Чурапчыга чөл туруктаах олоҕу талааччылар ахсааннара элбиир

Улуус баһылыгын А.Т. Ноговицын анал дьаһалынан балаҕан ыйын 15 күнүгэр Чурапчы улууһун үрдүнэн ыытылла турар «Неделя пропаганды трезвости» чэрчитинэн «Трезвость — выбор сильных» диэн улахан улуустааҕы тэрээһин ыытылынна. Чөл олоҕу пропагандалаан общественнай тэрилтэлэр, улуус оскуолалара, уһуйааннара быыстапка туруордулар.


Бу күн чэрчитинэн сыл аайы ыытыллар «Байылыат тиэргэн» диэн нэһилиэктэр икки ардыларыгар күрэх тэриллиннэ. «Папа, мама и я -спортивная семья» күрэххэ эмиэ олус эрийсиилээх, өрө күүрүүлээх киирсии буолла. Быйыл хамаандалар олус бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ астыннарар. Киин болуоссакка чөл олох быыстапкаларын сэргэ агрооскуолалар, бааһынай хаһаайыстыбалар атыы-эргиэн тэрийдилэр. Улуус культураҕа управлениета чөл олоҕу уруйдаан кэнсиэр көрдөрдө. Онон дьон кэлиитэ олус үгүс, тэрилтэлэр кыттыылара көхтөөх буолла.

Чөл олох пропагандатын элбэх киһи ортотугар тэрийэн ыытар көдьүүһэ тута көстөр. Халлааммыт да туран биэрдэ. Бу маассабай дьаһаллары сэргэ оскуолаларга, Чурапчытааҕы институкка бэсиэдэлэр, чөл олоҕу сырдатар кэпсэтиилэр тэриллиннилэр. Арыгыттан аккаастанар суолу тутуһар дьоҥҥо психологтар көмө көрсүһүүлэрэ буолла. Саха итэҕэлин сиэринэн уйулҕаны күүһүрдэн бүдүрүйбүттэри өрө тардыы, санааларын ыраастааһын сиэрэ-туома ыытылынна.

Бу дьаһалларга кыттыыны ыллылар М.И.Лыткин, «ТЭРЧИ» түмсүү психологтара, улуус бары социальнай тэрилтэлэрэ, бааһынай хаһаайыстыбалар. Чөл олоҕу туругурдуу государственнай политика буолан общественность өйөбүлүн Чурапчы улууһугар киэҥник ылла. Сыл ахсын былааннаах үлэ кэҥээн, көмөлөһөр дьоно үксээн, ыытыллар дьаһаллара таһымнанан иһэллэрэ махталлаах.

Дьон чөл олоххо тардыһыыта сыллата күүһүрэр, олохтоох дьаһалталар үлэлиир методикалара тупсан, туһааннаах дьоҥҥо тиийимтиэ буолан иһэр. Бу сотору кэминэн чөл олоҕу туругурдар социальнай десант нэһилиэктэри кэрийэн анал дьаһаллары, көрсүһүүлэри, мунньахтары тэрийиэ. Ол десант сүрүн күүһүнэн общественнай тэрилтэлэр буолуохтара.

Чурапчы улууһугар чөл олоҕу тарҕатыыга туһаайыллыбыт үлэҕэ улуус дьаһалтатыгар, нэһилиэк салалталарыгар, күннэтэ үлэлиир туһааннаах тэрилтэлэргэ общественнай түмсүүлэр күүс-көмө буолаллар.

Пинигина Екатерина Васильевна «Вся правда о наркотиках» лекциятын — 63 оҕо, Матвей Иванович Лыткин иһитиннэриитин — 53 оҕо, 60-тан тахса устудьуон иһиттэ. «Тэрчи» дьиэ кэргэн уйулҕатыгар көмөнү оҥорор киин Дьокуускай куораттан кэлэн алта олоҕор ыарахан туруктаах балаһыанньалаах ийэҕэ көмөлөстө.

«Мама, папа и я» күрэххэ предприниматель З.Н. Сивцева «Ситим» магазин 13 100 солк. сыаналаах велотренажеру 1 миэстэлээх дьиэ кэргэҥҥэ бэлэхтээтэ.

«Аргыстаана» автоледи кулууп уонна ГИБДД пропагандаҕа отдела кыттыһан «Алькоголь и дорога несовместимы» акция ыыттылар. Улахан кылаас оҕолоро бу манна кыттыыны ылбыттара кэрэхсэтэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Общество

В 2025 году якутяне хотят увеличения дохода, повышения квалификации и карьерного роста

Каждый четвертый респондент признался, что у него нет конкретных профессиональных целей

12.12.2024
  • Спорт

«Это не так просто». Боксёр Василий Егоров — о последней весогонке в карьере перед прощальным боем

Якутскому боксёру противостоит филиппинец Джевен Вилласайт

12.12.2024
  • Общество

Более трех тысяч раз воспользовались сервисом «Забота» участники СВО и их семьи в Якутии

Сервис объединяет все основные действующие на данный момент меры поддержки

12.12.2024
  • Культура

Команда фестиваля «Кино на службе Отечеству» посетила алмазную выставку в Якутске

Выставка «100 именных алмазов к 100-летию государственности Якутии» представлена в музее «Россия — моя история»

12.12.2024
  • Главное
  • Происшествия

В Якутске поступило сообщение о минировании школы

На месте работают экстренные службы

12.12.2024
  • Происшествия

Площадь пожара в магазине в Якутске составила 800 квадратных метров

Пожарные отработали по повышенному рангу

12.12.2024