Чурапчы көһөрүүтүн 75 сылыгар анаан Чурапчы улууһун В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын «Өйдөбүл» экспедициятын кыттыылаахтара «Хатылы – Аллараа Бэстээх» маршрутунан сатыы хаамтылар. Кинилэр Халыма аартыгын батыһа баар нэһилиэктэри хабан, Чаачыгыйга сылдьан, Аллараа Бэстээххэ тиийдилэр.
Чаачыгыйга «Илгэ» лааҕыр 3-с сезонун оҕолоро, үлэһиттэрэ экспедицияны үрдүк тэрээһиннээхтик көрүстүлэр. Татьяна Артемьева алгыс сиэрин-туомун оҥордо, арыылаах алаадьынан айах туттулар, оҕолор ыллаан-туойан билистилэр. Экспедиция салайааччыта Хоютанова Екатерина Романовна өр сылларга толкуйдаабыт бырайыагын олоххо киллэрэн бу уһун унньуктаах айан тэрилиннэ. Экспедиция сыала-соруга – ким да умнуллубат, туох да умнуллубат дииллэринии, история бу кэрчик кэмин үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрии.
1942 сыллаахха сэриини сэргэ сут-кураан туран, партия уобаластааҕы кэмитиэтин уурааҕынан Чурапчыттан 41 холкуос 4988 киһитэ күүс өттүнэн хоту оройуоннарга балыктыы диэн көһөрүллэр. Булуҥҥа 759 киһилээх 10, Эдьигээҥҥэ 1736 киһилээх 13, Кэбээйигэ 2493 киһилээх 18 холкуос дьоно ыраах, уһун айаҥҥа туруммуттара. Эр дьон сэриигэ баран, үксүлэрэ дьахталлар, кырдьаҕастар уонна ыалдьар дьону кытары оҕолор этэ. Алтынньы ый чугаһыгар борохуоту кэтэһэн аһаҕас халлаан анныгар ыйтан ордук хоммуттар. Онон, өссө Бэстээх биэрэгиттэн саҕалаан өлүү-сүтүү саҕаламмыт. Дьон ыран, сылайан, саккырыыр тыыннара эрэ тиийэн, билбэт сирдэригэр олохсуйаллар. 1944 сыллаахха дьиэлэригэр төннөр уурааҕы истэн үөрүүнэн төрөөбүт түөлбэлэригэр төннөллөр. Бу кэлбиттэригэр Чаачыгыйдары алаҕардар ылбаккалар, Дьабыыл нэһилиэгиттэн «Киров» аатынан холкуос дьоно мунньаҕынан ыланнар, Чаачыгый сирдиин-уоттуун Дьабыыл нэһилиэгэр киирэр.
Сэрии иннинэ Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин ахсаана 17 тыһыынча эбит буоллаҕына, 1943 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн оройуон 7934 киһини, 30 тыһыынча ынах сүөһүнү, 7 тыһыынча сылгыны, атын да баайы-дуолу сүтэрбит.
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр чекист Н.В.Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолатыгар истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Манна «Чаачыгый» холкуостан Кэбээйигэ көһөрүүгэ сылдьыбыттартан педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ Самойлова Марфа Иннокентьевна, сопхуос үлэтин, тыыл бэтэрээнэ Борисова Варвара Егоровна, көһөрүллүбүт дьон оҕолоро Попова Изабелла Иннокентьевна, Попова Матрена Владимировна, Дергачева Татьяна Васильевна, кийииттэрэ Иванова Октябрина Гаврильевна көрсүһүүгэ кыттан, оччотооҕу кэмҥэ тугу өйдөөн хаалбыттарын ахтыы оҥордулар.
Экспедиция кыттыылаахтара проекторынан слайдалары көрдөрөн өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох көһөрүүгэ сыһыаннаах Хатылы нэһилиэгэр эрэ баар, РСФСР үтүөлээх учуутала Дмитрий Павлович Чечебутов 1992 сыллаахха төрүттээбит «Көһөрүллүү» мусуойун экспонаттарын көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Көһөрүү тиэмэтин хасыһан үөрэтэр, онон дьарыгырар Иванова Сайаана 9-с кылааһы, Тарабукина Туяра 8-с кылааһы, Хоютанов Валера 11-с кылааһы, Корнилов Слава 10-с кылааһы, Яковлев Ваня 10-с кылааһы бүтэрбит оҕолору экспедиция салайааччыта, Хатылы оскуолатын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Хоютанова, Кэбээйиттэн төрүттээх физрук Гаврил Кобяков, Дьокуускайдааҕы мединститут устудьуонката Александра Хоютанова, Хабаровскайдааҕы Тимир суол институтун устудьуонката Ирина Хоютанова, оскуола завхоһа, суоппар Евстафий Старостин арыаллыы сылдьаллар. Ыалдьыттар библиотекаларга, биирдиилээн дьоҥҥо «Если есть Память, есть история, а значит, есть будущее…» диэн буруолуу сылдьар альбом-кинигэни уонна «Чурапчы көһөрүүтэ – 75» халандаары бэлэх ууннулар.
Билигин 96 сааһыгар сылдьар нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдообото, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» Бочуот бэлиэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээл, «Ийэҕэ Албан аат» орден хаhаайката, Дьабыыл нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Пермякова Ульяна Егоровнаҕа дьиэтигэр тиийэн билистилэр. Ульяна Егоровна сахатын балаҕаныгар сүһүөҕэр сылдьан күндү ыалдьыттарын кытары биир-биир илии тутуһан дорооболоһон, итии-сылаас быһыыга-майгыга көрсөн, сандалы остуолугар ыҥыртаан олордон баахыланан, сугун барыанньатынан уо.д.а. күндүлээн чэйдэттэ.
Оччолорго 22 сааһыгар сылдьар Ульяна дьонун кытта Кэбээйи Куокуйугар хайдах эрэйдэнэн айаннаан тиийэн балыкка үлэлээбитин, көһөрүллүүнэн тиийбиттэр аҥардара кэриҥэ хоргуйан өлбүттэрин харааста кэпсээтэ. Кырдьаҕас өйө-санаата билигин да чэгиэн. Бу кини чөл олох илэ холобура буолар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 61-с төгүлүн ыытыллан кэлбит култуура уонна спорт эстэпиэтэтин биир да сыл көтүппэккэ кыл-сиэл оҥоһуктарынан кыттан кэлбитэ буолар. Ахсаана биллибэт кыл сэлээппэлэринэн, атын да оҥоһуктарынан лауреат, дипломант үрдүк ааттарын ылар. Сиэннэрэ Дьабыыл оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитэ Аня Попова, Дьокуускайтан «Айыы кыһатын» бастыҥ үөрэнээччитэ Айал Федоров эбэлээх эһэлэрин тустарынан стендэнэн оҥорбут дакылааттары аахтылар.
Температура воздуха в городе упала до -40 и -44 градусов
Подборка событий за среду
По итогам школы будут представлены 50 эскизов дизайна изделий из меха
Основное внимание в ходе встречи было уделено реализации в Якутии нацпроектов и поручений президента РФ
При этом в первой декаде декабря отклонение температуры от нормы составило 8,9 градуса
Альбом-каталог — третья книга серии о народном декоративно-прикладном искусстве из коллекции музея