.С. Шадрина, ревматолог быраас, ХИФУ мединститутун «Доруобуйа» НИИ ыстаарсай научнай үлэһитэ.

— Светлана Семеновна, эйиэхэ көрдөрөн, сүбэ-ама ылан, хайдах эмтэниэххэ сөбүн билиэн баҕалаах элбэх. Ревматолог быраас кэлбит үһү диэн олус сэҥээрбиттэрэ. Уҥуох, сүһүөх ыарыылаахтар элбэхтэрэ биллэр, балаһыанньа хайдах эбитий?

— Көрдөрбүт дьон ыарыытын ноҕуруускаттан, нуорманы таһынан ыйааһыннаныыттан, кырдьыыттан, эчэйииттэн диэн араарыахха сөп. Үксүн илии-атах үлүтүүтэ элбэҕэ бэлиэтэннэ, оһоллонуу да баар уонна үксэ тымныйыыттан ыарыы элбэх, оннооҕор 20-чэ саастаах эдэр дьон аҥардас тымныйан сүһүөхтэрэ ыалдьара бэлиэтэннэ.

Дьиҥ сүһүөх ыарыыта кырдьаҕас дьоҥҥо баар. Үксэ эмтэниллэр ыарыылар. Харыстаныы суох, эрдэ көрдөрүнэн эмтэнии ыытыллыбат, адьас мэһэйдэннэхпитинэ эрэ балыыһаҕа наадыйабыт, ол дьэ баар суол.

— Чопчу бу ыарыыны эмтиир, дьоҥҥо көмөлөһө диэн анал хамыыһыйа кэлэрэ буоллар бэрт буолуо этэ диэн айаны-сырыыны ыарырҕатар дьон туруорсуута, баҕата элбэх. Ол кыаллыа дуо?

— Кыаллан буолумуна, маннык ыарыылаахтар айаны да кыайбаттара биллэр. Оройуоҥҥут балыыһатын кылаабынай бырааһа О.И. Гатилова олус киэҥ былааннаах, үлэһит киһи, кини манныгы тэрийиэ.

Кырдьыга даҕаны олус наадалаах, туһалаах экспедиция кэлэн барда. Дьон истиһэ-истиһэ күргүөмүнэн кэлэн көрдөрдө, элбэҕи биллэ, туһанна. Быраастар дьону аҥардас көрөн, чинчийэн үөрэтиинэн эрэ муҥурдамматтар. Хас биирдии көрдөрөөччү медкарточкатыгар туох ыарыылааҕа, тугунан эмтэниэхтээҕэ, өссө ханна көрдөрүллүөхтээҕэ кытта сурулунна, сүбэ-ама ылла.

Экспедиция састаабыгар үлэлээтилэр: Сивцева Анна Иннокентьевна — медицина наукатын дуоктара, ХИФУ мединститутун клиникатын научнай экспедициятын салайааччытын солбуйааччы; Елена Николаевна Сивцева — медицина наукатын хандьытаата, ХИФУ мединститутун үлэһитэ, лор быраас; Светлана Семеновна Шадрина — ХИФУ  «Доруобуйа» НИИ ыстаарсай научнай үлэһитэ, ревматолог быраас; Алена Михайловна Дохунаева — ХИФУ  «Доруобуйа» НИИ научнай үлэһитэ; Айталина Николаевна Тролукова — медицина наукатын хандьытаата, ХИФУ мединститутун доцена; Ирина Васильевна Борисова — ХИФУ мединститутун клиникатын биэлсэр лаборана; Николай Николаевич Сыромятников — ХИФУ мединститутун клиникатын невролог бырааһа; Ирина Платоновна Сивцева — ХИФУ мединститутун эндоскопист бырааһа; Андрей Андреевич Кырбасов — ХИФУ мединститутун инженер дозиметриһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Общество

АЭБ запускает акцию «Ёлка добра» для поддержки детей с синдромом Дауна

Банк получил более 40 писем от детей, в которых они поделились самыми сокровенными желаниями

12.12.2024
  • Здоровье

Единый контакт-центр здравоохранения Якутии за год обработал свыше 1,7 млн обращений

Он работает не только с поликлиниками столицы, но и с 20 центральными районными больницами республики

12.12.2024
  • Транспорт

В Сунтарском районе открыли ледовую переправу между селами Сунтар и Туойдах

Всего в регионе эксплуатируется 21 ледовая переправа

12.12.2024
  • Инфраструктура

В Нюрбинском районе возведут новые объекты к IX Спортивным играм народов Якутии

Финальная часть спортивных соревнований состоится с 7 по 11 июля 2027 года в Нюрбе

12.12.2024
  • Общество

В нацпроекты включат разделы с мероприятиями мастер-планов дальневосточных городов

Мастер-планы создавались, чтобы решить ключевые проблемы дальневосточников

12.12.2024
  • Суд да дело

Бывшего военкома Якутска приговорили к десяти годам колонии за взятки

Он получил за освобождение от военной службы более 890 тысяч рублей

12.12.2024